23.01.2022 | 12:00

Давид Архан: «Итэҕэлэ суох омук сүтүө»

Давид Архан:  «Итэҕэлэ суох омук сүтүө»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ааҕааччыларбыт “Үс түмсүү” диэн ааттаах саха эр дьонун түмсүүтэ баарын истибит буолуохтааххыт. Кинилэр, сүрүннээн эр дьон кутун уһугуннарар, өйүн-санаатын сааһылыыр гына араас хамсааһын үлэни тэрийэллэр. Хас өрөбүл ахсын эр дьоннор Арчы дьиэтин тэлгэһэтигэр арчыланаллар, уста турар олох-дьаһах, инники кэскил уонна  итэҕэл туһунан кэпсэтэллэр. Кинилэр тус идеальнай эйгэлэрин хайдах көрөллөрүн- истэллэрин, олох туһугар туруулаһалларын хамсааһын лидердэриттэн биирдэстэрэ Давид Архан кэпсээтэ.

 

Ыспыраапка:

Давид Архан, судаарыстыбаннай сулууспа үлэһитэ, уопсастыбанньык

 

— Давид, ааҕааччылар эйигин «Үс түмсүүнү»тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ диэн билэллэр. СМИларга интервьюну сүрүннээн эн биэрэҕин быһыылаах. Уопсай тылынан, түмсүү туох сыаллааҕын быһаарыаҥ дуо?

— Оннук, сыалбыт-сорукпут элбэх. Онтон биирдэстэринэн үүнэр көлүөнэҕэ, ыччат дьоҥҥо чөл олоҕу тарҕатыы, пропагандалааһын, глобализация кэмигэр саха омуга бэйэтин сирэйин сүтэрбэккэ, аан дойдуттан омук быһыытынан сүппэтин туһугар үлэлээһин буолаллар.

Чопчу биир салайар, түмэр киһибит суох диигит?

— Оннук. Биир киһи салайар диир кыахпыт суох. Хаһыа да буолан түмсэн, маннык санааҕа кэлбиппит.

Сүрүн сыалбыт ыччакка чөл олоҕу тарҕатыы диэтиҥ. Дьэ, эт эрэ, ыччаппытын хайдах гынан арыгыттан, наркоманияттан, проституцияттан көмүскүүбүт?

— Сүрүн көмүскэнэр суолбут – өркөн өйдөөх өбүгэлэрбититтэн кэлбит сиэри-туому тутуһуу, итэҕэлгэ ытыктабыллаах сыһыан. Ити ааттаабыт кыһалҕаларыҥ аан дойдуга сытыытык тураллар.

Атын култууралаах, үгэстэрдээх омуктарга сыһыаҥҥыт хайдаҕый?

— Үчүгэй. Холобура, Арассыыйаҕа олохтоох бары норуоттар эйэлээхтик олордохпутуна, дойдубут өссө күүһүрүө этэ. Оттон тас дойдулар Арассыыйаҕа нууччалары таһынан атын олохтоох омуктар эмиэ бааллар диэн өйдүөхтэрэ этэ.

Социальнай ситимнэргэ көрдөххө, эһигини ордук дьахтар аймах «эр дьоммут барахсаттар ыырдара кыараан түмсүбүтэ буола сатыыллар” дииллэр. Манна тугу этиэххин сөбүй?

— Уопсастыба уонна олох-дьаһах сайдарыгар эр киһи инники күөҥҥэ сылдьыахтаах. Айылҕа айбытынан, таҥара айбытынан эмиэ эр киһи инники кирбиигэ сылдьар. Ол иһин биһиги түмсүөхтээхпит. Омукпут сайдарын, тыыннаах хааларын уонна олохтоох буоларын туһугар. Бастатан туран, эр дьоҥҥо итэҕэл баар буоллаҕына эрэ дьиэ кэргэн олоҕо-дьаһаҕа тупсар буоллаҕа. Эр киһи иҥэриммит итэҕэлин кэргэнигэр, оҕотугар тиэрдиэхтээх. Күүс – түмсүүгэ сытар. Түмүстэхпитинэ эрэ сайдар кыахтаахпыт.

