Детдом киһи гыммыта
(Бүтүүтэ, иннин олунньу 27 күнүнээҕи нүөмэргэ көр)
Биир сааскы өрөбүл күн үчүгэй сонун иһиллибитэ. Түөрт оҕону Нам детдомугар ылыахтара, бэйэлэрэ кэлэн талыахтара, онон үчүгэйдик сылдьыҥ диэн. Бэрээдэгэ суох оҕону ылбаттар үһү диэн биһигини сэрэппиттэрэ. Инньэ гынан, барыбытыгар эрэл кыымын уһугуннарбыттара.
Дьэ, кырдьык, үөрэх саҕаланыа аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ түөрт оҕону, ол иһигэр миигин эмиэ, илдьэ барар буолбуттара. Детдом дириэктэрэ Сысолятина бэйэтэ ыла кэлбит диэн буолбута.
Биһигини сыарҕалаах атынан Хамаҕаттаҕа аҕалбыттара. Аҕалан баран сууйбуттара-тараабыттара, таҥаспытын уларыппыттара. Мин утуйар оронум оһох истиэнэтигэр сыста турара. Онон утуйарбар көхсүбүн, атахпын сылытарым. Олус абыранар этим.
Сэрии кэминээҕи детдом оҕолоро олус бэрээдэктээх этибит, баспытааталларбыт тугу этэллэрин кэмигэр, элбэхтик этиппэккэ толорорбут. Ол курдук утуйарга, турарга, аһыырга, уруок үөрэтиибитигэр эрэһиими үчүгэйдик тутуһарбыт.
Бу барыта биһигини көрөр-харайар дьоммут үлэлэригэр бэриниилээхтэриттэн уонна кинилэр салайар дьоҕурдаахтарыттан эбитэ буолуо. Үйэ аҥаарыттан ордук кэм ааспыт буолан билигин детдомҥа үлэлээбит дьон ааттарын умнубуппун. Дьиҥинэн, ийэни, аҕаны солбуйбуттары тугу барытын быраҕан да туран ирдэспит, булбут буоллар уонна кинилэргэ барҕа махтал тылларын тиэрдибит эбитэ буоллар, санааҕа үчүгэй, суобаска ыраас буолуохтааҕа хааллаҕа.
Детдомҥа олорбут ыччаттартан, ордук туһулаан Нам Хамаҕаттатааҕы детдомугар иитиллибит оҕолортон сүрэҕэ суох, үлэни сөбүлээбэт киһи тахсыбыта буолуо дии санаабаппын. Бу детдомҥа олорбуттар бары араас үлэни баһылыырга үөрэммиппит. Хаһаайыстыбабытын көрөргө улахан оҕолор бары кыттыһарбыт. Кыһыныгар маспытын, мууспутун бэйэбит киллэрэрбит. Тэлгэһэбитин ыраастыырбыт, дьиэбит иһигэр көмөлөһөрбүт, иһит хомуйарбыт. Итинтэн да атын үлэлэри толорорбут.
Детдоммутугар хас да аттаах, ынахтаах, оҕустаах, сибиинньэлээх, кууруссалаах этибит. Аттарбыт көмөлөрө биһиэхэ олус күүстээх этэ. Кыһынын, тымныы ыйдарга, сыарҕалаах атынан Хамаҕаттаттан Намҥа оскуолаҕа илдьэллэрэ уонна аҕалаллара. Сороҕор бэйэбит эрэ сылдьарбыт. Сааһыгар улахан тымныы тостубутун кэннэ биэс килэмиэтири сатыы сылдьан үөрэнэрбит. Сарсыарда олус эрдэ турарбыт. Аһаат да оскуолабытыгар барарбыт, сөпкө, хойутаабакка кэлэрбит.
