19.02.2020 | 13:38

ДЬИЭ СЫАНАТА БАС БАТТАХ БАРАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга 2 бырыһыаннаах Уһук Илин ипотеката киириэҕиттэн, дьиэ сыаната биллэ эбилиннэ. Биир кыбадыраат сыаната 5000 солкуобайга тиийэ эбилиннэ.

Тутуу министиэристибэтин чахчытыгар олоҕурдахха, Дьокуускайга билигин саҥа тутуллубут дьиэ ахсаана атыылаһыан баҕалаах дьон ахсааныгар эппиэттэспэт. Сибилигин киин куораппытыгар 20-чэ саҥа тутулла турар дьиэ баар. Үгүстэрэ былырыын саҕаламмыт тутуулар, быйылгы сыл түмүктэниитэ бэлэм буолуохтаахтар. Бу дьиэлэргэ билигин атыыланар кыбартыыра хаалбатаҕын кэриэтэ.

2024 сылга диэри Дьокуускайга өссө 5100 кыбартыыра тутуллара былааннанар. Ол иһигэр:

- 2021 сылга 1,6 тыһыынча кыбартыыра маннык кыбаарталларга: 103, 68, 145, Воинская часть, 48, 94, 75, 69;

- 2022 сылга 0,6 тыһыынча кыбартыыра маннык кыбаарталларга: 117, 16, 103, 47;

- 2023 сылга 1,8 тыһыынча кыбартыыра маннык кыбаарталларга: 43, Воинская часть, 94, 9А;

- 2024 сылга  1,1 тыһыынча кыбартыыра маннык кыбаарталларга: 75, Воинская часть.

СЫАНА ЧАХЧЫ ЫАРААТА

Киһи хаһан баҕарар үчүгэй олоххо, тупсаҕай дьиэҕэ-уокка талаһар. Сибилигин ууран биэрэр харчыта суох да буоллаххына, сыананы ырыта, үөрэтэ сылдьар тоҕоостоох.

Дьиэ-уот ырыынагар билиҥҥи хартыына хайдаҕый? Сыана биллэ эбилиннэ диибит, ол эрэн тутуу тэрилтэлэрэ “биһиги буруйбут буолбатах” диэн ис хоһоонноохтук эппиэттииллэр.

Киин куораппытыгар баар хас да тутуу тэрилтэлэригэр эрийтэлээтибит, кинилэр этэллэринэн, сыана үрдээһинигэр риелтордар буруйдаах буолуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, дьон чэпчэтиилээх ипотеканы саҥа тутуллубут дьиэни юридическэй сирэйтэн (ол аата тэрилтэттэн) ылыыга эрэ туһаналлар. Онуоха риелтордар, хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэри арына охсон, кыбартыыралары кууһунан атыылаһан ылаллар. Онтон, биллэн турар, бэйэлэрин барыстарын сомсон ылаары, сыананы үрдэтэргэ бардылар. Киһи сонньуйуох, сорох “элитнэй” дьиэлэргэ дьиэ биир кв. миэтирэтэ 120 тыһыынча солкуобайга тиийдэ.

Дьиэ сыаната эбиллибит өссө биир биричиинэтэ – атыылаһааччы  тоҕо анньан кэллэ. Онуоха субу киирээри турар, көҥдөйө номнуо дьэндэйбит дьиэлэр сыаналара саҥа дьылтан ыараата. Саҥа дьыл иннинэ кв. м. 88 тыһыынчаҕа атыыламмыт дьиэлэр билиҥҥи сыаналара 96 тыһ. солк. буолла.

Холобур, “Прометей” тутуу тэрилтэтин дьиэлэригэр 1-2 хостоох (ол аата саамай хамаҕатык барар кыбартыыралар) биир кв. м. сыаната билигин ортотунан 80 тыһ. солк. Саҥа дьыл иннинэ кинилэртэн 76 тыһ. солк. кв. м.  дьиэни ылыахха сөп этэ.

“Сэттэ” диэн кэрэ көстүүлээх подъезтардаах дьиэлэри тутар тэрилтэ сыаната 5000 солк. элбээбит. Кинилэр сыаналара үрдээһинин “былааннаммытын курдук” дииллэр эбит. Кыбаартал аайы сыаналара кыралаан эбиллэр. Быйыл киирэр 1 хостоох кыбартыыраҕа кв. м. сыаната – 80 тыһ. солк.

Федеральнай антимонопольнай сулууспа Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэринэн, риелтор сыананы соруйан үрдэтэрин дакаастыыр уустук. Тутуу тэрилтэлэрин кытта куомуннаһан сыананы эппиттэрин дакаастыыр өссө ыарахан. Аны туран, нэһилиэнньэ бэйэтэ үҥүстэҕинэ эрэ туһааннаах уорганнар хамсанан барыахтаахтар. Билиҥҥитэ дьиэ сыаната үрдээбитин туһунан биир да үҥсүү антимонопольнай сулууспаҕа киирэ илик.

