05.12.2021 | 11:00

Дьэ, оннук улуу этэ, Сотников!

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Кинилэр тыл быһаҕаһыттан өйдөһөллөрө, ол иһин толкуйдаабыттара туолара, сыанаҕа туруорбуттара үйэлээх айымньыга кубулуйара. Режиссер Андрей Борисов уонна худуоһунньук Геннадий Сотников доҕордоһуулара саха искусствотыгар бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыта.

Соторутааҕыта Национальнай художественнай музейга театр уонна киинэ худуоһунньуга, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, ССРС уонна Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Геннадий Сотников «Сценография. Графика. Живопись» диэн быыстапката аһылынна. Суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ Андрей Саввич Борисов доҕорун туһунан ахтан-санаан ааста. Кини кэрэхсэбиллээх кэпсээнин сурукка тиһэбит.

 

Саха култууратын Рублева

– Сотников: “Эн сценографкын, оттон мин худуоһунньукпун”, – диирэ. Онуоха сөбүлэспэт этим. Билигин тугу этэрин, дьэ, өйдөөтүм. “Худуоһунньук” диэн улуу да тыл! Кини – улахан, уһулуччулаах худуоһунньук!

“Мин кыратык, чуолкайдык иһиллэр гына уонна кылгастык саҥарабын. Оттон эн улаханнык, чуолкайа суох уонна элбэҕи саҥараҕын”, – диирэ (күлэр). Ол эрээри биһиги мэлдьи өйдөһөрбүт. Өскөтүн кини Саха театрыгар үлэлээбэтэҕэ буоллар, режиссер быһыытынан биллиэм суоҕа этэ. Мин кини идиэйэлэрин, толкуйун сыанаҕа көрдөрөрүм. Театрга пространство элбэҕи быһаарар дии саныыбын. Драматургия, оннооҕор музыка, тыас-уус, артыыстар оонньуулара да буолбатах... Худуоһунньук сыанаҕа айан таһаарбыт эйгэтин режиссер тэнитэн биэрэр, тыыннаах характерынан, өйүнэн-санаанан толорор. Пространствота суох – театр суох. Мин Сотников – саха култууратын Рублева диэн куруук этэбин. Ити дарбатыы буолбатах. Кини үтүөтүнэн Саха театра, саха култуурата биллибитэ. “Хаарыан хампа күөх кытылым...” туруорбатаҕым буоллар, Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолуо суох этим. Мин кини уруһуйдаабытын оҥорорум. Көрүҥ эрэ, “Ханидуо уонна Халерхаа” хас биирдии мизансценатын, эпизодун ойуулаабытын...

Афишалары, былакааттары уруһуйдуура эмиэ туспа кэпсээн. Сороҕор: “Тугун эмиэ сурааһынай. Бириэмэ ыгым”, – диэн ыксатарым. 

Көрөөр эрэ, сатаныаҕа!

– Театр худуоһунньуктара үксүн эйгэни тэрийэ, оҥоро сатыыллар. Оттон кини өйүнэн-санаатынан байытара. Оннооҕор биир остуолу сыанаҕа туруорара ураты этэ.

Биирдэ “Ромео уонна Джульетта” репетициялыы сылдьан:  “Остуолбалары туруоруохха. Үчүгэйдик уруһуйдуохпут”, – диэн этии киллэрбитэ. Мин: “Оттон дыбарыаспыт ханнаный?” – диэн өйдөөбөтөҕүм. “Барыта баар буолуоҕа”, – диэн кэбиспитэ. Ол остуолбаларыгар барельефтары уруһуйдаабыта, уот тыктаҕына, араастаан оонньоон көстөллөрө. Кини үлэлэрэ сыанаҕа оннук тиллэ, тыыннааҕымсыйа түһэллэрэ, олох олороллоро.

