27.12.2019 | 09:59

Далааһын тэтимэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай мэрэ Сардаана Авксентьева ахсынньы 24 күнүгэр пресс-конференцияны быйыл уратытык  оҥордо.

Бастакытынан эрдэттэн онлайнынан быһа көрдөрүллэрэ биллэриллибитэ. Саҕаланыытыгар тута муоска түһэр курдук улахан телеэкраҥҥа графиктар ойууламмыт слайдаларын холботто. Ону уонна салгыы түргэн саҥарыынан сыл түмүгүн, кэлэр дьылларга соруктары кэпсээтэ. Ыйытыктарга хоруйдаата. 11 чаас 30 мүнүүтэттэн биир чаас устата кэпсэтэргэ диэбитин, астыныа суох курдук туттааччылар баалларыттан,  эбиэккэ диэри уһатта. Ол эрээри икки чаас биллибэккэ ааста.

Слайдаларга куорат уопсай уонна ханна төһөнү оруоскуоттуура,  туохтан хачча дохуоттанара графиктарынан көрдөрүллэрин комментарийдаата. Муниципалитет 2020 сыллаахха инники турар соруктара балайда дьоһуннаахтык эбиллибит, олортон улахан чааһа — оскуола, оҕо уһуйааннарын уонна атын бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара. Салгыы ороскуот балайда улахан чааһын судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии иитинэн тутуллар эбийиэктэр уонна куорат суоллара ылбыттар.

Социальнай политикаҕа, ол иһигэр социальнай такси, социальнай өҥөлөр, харчыларынан тиийиммэт ыаллар оҕолорун куорат тырааныспарыгар босхо таһыыга харчы көрүллэр. Сокуон быһыытынан, муниципальнай былаастар итинник көмөнү оҥороллоро булгуччута суох эрээри, итинник өҥө наадалааҕа көһүннэ. Дьокуускайга тыырыллар үп өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн аччатыллыбытын үрдүнэн, итини олоххо киллэриэхпит. Ол иһигэр оскуола уонна уһуйааннар уонна тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы киирэр. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэ субвенцията 1 млрд 659 мөл. солкуобайынан кыччатыллыбыт.

Олохтоох, өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай суруналыыстар  былааннанар бүддьүөт эрэ туһунан буолбакка, атын да ыйытыылары биэрэр кыахтаннылар. Ол курдук, Сардаана Авксентьева 2019 сыл сүрүн событиетынан Дьокуускайга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара» диэн национальнай бырайыагы ааттаата.

«Бу сылга 25 километр суолу оҥоруу чэпчэкитэ суох этэ эрээри, үчүгэй көрдөрүү. Суоллар гарантийнай болдьохторо 4-тэн 8 сылга диэри, ол эрээри ханнык эрэ хаачыстыбата суох үлэ көһүннэҕинэ, бэдэрээччиттэр көннөрөр эбээһинэстээхтэр», - диэтэ баһылык.  2020 сыллаахха нацбырайыак иитинэн куорат 22 эбийиэгэ өрөмүөннэниэҕэ, капитальнай тутуулар ыытыллыахтара. 

Ааһан эрэр сыл суолталаах түгэннэринэн Сардаана Авксентьева киин куораппыт хаарбах дьиэлэриттэн көһөрүү бастакы кэрдииһэ саҕаланыытын уонна саҥа эбийиэктэри киллэриини ааттаата. Ол – оскуолалар, оҕо уһуйааннара, искусство оскуолата, библиотека, Маҕаҥҥа уонна Табаҕаҕа культура дьиэлэрэ. Ону таһынан элбэх оҕолоохторго учаастактары тыырыы, оптуобус хайысхаларынан биир тарыыбы киллэрии, үрдүк уонна намыһах күүрүүлээх гааһынан хааччыйыы схематын оҥорууга дьоһуннаах үлэ ыытыллар.

Сэтинньигэ куорат администрацията федеральнай тыа пуондатын  сорох сирдэрин тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллууга көҥүл ылбыта. Бүлүүлүүр, Намсырдыыр суоллар тулаларыттан 458 гектар иэннээх сир элбэх оҕолоох ыалларга тыырыллыаҕа. Итиниэхэ оҥоһуллубатах тыалаах сири мээнэ биэрэр табыллыбат. Оннукка коммуникацияны оҥорон мэһэйдиир  тутуулары, күрүөлэри туруоран бытаардыахтарын сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Туох-ханнык иннинэ инфраструктураны бары өттүнэн көрөн-чинчийэн бырайыактыахтаахпыт. Төһө кыалларынан федеральнай бырагыраамаҕа киирэ сатыахтаахпыт.