Түмсүүгэ төһө элбэххитий?

— Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии  муннугар уолаттар эр дьону түмэн үлэлии сылдьаллар. Чуолаан, бу биир тыһыынчабыт, икки тыһыынчабыт диэбэппит. Холобур, 40-50 тыһыынчабыт диэтэхпинэ, сыыһыа суохпун сөп. Киин улуустарга барыларыгар салаалардаахпыт. Хоту улуустарга тиийбэккэ сылдьабыт, ол да буоллар онно да эр дьон түмсэр.

Урукку өттүгэр чуолаан эр дьон мустан алгыс ааҕарын тоҕо эрэ өйдөөбөппүн.

— Саха итэҕэлэ этэринэн, аан дойду барыта алгыстан турар. Алгыс суолтата ыраастаныы, куһаҕан киртэн-хахтан туора туруу диэн буолар. Киртийии наһаа элбээтэ. Киртийии көннөрү киһиэхэ эрэ буолбакка, сыалай уопсастыба киртийиитэ элбээтэ.

Омук киртийиитэ баар. Омук киртийиититтэн биһигини алгыс эрэ быыһыыр кыахтаах. Ол инниттэн алгыс элбэхтэ этиллиэхтээх, оҥоһуллуохтаах.

Кырдьыгынан эттэххэ, биһиги эдэр ыччаппыт итэҕэлтэн, үгэстэртэн арыый да ыраах турар. Оттон эһиэхэ тыллана-тыллана киирэллэр эбит дии?

— Бу сыыһа өйдөбүл. Ыччат итэҕэлтэн туора турар диэн өйдөбүл Сэбиэскэй Сойуус саҕана үөдүйбүтэ. Биһиэхэ саха уолаттар эрэ диэн буолбатах, нууччалар, атын омуктар эмиэ бааллар.

Олох очуругар оҕустарбыт, сору-муҥу көрсө сылдьар дьону кытта үлэнэн дьарыктанаҕыт дуо?

— Элбэх баҕайы киһи күн аайы, түүн аайы суруйаллар. Ким эрэ атаҕастаммыт, ким эрэ кырбаммыт, сынньыллыбыт, ким эрэ оҕонньоро арыгылыыр, ким эрэ оҕото сүппүт... элбэх киһи биһигиттэн көмө көрдүүр. Төһө кыах баарынан көмөлөһөбүт, сүбэ-ама да биэрэбит. Нууччалыы эттэххэ, “Мир не идеален” буоллаҕа ди. Бэйэбит даҕаны ортобутугар эҥкилэ суох, муҥутуур үчүгэй дьон аҕыйах. Мөлтүү-ахсыы, арыгыга убана сылдьыбыттар да бааллар буоллаҕа. Ону билигин көннөстөбүт, сүр көтөҕөр сыаллаах алҕанабыт, ыраастанабыт.

Эһигини сир ылбыттара дииллэрэ, ол дьыалаҕыт хайаста?

— Арчы дьиэтигэр алгыс ыытабыт. Пандемия мэһэйдээн икки төгүрүк сыл алгыспытын таһырдьа ыыта турабыт. Сайыҥҥы куйааска буоллун, күһүҥҥү силбиккэ буоллун, кыһын -50,-60 тымныы буоллун, таһырдьа ыытабыт. Сир ылбыппыт.

Маннык хабааннаах түмсүүлэр атын омуктарга бааллар дуо?

— Татарстаҥҥа үчүгэйдик сайдыбыттар. Бэйэлэрин омуктарын харыстыыр аналлаах уопсастыбаннай түмсүүлэрдээхтэр. Ону тэҥэ, осетиннар ахсааннара да элбэх, үгэс быһыытынан түмсэллэр даҕаны.

Тэрээһин бөҕө ыытар эбиккит...