“Үс саха төрүөҕэр” испэктээккэ биэс миэтэрэ үрдүктээх хаптаһыннары уонна сүүнэ улахан ааннары туруортаабыта. Ол икки ардыгар хайаҕастардаах этэ. Ону эмиэ өйдөөбөтөҕүм. “Холботолоон кэбис”, – диэбитим. “Көрөөр эрэ, сатаныаҕа”, – диэбитэ. Оо, онтон испэктээк кэмигэр көрбүтүм, ол быыһынан контровой уот тыган, туох эрэ ураты сырдык көстүүгэ кубулуйбута, ортотугар Былатыан Ойуунускай турара. Дьэ, Сотников диэн оннук чулуу худуоһунньук этэ!

Сатабыллаах худуоһунньук

– “Свободы жаркий день” испэктээк кэннэ миигин чуут хаайыыга уга сыспыттара, өр сууттаабыттара. 1986 сыллаахха буолбут быһылааны, устудьуоннар уулуссаҕа күргүөмүнэн тахсыбыттарын өйдүүргүт буолуо. Дьэ, санаан көрүҥ, сахалар негрдэри оонньообуттарын. Суорун Омоллоон сүүрэн кэлэ-кэлэ: “Хаһан гримнэнэллэрий?” – диэн ыйыт да ыйыт. Ону: “Саханы хайдах даҕаны негр оҥорбоккун”, – диибин. Оттон Сотников саҥата суох тугу эрэ гынар, онтон сүтэн хаалла. Мин ол тухары репетициялыы олоробун. Үс чааһынан хантан эрэ тиийэн кэллэ уонна: “Чэ, таһаар”, – диэтэ. “Кими этэҕин?” – диибин. Герасимы (Герасим Васильев – Ааптар) этэр эбит. “Кэнниттэн контровой уоту холбот”, – диэтэ. Арай көрдөхпүнэ, 180 см үрдүк уҥуохтаах киһи иһэр! Кимий диибин ээ. Онтум Герасим эбит. Таҥас уонна дипломат элбэҕи да быһаарарын онно сөхпүтүм. Дьэ, сатабыллаах худуоһунньук диэтэҕиҥ!

“Кыыс Дэбилийэни” ааҕан баран: “Букатын иирбиккин”, – диэбитэ. “Ким ким буолара биллибэт. Персонажтарыҥ субу-субу уларыйаллар, эмиэ даҕаны сүгэҕэ, иннэҕэ кубулуйаллар. Ону хайдах оҥоруохпунуй?” – диэбитэ. Дьэ, оҥорбута, өссө “Кыһыл көмүс маасканы” ылан кэлбиппит.

Ньидьили күөлгэ, күөх окко

– “Улуу Кудаҥса” испэктээк декорациялара айыллыбыт кэпсээннэрэ маннык. Өр кыайан тугу да толкуйдаабатахпыт. Онтон мин дойдубар тиийбиппит. Биир күн Ньидьили күөл эниэтигэр күөх окко тиэрэ түһэн сытабыт. “Испэктээкпитин туруоруохпутун наада. Хаһан уруһуйдуугун?” – диэн ыйытабын. “Тоҕо эрэ табыллыбат”, – диэтэ уонна туран олордо. Эмискэ: “Көр эрэ!” – диэн саҥа аллайда. Мин эмиэ олордум. Арай көрдөхпүнэ, күөл уонна күөх хонуу икки ардыгар дьаама баар эбит. Онно чороон, оҕо ороно, оҕус төбөтө эҥин сыталлар. “Дьэ, быһаарылынна!” – диэтэ Сотников.

Хаар кыыдамныырын көрөн

– Биирдэ көрсүһүү кэнниттэн доҕотторбут дьиэлэриттэн тахсан истибит. Арай, банаар уотугар хаар кыыдамныы турарын көрөн, иккиэн тэбис-тэҥҥэ: “Любимый город в синей дымке тает...” – диэн ырыаны ыллаан бардыбыт. Онтубут тоҕо эрэ “синий дым Китая” диэн иһилиннэ. Иккиэн бэйэ-бэйэбитин көрсөн кэбистибит. “Сычуань үтүө киһитэ” испэктээк сценографията айылыннаҕа ити.