Биирдэ эмит аара суолга аттаах киһи ситэн олортоҕуна, үөрүү бөҕө буоларбыт. Ол эрээри үгүс түбэлтэҕэ олордубат этилэр. Кымньыынан уҥа-хаҥас охсуолаан куттууллара. Аттарын түргэнник сиэллэрэн куотан хаалаллара. Онно даҕаны биһиги олус хоргуппат этибит. Хата сырсыы-эккирэтиһии бөҕө буоларбыт. Хаарга тустарбыт, сэриилэһэрбит. Арыт кыраттан да кыыһырсан охсуһан туманныһарбыт. Ол да буоллар оҕо-оҕо курдук барытын тута умнан, түргэнник ааһан хаалара.
Оскуолабытыгар, саас эрдэттэн уолаттарга нуорма түһэрэллэрэ. Күһүн үөрэххэ кэлэрбитигэр отуттан итэҕэһэ суох дьабарааскы тириитин аҕалан туттарыахтаахпыт. Онон саас харалдьыт тахсыаҕыттан сайыны быһа бултаһарбыт. Саас дьабарааскы уйатыгар уу кутарбыт. Хороонуттан тахсыытыгар кэтээн туран төбөҕө охсон өлөрөрбүт. Сайын хороонугар киирэр ааныгар чааркаан эбэтэр баар буоллаҕына тимир хапкаан иитэрбит. Күҥҥэ биир эмит түбэһэрэ. Үксүгэр мэлийэрбит. Элиэ сиэбит эбэтэр илдьэ барбыт буолара. Сороҕор уораллара. Тириибитин бэйэбит сүлэрбит уонна тиирэн хатарарбыт.
Саас, сайын уонна күһүн үлэбит олус элбиирэ. Мэниктииргэ бириэмэ суоҕа. Сир ирдэ да, хортуоппуй, хаппыыста уонна турунуопус олордуута саҕаланара. Сайын сыыс от ыраастааһына уонна уу кутуута, хортуоппуй көмүүтэ, хаппыыста үөннээһинэ кэлэрэ.
Мин уу баһыытыгар элбэхтэ үлэлээбитим. Тимир буочукаҕа ойоҕоһунан түөрт муннуктуу биэдэрэ холкутук батар гына хайаҕас оҥороллоро. Итиэннэ тэлиэгэҕэ хайаҕаһынан өрө сытыараллара. Ону таһынан кыра дьоҕус тимир биэдэрэни үөһэ кылдьыытын аннынан тэһэн төкүнүк маһы курдаттыы уган уктаан оҕо кыаҕар сөптөөх уу баһар тэрил оҥорон биэрэллэрэ.
Сайын уу баһар көлөбүтүн бэйэбит кэтэх көрөр этибит. Үлэ кэнниттэн киэһэ аайы аппытын сыбыдахтыы миинэн киирэммит өрүс боротуокатыгар адаҕалаан мэччитэ ыытарбыт. Ол сылдьан аттарбытын сүүрдэн куоталаһыннарарбыт. Биирдэ мин аппыттан инчэҕэй кытаанах кумахха дэлби бырахтарбытым. Олус улаханнык доргуйбутум. Онон кэнники кэһэйэн аты сүүрдүбэт буолбутум.
Биһиэхэ, детдом оҕолоругар, хаһаайыстыбабытын көрөргө көмөлөһөрбүтүгэр, сайыҥҥы итии-сылаас күннэр былдьаһыктаах буолаллара. Төһө кыалларынан сир аһын хомуйан хаһааныллара. Саас лууктуурбут. Күһүн хаптаҕас, отон хомуйарбыт.
