Дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинэргэ сокуон тугу ирдиирий?
Дьокуускайга хаарбах туруктаах дьиэлэр олохтоохторун көһөрүү салҕанар. Дьаһалта 2020 сылга территориялары сайыннарыы дуогабардарын түһэрсиигэ аукционнары ыытар. Кыайбыт тэрилтэ дуогабар быһыытынан, Лермонтов, Ильменскэй, Строителей, Кл. Цеткин, Пекарскай, Жорницкай уонна Пионерскай уулуссаларга баар хаарбах дьиэлэри көтүрүөхтээх, олохтоохторун көһөрүөхтээх, ол сиргэ саҥа дьиэни тутан таһаарыахтаах.
Сокуон этэринэн, эргэ дьиэни хаарбах (ветхий) эбэтэр саахалланар туруктааҕынан (аварийный) билинэргэ хас да чопчу хардыыны оҥорорбутун билиэхтээхпит:
- СӨ Госстройжилнадзоругар уонна Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатыгар дьиэни чинчийэллэригэр көрдөһөн сурук суруйабыт. Бу сурук суруллара булгуччу буолбатах, ол эрэн төлөбүрдээх экспертизаҕа харчыны мээнэ бараабат туһуттан, бастаан бу уорганнарга бэрэбиэркэлэтиэхэ сөп. Кинилэр дьиэни хаарбах туруктааҕынан билиннэхтэринэ салгыы барабыт.
- Экспертиза сакаастыыбыт. Госстройжилнадзор уонна Роспотребнадзор дьиэбитин хаарбах туруктааҕынан билиннэҕинэ, 28.01.2006 сыллаахха тахсыбыт 47 №-дээх Бырабыыталыстыба уурааҕар олоҕуран, дьиэ техническэй туругун бэрэбиэркэлиир экспертизаны сакаастыыбыт. Бу экспертизата суох дьиэ хаарбах туруктааҕа бигэргэммэт. Экспертизаны БТИ-гэ сакаастыахха сөп, ол эрэн кэтэһиитэ уһун буолар. Күнүнэн кэлэн оҥорор чааһынай фирма үгүс.
- Дьаһалтаҕа
докумуоннары туттарабыт. Эксперт дьиэни дьон олорор
усулуобуйата суоҕунан аахтаҕына, Дьиэ-уот департаменыгар сайабылыанньа
суруйабыт. Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент Дзержинскэй уулуссатын
21-гэр баар. Онно маннык докумуоннары туттарабыт:
- сайабылыанньа;
- олохтоохтор пааспардарын куопуйата;
- дьиэни бас билии докумуоннара;
- эксперт таһаарбыт түмүгэ.
Сайабылыанньаны биир киһи биэриэн сөп. Ол эрэн кэлэктиибинэн илии баттаан биэрбит ордук.
- Дьаһалта дьиэни чинчийэр. Анаммыт күнүгэр Дьиэ-уот департаменыттан кэлэн дьиэни көрөллөр-истэллэр.
- Докумуоннар 30 хонугунан бэлэм буолуохтаахтар. Дьиэ хаарбах туруктааҕын туһунан акт уонна Дьаһалта дьаһала тахсар.
- Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар киирии. 16 Федеральнай сокуон «О Фонде содействия реформированию ЖКХ» сокуоҥҥа олоҕуран, бырагыраамаҕа 01.01.2017 сылга диэри хаарбах, саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр киирэн сылдьаллар. 2025 сылтан атын бырагыраама үлэлиэхтээх, онно 01.01.2017 сыл кэннинээҕи дьиэлэр киириэхтэрэ.
Дьокуускайга ханнык дьиэлэри көтүрэллэрий?
Куорат киинигэр кыараҕас, бэйэ-бэйэтигэр аһара чугас тутуу ыытыллыбыт буолан, билигин саҥа дьиэлэри тутан таһаарарга кэккэ күчүмэҕэйдэр үөскүүллэр. Ол иһин территориялары сайыннарыы, дуогабардары түһэрсии көдьүүстээх суол буолар. Тутааччы дуогабар түһэрсэн баран, хаарбах дьиэлэри көтүрэр, олохтоохтору атын дьиэҕэ көһөрөр уонна бу сиргэ дьиэ дьэндэтэн таһаарар.
Евгений ГРИГОРЬЕВ, баһылык бастакы солбуйааччыта:
— Территориялары сайыннарыы дуогабара дьону көһөрүүнэн тутар тэрилтэ дьарыктанарыгар кыах биэрэр. Оччоҕо барыта тэтимирэр уонна бүддьүөккэ улахан ороскуота суох барар кыахтаах. Бу сыл 9 ыйын устата номнуо 7 куонкурус ыытылынна, дуогабар түһэрсэбит. Тутааччылар сотору кэминэн дьону көһөрөн, тутууларын саҕалыахтаахтар.
Дьаһалта сүрүн соруга – чопчу болдьохтору ыйан биэрии уонна тутааччы хаарбах дьиэттэн көһүөхтээх дьон уочараттарын тутуһарын хонтуруоллааһын.
Сыл саҥатыгар «Агентство по развитию территорий» МСЗ ХЭТ-и кытта 43-с кыбаарталга 14,9 тыһ. кв. м. сири-уоту сайыннарыыга дуогабар түһэрсибиппит. Онно олоҕуран көтүрүүгэ эбэтэр чөлүгэр түһэриигэ Строителей, уул. 7 уонна 9 нүөмэрдээх дьиэлэрэ, Дзержинскэй уул., 43/3 дьиэтэ хапсаллар.
От ыйыгар 75-с кыбаарталга 6,6 тыһ. кв. м. иэннээх сири сайыннарыы дуогабарын «СахаСтройСервис» хампаанньаны кытта түһэристибит, Ильменскэй уул., 57, д. 57/9, 59, 61 дьиэлэр олохтоохторун көһөрүөҕэ.
Балаҕан ыйыгар буолан ааспыт аукциоҥҥа 130-с кыбаарталга 7,6 тыһ. кв. м. сири «Сахатранснефтегаз» АУо кыайан ылла. 4 хаарбах дьиэни Лермонтов уул., 35, 35/2, 35/3, уонна П.Алексеев уул., 63 дьиэлэрин көтүрэр, дьону көһөрөр эбээһинэстэннэ.
153-с, 4в, 145-с кыбаарталларга баар сирдэргэ дуогабардары түһэрсии, докумуоннары ситэрии таһымыгар сылдьабыт. Көтүрүллүөхтэрэ: Воинскай уул., 3/1, 9А; Жорницкай уул., 15/1, 17, 17/1, 19, 21; Пионерскай уул., 13; Пекарскай уул., 2, 2/1, 4; Клара Цеткин уул., 8, 10, 18, 19, 19/1, 21, 25/1 дьиэлэрэ.