ДЬАРЫКТАР САҔАЛАННЫЛАР
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын дьаһалынан ааспыт нэдиэлэттэн физкультуранан уонна спордунан дьарыктанааччылар эрчиллиилэрин саҕалаатылар.
Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларын спортсменнара спорт бары көрүҥнэригэр спортивнай саалаларга, сөтүөлүүр бассейыннарга, тренажернай уонна фитнес-саалаларга түмүстүлэр, оҕо спортивнай оскуолаларын ааннара аһылланнар, спортивнай секциялар үлэлээн эрэллэр. ГТО нуормаларын тутар тургутуулар саҕаланнылар.
Спортсменнар Роспотребнадзор сэрэтэр рекомендацияларын тутуһаллара ирдэнэр. Тренердэр мааскалаах уонна бэрчээккэлээх сылдьыахтаахтар. Эрчиллиилэр бүппүттэрин кэнниттэн тута тренажердары, спортивнай снарядтары уонна саалалары дезинфекциялааһын ыытыллар. Дьарыктанааччылар 50 % хабыллыылара олохтонон, саҥа расписаниенан үлэ барар. Спорт инструктордарыгар уонна общественник-инструктордарга үөрэтэр онлайн-вебинар семинардар, инструктордар профессиональнай таһымнарын үрдэтэр, нэһилиэнньэни физкультуранан уонна спордунан хабар, чөл олоҕу тэнитэр сыаллаах-соруктаах ыытыллаллар.