Бэс ыйыгар обургу уолаттартан биригээдэ тэрийэн, биир көрөр-истэр, көмөлөһөр киһилээх, уокка оттор мас бэлэмнэтэ тыаҕа быраан анныгар таһаараллара. Биригэдьиирбит тиити кэрдиэх иннинэ үчүгэйдик чинчийэн көрөргө үөрэппитэ. Хайа диэки охторуохха сөбүн быһаартарара. Дьэ ол эрэ кэнниттэн тиити сөп соҕус гына сирэйдии кэттэрэрэ. Онтон маһы атын өттүттэн, сирэйдэммит сирин арыыйда үөһэ өттүнэн, кэттэрэрэ эбэтэр эрбэтэрэ. Мас охторооччу уолаттар биир да алҕаһы оҥорботохпут, оһолу таһаарбатахпыт. Охтубут тииппит мутугун бэйэбит солуурбут уонна барытын таһан биир сиргэ чохчолоон ыраастыырбыт. Эрбэммит маһы охторооччу уолаттар хайытарбыт. Эрбиини мас кыбыттаҕына уу кутан эбэтэр төһүү маһынан көтөҕөн биэрээччилэр эмиэ биһи этибит. Сороҕор иһэр да уубут суох буолара, оччоҕуна эрбиини мас кыбыттаҕына, ииктээн биэрэрбит.
Маспытыттан киэһэ хойут сэттэ диэки үлэлээн бүтэрбит. Хайытыллыбыт маспытын бары көмөлөөн бииргэ саһаанныырбыт. Үстүү буолан хайдыһан үлэлиирбит. Икки эрбээччи, биир кэрдээччи, барыта биэс эрбиинэн.
Күннээҕи нуормабыт киһи баһыгар биир саһаан мас туруоруллубутунан буолара. Үксүгэр нуормабытын аһара толорорбут. Үлэлиирбитигэр анал өрөбүл күн диэн баарын тоҕо эрэ өйдөөбөппүн. Бэл ардахтаах күҥҥэ кытта тахсарбыт. Арай улахан тыалга эрэ маһы охтотторбот этилэр. Барыта сүүрбэччэ хонук үлэлиирбит, окко киириэххэ дылы. Бу кэм устата кыһын оттор маспытын барытын хайытан, саһааннаан, туруоран киирэрбит. Онтон дьэ от үлэтигэр түһүнэрбит.
Охсууга, мунньууга, кэбиһиигэ улахан дьоннорбут бары кэриэтэ кытталлара. Кыанар соҕус уолаттары от охсорго үөрэппиттэрэ. Бэл диэтэр хотуурбутун бэйэбитигэр оҥоттороллоро. Саамай ыарырҕатарбыт хотуур таптайыыта этэ. Сытыылыыры син сатыырбыт.
От кэмигэр оҕолорго туох да чэпчэтии биэрбэттэр этэ. Улаан дьону кытта тэҥҥэ сыллдьарбыт. Биир кэмҥэ утуйан, туран, аһаан, үлэлээн. Арай сөтүөлүүрбүт арыый да элбэҕэ эбитэ буолуо.
Кэлэргэ-барарга бириэмэни сүтэримээри бары от отуунан ходуһабытыгар хоно сылдьарбыт. Үксүгэр сиик түһүөр диэри үлэлиирбит. Биирдэ эмит хас да хонуктаах ардах түһэн үлэбитин мэһэйдиирэ. Охсубут оппут сиргэ хам сыстан харааран хаалара. Ону ардах аастаҕына эргитэн, сахсаччы быраҕан куурдарбыт.
Оҕолору от үлэтэ элбэххэ ииппитэ-үөрэппитэ. Ол курдук от охсорго, харбыырга, субуу уонна бугул оҥорорго, бугулу өтүүнэн состорорго, кэбиһэргэ, оту түгэхтээһиҥҥэ, түстээһиҥҥэ үөрэммиппит. Кыһынын от тиэйэргэ эмиэ көмөлөһөрбүт. Бу үлэ эмиэ туһугар туспа билиигэ-көрүүгэ, дьоҕурга, сатабылга үөрэппитэ.
Сэрии кэмигэр тыылга, детдом оҕолорун көмөлөрө от-мас бэлэмнээһининэн эрэ муҥурдаммат буолара. Биһигини холкуоска бурдук быһыытыгар, түүтэхтээһинигэр, туруоран куурдуутугар уонна сиргэ тохтубут куолаһы бааһынаттан хомуйууга үлэлэтэллэрэ.
