Дархан Уус Сергей Тарабукин
Уус – идэлээх буолуу кылаан чыпчаала,
Идэ – киһи олоҕун айымньылаахтык уһанарыгар Үрдүк Айыылар анаабыт Ытык Иэстэрэ.
Мандар Уус
Өбүгэлэрбит тыйыс айылҕалаах, киэҥ нэлэмэн иэннээх Саха сиригэр киһи-хара буолбуттарыгар, тыыннаах хаалбыттарыгар саха быһаҕа ымыы, тирэх буолбута саарбаҕа суох.
Олунньу 22-23 күннэригэр “Куруһаала” атыы-эргиэн киинигэр 11-с төгүлүн ыытыллар “Дархан Уус” Саха сирин тимир уустарын өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапката үрдүк таһымҥа ааста. Быыстапка П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Духуобунас Академиятын академига, Саха сирин тимир уустарын бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ Б.Ф. Неустроев - Мандар Уус 75 сааһын көрсө ыытылынна. Күрэх-дьаарбаҥкаҕа өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 77 тимир уустара кытыннылар. Тэрийээччилэр этэллэринэн, сыл аайы кыттааччылар ахсааннара элбээн иһэр эбит. Бу тэрээһин сүрүн сыалынан өбүгэ төрүт үгэһин инники көлүөнэҕэ тиэрдии уонна тимир уустарын маастарыстыбаларын үрдэтии, айар үлэлэрэ үрдүк таһымҥа тахсыытыгар олук ууруу буолар.
11-с төгүлүн ыытыллар “Дархан Уус” Саха сирин тимир уустарын сүрүн тэрийээччилэринэн СӨ Тимир уустарын сойууһа, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, Дьокуускай куораттааҕы “Таатта” түмсүү уонна С.В. Попов доҕотторо буолаллар. Дьүүллүүр сүбэ сүрүннүүр бэрэссэдээтэлинэн СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин хаһаайына, СӨ Тимир уустарын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, норуот маастара, “Клинок”, “Арсенал” норуоттар икки ардыларынааҕы быһах анал быыстапкаларын хас да төгүллээх кыайыылааҕа С.К. Билюкин, Арассыыйа маастар-асчыта, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Тыгын Дархан” ресторан шеф-повара И.И. Тарбахов, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, АГИКИ доцена Д.А. Бойтунов, “Дархан Уус” Саха сирин тимир уустарын хас да төгүллээх кыайыылааҕа В.С. Попов – Бааха Уус үлэлээтилэр.
Ыспараапка:
* “Дархан Уус” Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапкатын төрүттэниитигэр Серафим Валерьевич Попов диэн Таатта улууһун Харбалаах нэһилиэгин киэн туттар ыччата, Дьокуускай куораттааҕы “Таатта” түмсүү толорооччу дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыт эдэр кэскиллээх предприниматель олук уурбута. Кини төһө да бу олохтон эдэр сааһыгар күрэннэр, саха уһанар искусствотын сайыннарар сыаллаах быһах уустарын түмэн, “Uus ехро”саха быһаҕын анал быыстапкатын тэрийээччи быһыытынынан аата-суола үйэлэргэ хааллаҕа.
Өссө дьаныардаахтык үлэлиэххитин наада,
- диир биллиилээх асчыт Иннокентий Тарбахов. Кини “Бастыҥ ас быһаҕа” түһүмэх дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтэ. “Бу түһүмэххэ 58 киһи кыттыбытыттан, нэһиилэ үс быһаҕы талан сыаналаатыбыт. Быһахха тас көстүүтэ буолбакка, аналынан төһө күүскэ үлэлиирэ сыаналанар. Быыстапкаҕа кыттыбыт быһахтартан талан ыламмыт, үлэбитигэр туттабыт. Күн аайы тоҥ аһы быһар быһах элэйэрэ ханна барыай... Сорох хаачыстыбата мөлтөҕүттэн, туттуллар болдьоҕо ааһан хаалар. Миигин кириитикэлээтэ диэмэҥ. Санаабын этэбин. Аат-суол элбэх сыраттан кэлэрин умнумаҥ. Ол аата уустар сахаҕыт быһаҕын күүскэ тупсаран, бөҕөргөтөн оҥоруоххутун наада. Туппут, оҥорбут быһаххыт үйэлээх буоллун”, - диэн кылгас кириитикэ аҥаардаах баҕа санаатын этиннэ.
“Дьай” диэн ытык өйдөбүлгэ тирэҕирэн
Сергей Тарабукин, тимир ууһа, муосчут, Таатта улууһа, Уус Таатта нэһилиэгэ:
- Быыстапка тэрээһинэ олус үчүгэй. Сыл аайы кыттабын. “Бастыҥ ас быһаҕа” уонна “Уус-уран оҥоһуулаах быһах” түһүмэхтэргэ кыайдым. Тимири уһаарыынан дьарыктаммытым уон сыл буолла. Муосчут идэлээхпин. Үс сыл субуруччу “Уус-уран оҥоһуулаах быһах” түһүмэххэ кыайан кэллим. Түгэнинэн туһанан, Б.Ф. Неустроевка - Мандар Ууска, уһуйааччыбар Сарыал Билюкиҥҥа, дьиэ кэргэммэр, дойдум дьонугар махталбын тиэрдэбин. Кыайыыларбын кинилэргэ аныыбын.
Бу оҥоһугум сүрүн идеятын саха дьоно-сэргэтэ бары сүгүрүйэр ытыктыыр, сир түннүгэ, бөлөһүөк, тимир ууһа Б.Ф. Нестроев – Мандар Уус “Ойуу тыла - Айыы тыла” диэн кинигэтиттэн, кини суруйуутугар олоҕуран оҥордум. Дьиэ кэргэн аан бастаан аҕыс кырыылаах алтан сэргэтин туруору анньан дьиэ-уот тэринэр, олоҕун оҥостор үлэтэ салҕанар. Сиэрин-туомун ситэрэн, алгыһынан үйэлэр тухары охтубатын, иҥнэйбэтин диэн суолталаах.