КИМ БАРЫҺЫРАРЫЙ?

Статистика көрдөрөрүнэн, кэнники сылларга Саха сирэ тутуутун тэтиминэн, сыллата киллэрэр дьиэтин иэнинэн Уһук Илин региоҥҥа бастаан иһэр.

Ипотеката суох эмиэ сатаммаппыт. Күннэри-түүннэри эбиллэ турар дьиэ сыанатын кыайар сууманы эккирэтэн ылар,  сатаан мунньунар киһи аҕыйах.

Урут өлүүлээн тутууга тутааччылар дьон угар харчытыгар дьиэни дьэндэтэн таһаарар эбит буоллахтарына, билигин кинилэр экскроу-счет диэнинэн үлэлиилэр. 2019 сыл от ыйын 1 күнүттэн киирбит сокуоҥҥа олоҕуран, эскроу-счеттаах эрэ тутар буолбуттара. Ол аата атыылаһааччы харчыта бастаан бу счекка хараллар, дьиэ тутуллан бүттэҕинэ эрэ тутааччыга төлөнөр. Урукку курдук дьон харчытын тутааччылар талбыттарынан айбардаабаттар, дьиэ тутуутугар эрэ ыыталлар.

Ис дьиҥэр киирдэххэ, ипотека бырыһыана сыллата түһэр курдук эрээри, дьиэ сыаната үрдүү турар. Тоҕо диэтэххэ, саҥа дьиэни тутуу хампаанньалара баантан кирэдьиит ылан туталлар. Ол кирэдьииттэрин дьиэ сыанатыгар эбэллэр. Тутуу матырыйаалын таһынан үлэһиттэрин көлөһүннэрин уйуналлар, ол эмиэ дьиэ сыанатыгар охсор.

Хас да мөлүйүөннээх дьиэни атыылаһарга дьон баантан ипотека ылар, уһун сыллар устата хабалаҕа киирэн ол иэһин төлүүр. Инньэ гынан, холобур, биир кыбартыыраҕа баан икки кирэдьиити биэрэр: тутар тэрилтэҕэ уонна ол дьиэни атыыласпыт киһиэхэ. Ким барыыстаах таҕыста?

Варвара Бандерова, риелтор:

Риелтор буоларым быһыытынан, эдэр дьону көрдүм да, “эн 2 бырыһыаннаах ипотеканы ыллыҥ дуо?” диэн ыйытыахпын баҕарабын.

Дьокуускайга билигин дьиэ-уот ырыынагар баар балаһыанньаны аҕыйах тылынан ойуулаатахха, маннык: Уһук Илин чэпчэтиилэх ипотеката баар, оттон атыыланар дьиэ суох. Тоҕо диэтэххэ, биһиги Дьокуускайбытыгар Арассыыйа киин куораттарыгар курдук ыарахан сыана олохтонон турар, оттон 2 бырыһыаннаах ипотеканы саҥа эрэ дьиэҕэ биэрэллэр.

Баар балаһыанньаҕа өссө эбии 214 нүөмэрдээх “Об участии в долевом сторительстве многоквартирных домов и иных объектов недвижимости и о внесении изменений в некоторые законадательные акты РФ” Федеральнай сокуон киирбитэ. Бу сокуон олоххо киириэн иннинэ тутуу тэрилтэлэриттэн кыбартыыралары юридическэй сирэйдэр кууһунан кэриэтэ атыылаһан ылаттаабыттара. Ол иһин чуолаан саҥа дьиэҕэ сыана биллэ ыараата.

Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат. Ол оннугар эргэ дьиэлэрэгэ (вторичное жилье) сыана түһэн эрэр. Онон Уһук Илин ипотекатыгар саастарынан хапсыбат дьон тутуллубута ырааппыт эрээри, билигин да сэнэх туруктаах, бары өттүнэн эрэллээх дьиэлэргэ кыбартыыралары атыылаһыахтарын сөп.

Мин тус бэйэм санаабар, дойдубут үрдүкү салалтата бу чэпчэтиилээх ипотеканан Уһук Илин регион нэһилиэнньэтин хаҥатар, көһөн барыытын тохтото сатыыр буоллаҕына, бу ипотека сааһынан хааччаҕын олох да суох оҥоруон сөп этэ. Ол оннугар Уһук Илиҥҥэ 20 сыл олорбут дьоҥҥо биэриэхтэр эбит. Эбэтэр дьиэни “саҥа тутуллубут”, “эргэ тутуу” диэн араарбакка, аҥаар уһугуттан ылан иһэри көҥүллээтэхтэринэ, дьоҥҥо табыгастаах буолуо этэ.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...