Пикассоны арыйбыта

– Бу олорон санаатахпына, мин ол саҕана ньүдьү-балай эбиппин. Кини үөрэппитэ, сирдээбитэ элбэх. Биирдэ Санкт-Петербурга Пикассо быыстапкатын аһыллыытыгар сырыттыбыт. Мин реалиспын. Көрдөхпүнэ, барыта кубик, көнө муннук. Тугу да өйдөөбөппүн, сэҥээрбэппин. Хайдах эрэ кыыһырыахпын баҕарталаатым. Сотников тугу да саҥарбат, мүчүк эрэ гынар. Биир үлэҕэ тохтоон турдубут. “Көр эрэ, дьахтар кубиктан, үс муннуктан турар”, – диэтэ. Арай аттыбытынан дьахтар ааһан иһэр. Онуоха: “Кырдьык даҕаны!” – диэтим. Онтон уулуссаҕа таҕыстыбыт. Көрдөхпүнэ, бары Пикассо персонажтара хаамса сылдьаллар. Мин дьону одуулуурбун тохтоппоппун, ол аайы Сотников күл да күл буолар. Пикассоны дьэ өйдөөбүппүн, арыйбыппын бэлиэтии көрдөҕө.

 

Чараҥҥа биир түгэн

– Сотников улаханнык туохха да итэҕэйбэт этэ. Биирдэ эмиэ тыаҕа сытабыт. Былыттаах күн. Олоҥхо туһунан кэпсэтэбит. “Көр, Аал Луук Мас турар”, – диибин. “Аан дойдуга мас элбэх. Эһиэхэ барыта Аал Луук Мас”, – диэн күлэр. Мин сахалар күҥҥэ сүгүрүйэллэрин кэпсиибин. “Күнүҥ ханна баарый?” – диэтэ. “Көрөөр эрэ, билигин күн сирэйгин көрүөҕэ”, – диэн дьээбэлэнним. “Аламай күн, сырдыккыттан бэрис”, – диэн ботугураатым. Онуоха, кырдьык, былыт быыһыттан күн көстөн кэллэ. Соһуйан, олоро биэрдэ.

 

Дьээбэ-хообо

– Кини туһунан төһө баҕарар уһуну-киэҥи кэпсиэхпин сөп. Эн мэлдьи миниистир буола сылдьыаҕыҥ диирэ. “Тохтоо, бээ, үс эрэ сыл олордум. Театрбын эрэ туттарыахпын наада”, – диэн мөккүһэрим. Ону: “Мин эппиппин өйдөөн кэбис. Бу курдук куруук миниистир буолуоҥ”, – диирэ. Сөпкө эппит эбит...

Доҕордуулар дьээбэлэһэн, хаадьылаһан, күнү-дьылы билбэккэ аһардаллара. Геннадий Петрович Андрей Саввиһы: “Миниистиргин дии. Дуоспуруннаахтык тутун”, – диэн сэмэлээбитэ буолара үһү.  “Ол эрээри мин дьээбэ-хообо буоларбын сөбүлүүрэ”, – диэн ахтар билигин доҕоро.

 

Үлэлэрэ тыыннаахтар...

Андрей Саввич Геннадий Сотников туһунан “Письма брату” диэн кинигэ суруйан бүтэрбитин кэпсээтэ. Хомойуох иһин, харчы суох буолан, бэчээттэнэ илик эбит. Чахчы даҕаны, саха театральнай искусствотын ааттаппыт икки гений айбыттара-туппуттара элбэх буоллаҕа.

Оттон бу матырыйаалы режиссер доҕорун туһунан этиитинэн түмүктүүбүн: “Сотниковы сырыы аайы саҥаттан арыйабын. Кини үлэлэрэ таах сыппаттар, тыыннаахтар”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...