Кылгас быһаарыыта маннык: бу акылаат оҥоһуллуута өбүгэҕиттэн кэлэр сүдү эппиэтинэс. Саха төрүт идэтигэр олоҕуран охсуллар акылаат. Уһуйуу, үөрэтии саха олоҕун, үөрэҕин сүнньэ буолар. Бу киһи хайаан да ааһыахтаах кэрдиис кэмэ. Бу кэми этэҥҥэ толору аастаххына эрэ олоххун уһуннук, дьоллоохтук олоруоххун сөп эбит. Онтон бу үөрэх тиһиктэрин толору ааспатах буоллаҕына, олоҕун суолугар үгүс ыарахаттары көрсүөн сөп. Барыта бэйэтин кэмигэр буолуохтаах, олоххо дьэҥкэтик буолар көстүү. Онтон бу оҕо уобараһын эттэххэ, биһиги бүгүҥҥү олохпут кэнчээри ыччата диэн өйдөнөр. Салгыы быһаҕым угун быһаардахха, биһиги, сахалар төрүт өбүгэбит дьикти уобараһа буолар. Быһаҕым тимирин былыт тимиртэн элээн оҥордум. Биэс харах диэн уол оҕо, эр киһи харысхалын бэлиэтэ буолар. Дьай диэн ытык өйдөбүл бэлиэлэрэ.
Уопут ылаары, санаа үллэстээри...
Николай Николаевич Степанов, СӨ норуотун маастара, Бүлүү куората:
- Бу күрэххэ 2-с сылбын кытынным. Былырыын “Уус-уран оҥоһуулаах быһах” түһүмэҕэр 2-с миэстэни ылбытым. Быйыл “Үйэлэртэн-үйэлэргэ” диэн ааттаах боло быһахпынан кытта кэллим. Быһаҕым угун чубуку, тайах муоһуттан, туос, удьурҕай айылҕа матырыйаалларынан оҥордум. Саха сирин тимир уустарын биир түһүлгэҕэ түмпүттэрэ олус туһалаах. Манна атын дьон оҥоһуктарын көрөн уопут ылаҕын, санааҕын үллэстэҕин.
Мандар Уус үөрэнээччилэрэ
Ытык киһибит Мандар Уус уһуйбут оҕолоро Федя Неустроев, Степа Пахомов, Феликс Шамаев учууталларын туһунан истиҥник ахталлар, киниэхэ махталларын тиэрдэллэр. Уолаттар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “Мандар Уус кыһата” сайыҥҥы лааҕырга дьарыктаммыттарын күндүтүк саныыллар. Билигин устудьуоннар. Степа Пахомов быһа холоон 500-тэн тахса саха быһаҕын оҥорбут. Кини 5-с кылааска үөрэнэ сылдьан Мандар Ууска уһуйуллубут. Уолаттар сайын аайы кынат үүннэриммит лааҕырдарыгар баран үлэлииллэр эбит. Ким иннин тымтыктанан көрбүтэ баарай... Баҕар, бу үс уол инникитин Мандар Уус туйаҕын хатарааччылар буолуохтара диэн эрэнэбит.
Туһалаах сүбэ
Саха быһаҕын үөстээх өттүн буруус тааһынан сытыыланар. Кылаанын көннөрөргө, хататынан биитин көннөрүллэр. Эбэтэр атын быһах ончоҕунан быһах биитин кылаанын эмиэ көннөрөн биэриэххэ сөп.
“Дархан Уус” 11-с өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылаахтара:
“Бастыҥ ас быһаҕа” (58 кыттааччы)
- Сергей Тарабукин (Таатта)
- Виктор Кычкин (Чурапчы)
- Феликс Шамаев (Таатта)
“Уус-уран оҥоһуулаах быһах” (17 кыттааччы)
- Сергей Тарабукин (Таатта)
- Сергей Петров (Хаҥалас)
- Леонид Говоров (Нам)
“Бастыҥ булт быһаҕа” (61 кыттааччы)
- Феликс Шамаев (Таатта)
- Спартак Петров (Сунтаар)
- Николай Неустроев (Таатта)
«Муҥутуур кыайыылаах” үрдүк аатын Тааттаттан сылдьар Сергей Тарабукин ылла. Кини Мандар Уус анал бирииһин тутта. Санатыаҕы баҕарыллар, Мандар Уус харчынан сертификат бирииһин тэрийэр кэмитиэт олохтообут. “Уус-уран оҥоһуулаах быһах” түһүмэх кыайыылааҕа Сергей Тарабукин Москваҕа ыытыллыахтаах “Клинок” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска кытта барарга анал сертификат тутта.
“Дархан Уус” тэрээһин сүрүн спонсордара:
- “Мясной двор” маҕаһыыннар ситимнэрин генеральнай дириэктэрэ, спортиҥҥа Аан дойду чемпиона А.Г. Макаров.
- “Сахабулт” үп-агропромышленнай концерн генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччыта А.Е. Шишигина.
- “Ректайм” рекламнай группа генеральнай дириэктэрэ Ю.А. Дарбасов.
- “Сириус” рекламнай хампаанньа дириэктэрэ С.И. Софронов.
- “Махтал” ресторан салайааччыта Н.И. Лукина.
- “Охотный двор” булка-алка уонна балыктааһыҥҥа туттуллар тэрил маҕаһыынын ситимин генеральнай дириэктэрэ Ю.Н. Большаков.