Пресс-конференцияҕа бэйдиэ сылдьар ыттары тутууну-бэрээдэктээһини өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарар туһунан эттилэр.

Баһылык быһаарбытынан, федеральнай сокуон быһыытынан, муниципалитекка бэриллибит судаарыстыба боломуочуйата  толору үбүлэммэт буоллаҕына, куорат итини толорумуон да сөп. 

Суруналыыстар сымыйа-кафелары утары үлэ салҕаныа дуо диэн ыйыттылар. 

«Өскөтүн сымыйа-кафе 150 квадраттан тахса иэннээх сиргэ турар буоллаҕына, итини болҕомто киинигэр ылыахха сөп. Ити кыһалҕаны кыраҕытык кэтиир уопсастыбанньыктарга махтал, ол эрээри маны ситэ быһаара иликпит», - диэтэ баһылык.

Кэпсэтии салгыы «бөх боппуруоһугар» көстө, итинник ыйытыы ордук толору хааччыллыыта суох, ситэтэ суох хааччыллыылаах оройуоннарга, дьиэлэргэ баар.

«Айылҕа харыстабылын прокуратурата куорат региональнай оператора кытаанах бөҕү итинник дьиэлэртэн тоҕор соруктааҕын өйөөбүтэ. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн убаҕас уонна кураанах бөҕү кутар контейнердары туруоруохтаахпыт», - диэн быһаарда Сардаана Владимировна. «Аан дойду, атын регионнар курдук бөҕү наардааһынынан дьарыктанарга  кыһаллыахтаахпыт. Дьон өйө-санаата улаатан иһэр, онон бэйэ-бэйэбитин өйдөһүөхпүт дии саныыбын», - диэтэ баһылык.

Ирбэт тоҥу чинчийии, куорат иэнигэр бас-баттах тутууну хонтуруолу күүһүрдэргэ хамыыһыйа үлэлиир. Быйыл кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа.

Куор ыарыытыгар  44 киһи, онтон 13 оҕо хаптарбыт. Сардаана Авксентьева күн аайы төһө киһи ыадьыбытын билэ олорор эбит. Кини этэринэн, ити иннинээҕи күн түөрдүөн киһи, ол иһигэр 14-гэр диэри саастаах оҕо ити кутталлаах ыарыыга хаптарбыт. Бастаан ахсынньы 5 күнүттэн 12 күнүгэр диэри аҕыйах киһи уорбаламмыта. Күн аайы эбиллэ тураллара сэрэхтээх. Билигин 52 прививка оҥорор биригээдэ куораты кэрийэ сылдьаллар. Сорохтор дьиэлэригэр киллэрбэттэрэ мэһэйдиир. 6,5 тыһыынча киһи, 3,6 тыһыынча оҕо прививкаланнылар. 760 оҕо,130 үөрэнээччи быһыы ылбакка сылдьаллар. Ону таһынан тыһыынча кэриҥэ оҕо прививкаламмыттара-суоҕа биллибэт. Итинэн ахсынньы 30 күнүгэр ыытыллар кыаммат төрөппүттээхтэр елкаларыттан ураты куораттааҕы оҕо бырааһынньыктара бары тохтотулуннулар. Оскуолаларга елкалар бобуллубатылар эрээри, сэрэхтээх төрөппүттэр оҕолорун ыыппаттар. Прививкаламматах оҕолор киллэриллибэттэр.

Мэртэн: “РФКП-гар кэнники ордук болҕомто уураҕын. Госдумаҕа дьокутаакка кандидатынан тураары гынаҕын дуу, эбэтэр “Биир сомоҕо Арассыыйа” былаас партиятыгар сыстар санааҥ суох дуо?» – диэн ыйыттылар. Онуоха Сардаана Авксентьева быыбар иннинээҕи агитация саҕана партиялартан РФКП эрэ көрсүһүүгэ ыҥырбытын, онно талыллар түгэнигэр бииргэ үлэлииргэ эрэннэрбитин, ол иһин көрсүһүүлэри оҥорорун эттэ.

Сардаана Владимировна ханнык даҕаны партияҕа киирэр санаата суоҕун биллэрдэ. Кини быыбар кэнниттэн үс эрэ сыл курдук үлэлээн баран барытын быраҕан Госдуума быыбарыгар кыттар, онно барар түгэнигэр төннүү суох буолар диэтэ. Куораты күүскэ таптыырын, элбэҕи оҥоруон баҕарарын этэн туран, кэлэр сылы Көлүөнэлэр сылларынан биллэрэн, ордук улахан болҕомтону Улуу Кыайыы үбүлүөйүнэн кырдьаҕастарга, бэтэрээннэргэ, кыамматтарга уурарга эттэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...