Оҕолору барыбытын, төһө баарбытынан, кэккэлии туруораллара. Биир да куолаһы сиргэ хаалларбат курдук кичэйэн куулга хомуйтараллара. Бүтэн барарбытыгар хомуйбут куоласпытын бурдук ыскылаатыгар ыйаан туталлара.
Онон бааһынаттан төһө бурдук тохтубута хомуйуллубутунан биллэрэ. Итинэн эттэххэ биһиги үүммүт бурдук үгүс сүтүгэ суох хомулларыгар чахчы көмөлөстөхпүт эбитэ буолуо. Аны биир улахан туһабыт – аһыҥканы утары охсуһууга ханааба хаһыыта этэ.
Намҥа биир кураан сайын аһыҥка өрө турбута. Тугу барытын сиэбитэ. Киниттэн бурдугу быыһаары, бааһынаны тула, миэтирэ аҥаарын курдук дириҥнээх, киһи сөпкө туран үлэлииригэр мэһэйдэспэт кэтиттээх дьаама хастарбыттара. Бу дьаама аһыҥка ыамын барытын да тохтоппотор, көмөтө биллэрэ. Ону бэйэбит илэ көрөн, сөҕөрбүт. Балысхан элбэх аһыҥка дьаама түгэҕэ көстүбэт гына үрүт-үрдүлэригэр хос-хос түһэллэр эбит этэ. Бу тыбаардартан аҕыйах бырыһыаннара ыстанан, эбэтэр дьаама истиэнэтинэн хааман тахсан куотар быһыылааҕа. Дьаамаҕа түспүт аһыҥканы үөһэттэн сылдьан уһун уктаах хаптаһын маһынан сабыта сынньан өлөрөллөрө.
Дьаамаҕа түспэккэ ыстанан туораабыт аһыҥкалар бурдукка буортуну оҥорбуттара баар суол. Ону ким баҕарар көрөн билэрэ. Төһө-ханнык хоромньу тахсыбытын исписэлиистэр ааҕан-суоттаан отчуоттуур эбиттэрэ буолуо. Дьиҥнээх отчуот оҥоһулларыгар сэрии кэмигэр кытаанах ирдэбил баара. Бэл биһиги, оҕолор, үлэбитин кытта бэрэбиэркэлииллэрэ. Билигин кыһаллыбатах аайы, урут хас биирдии киһиттэн таһаарыылаах үлэни, кытаанах диссипилиинэни, чиэһинэй, суобастаах буолууну ирдииллэрэ. Сүрэҕэ суохтары, уоруйахтары кытаанах дьүүлгэ, суукка-сокуоҥҥа тардаллара.
Сэрии ыар дьыллара тыыл олохтоохторугар элбэх кыһалҕаны, өлүүнү-сүтүүнү аҕалбыта. Сокуон кытаанах буолан бэл чааһынай да сүөһүлээхтэр, онтуктарын туһаммакка, идэһэ оҥостубакка хоргуйан кыаммат буолаллара.
Бу маннык ыар кэмҥэ, биһиги, детдом оҕолоро, кыра да буоллар айахпытыгар аһыыр астаах буоларбыт. Төһө даҕаны кыраһыын амтаннаах Америка бурдугунан оҥоһуллубут хааһыны өр кэмҥэ сиэтэрбит син дьон буолан, тыыннаах хаалан баччаҕа дылы кэллэхпит. Мин детдомҥа олорбуппуттан бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын. Тугу сатыырым, туохха дьоҕурдааҕым барыта детдомтан диибин. Онон барҕа махтал биһигини көрбүт-харайбыт детдом үлэһиттэригэр. Ордук чуолаан ытык-мааны киһибитигэр, дириэктэрбитигэр, Роман Семенович Парниковка.