— Биһиги сыл ахсын бэйэбит бириис туруораммыт эр дьоҥҥо ырыа күрэҕин ыытааччыбыт, тыа дьонуттан сүүмэрдээн тэрийэбит. Оһуохай этээччилэргэ эмиэ күрэх тэрийэбит, «Түмсэр күн” диэн ааттаах. Муҥутуур кыайыылаахха массыына бириистээх тустуу күрэҕин ыыппыппыт. Саҥа дьылга кыаммат ыалларга улуустарынан, куоратынан сылдьаммыт бэлэхтэри туттарабыт уо.д.а. Аахтахха, дьиҥинэн, элбэх буоллаҕа.

Түмсүүгэ киириэн баҕалаахтар тугу гыналларый?

— Баҕалаах эрэ буолуохха наада. Омугун, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар кыһаллар, чөл олоҕу пропагандалыыр буоллахтарына, түмсүүгэ киириэхтэрин сөп. Ол да иһин киирээччилэр, киириэн баҕалаахтар да күн-түүн аайы элбии тураллар. Онон, инникигэ эрэлбит улахан. Быйыл сайыҥҥыттан саҕалаан учаастакпытыгар дьиэ тутуутун саҕалыахпыт уонна саха омугар ИТЭҔЭЛ дьиэтэ баар буолуо диэн эрэннэрэбит!

Омугумсуйуу (национализм) боппуруоһугар эһиги хайдах сыһыаннаһаҕыт?

— Биһиэхэ «националистар” диэн клеймо биэрэ сатааччылар суох буолбатахтар. Ол эрэн биһиги атын омук үрдүгэр атын омук олорорун утарабыт!

Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыытыгар Хотугу Кавказ буоллун, татардар, башкирдар буоллуннар бэйэлэрин ислам итэҕэллэригэр төннүбүттэрэ. Калмыктар, бүрээттэр, тувиннар бэйэлэрин буддизмнарыгар төннүбүттэрэ. Нууччалар уонна славянскай омуктар православияҕа төннүбүттэрэ. Биһиги, сахалар, официальнайдык православнай итэҕэллээх да буолларбыт, сир халлаан икки ардыгар хаалан хаалбыппыт. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр ханна да барар кыахпыт суох. Сэбиэскэй идеалларбыт барыта ыһыллан-тоҕуллан хаалбыттара, итэҕэлбит да суох буолбута. Ол кэмҥэ Владимир Алексеевич Кондаков курдук норуоппут Улуу киһитэ саха түҥ былыргы итэҕэлин сөргүтэн таһаарбыта. Биһиги бу итэҕэлбит уруккуттан баар этэ. Ол итэҕэли тутуһаммыт, итэҕэлгэ киириэхтээхпит уонна төннүөхтээхпит.

Ити «Байанай”, “Хомус”, “Орто Дойду” уо.д.а ааттаах арыгылар баар буоллулар. Омукпут туһугар оччо охтор дьон тоҕо бопсубаккыт?

— Элбэх үлэни ыыта сылдьабыт. ФАПК «Якутия» тэрилтэни кытта этиһэр этиһиибит. “Байанай”, “Орто Дойду”, “Сайсары” диэн ааттар итэҕэл өйдөбүллэрэ буолаллар. Бу ааттары утарсаммыт, ФАПК-тан саҕалаан Ил Түмэҥҥэ, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа, Ил Дархан Айсен Николаевка тиийэ суруйбуппут. Үлэ барар. Билигин наар суругунан киирсии, сурукка хоруй кэтэһэбит уонна атын саҕахтары, атын суоллары тобула сылдьабыт.

Олоххор тутуһар санааҥ?

— Бу орто дойуга биирдэ бэриллибит олохпор дьоммор, уопсастыбабар, норуоппар туох эрэ туһалааҕы оҥорбут, хамсааһыны таһаарбыт киһи диэн санаалаахпын.

Ааҕааччыларга баҕа санааҥ, этэр этииҥ?

— Бу кэлбит дьалхааннаах кэмнэргэ биир буолан түмсүөххэйиҥ. Тулуурдаах уонна дьуулуурдах буоларга ыҥырабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...