23.02.2024 | 14:00

Дьахтар араастаах буолар эбит

Дьахтар араастаах буолар эбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сиимэ уол сааһа ыраатта, Саҥа дьыл саҕана отут биэһин туолбута. Бииргэ үөрэммит доҕотторо оҕо-уруу, дьиэ-уот тэринэн ырааппыттара. Онуоха эбии аҕата, биирдэ эмэ холуочуйдаҕына, чаал курдугунан көрөн олорон, ыал буолбакка сылдьарынан сирэй-харах анньара. Кырдьар сааска кэргэнэ суох соҕотох сылдьыы куһаҕанын өйдөтө сатыыра, ол кэннэ устунан ытаан барара.

Ийэлэрэ барахсан ыалдьан, Сиимэ оскуоланы бүтэрэр сылыгар бу орто дойдуттан барбыта. Кини өлөр ыарыытыгар сытан уолун ыҥыран ылан бэйэтигэр саба тардан сыллаабыта, төбөтүттэн имэрийбитэ уонна аргыый: ”Оҕом барахсан үөрэхтээх, үлэһит киһи буолаар. Бырааккыныын өрүү истиҥ сыһыаннаах, эйэлээх сылдьыҥ”, – диэбитигэр Сиимэ нэһиилэ муннун анныгар ”ыых” диэбитэ.

Ийэлэрэ суох буолбутун кэннэ кыра хаһаайыстыба, аҕыйах сүөһү кини илиитин иһинэн буолбута. Уолаттар ийэлэрин суохтаан букатын да иэдэйбиттэрэ, быраатыныын муммут кус оҕолорунуу тула эргийбиттэрэ. Аҕалара ол кэмҥэ күн аайы кэриэтэ атастарын мунньан арыгылаан ампаалыктанара. Биирдэ эмэ испэккэ өрөөтөҕүнэ, була сатыы-сатыы уолаттарын мөҕөрө-этэрэ, охсоро-тэбэрэ. Хаһан эрэ сырдыгынан сыдьаайа турбут минньигэс ас сыттаах дьиэлэрэ киһи кута-сүрэ тохтообот буола кураанахсыйбыта. Кинилэр дьоллоох оҕо саастара ийэлэрэ суох буолуоҕуттан ыла бүппүтэ. Сиимэ дьонноро ыал буолан олорон үс оҕоломмуттарыттан соҕотох кыыстара Лаанчык түөртээҕэр муҥура тэстэн суох буолбута. Оҕо сүтүктэммит аҕалара биир үксүн онтон да тэмтэрийбитэ.

Дьэ, оннук олорон кыра уол Биэдьэ син оскуолатын бүтэрбитэ… Билигин бэтэринээр үөрэҕэр Дьокуускайга этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар. Үп-харчы ыарахаттарын көрсөн, кэтэхтэн көһөн, үлэлии-үлэлии үөрэнэр. Ийэлэрэ барахсан оҕолорун иннин санаан, тыыннааҕар үлэтин үгэнигэр сылдьан куоракка мас да буоллар биир хостоох дьиэ ылан хаалларбытыгар билигин Биэдьэ олорор.

Хам-түм аҕалара киирэн тахсар. Сиимэ сүөһүтүн-аһын көрөн, аҕатын манаан олорбута. Аҕата куоракка киирэн сүтүтэлиир буолбута. Оннук биир барыытыгар аҕата куораттан дьахтар батыһыннарыылаах тахсыбыта. Таҥас-сап мара, дьүһүн-бодо хобдох, уос-тиис бараммыт дьахтара уолу кытта кэпсэтэрдии оҥостубутугар айаҕыттан амырыын сыт саба биэрбитэ.

– Ноо, Сиимээ! Бу Домна. Кини манна олоруо! – аҕата маа бэйэлээҕин билиһиннэрбитэ. Оо, онно Сиимэ сүрдээҕин да соһуйбута, хомойбута. Аҕалара ийэлэрин умна охсубута түргэнин сөхпүтэ, олус кэлэйбитэ. Дьэ, бу дьахтар кэлиэҕиттэн дьиэлэригэр омоллоон олоҕо, дьэргэстэй ыһыаҕа саҕаламмыта. Дьиэлэрэ уруккутунааҕар өссө бууһа арыгыһыттар мустар ордууларыгар кубулуйбута.

Төһө да улуус киинэ буоллар, Сиимэ хайдах олорорун оскуолаҕа үөрэппит учуутала Лариса Андреевна хантан эрэ билэн, биир күн ыҥыран ылан кэпсэппитэ, идэ ылан, атын сиргэ барарыгар сүбэлээбитэ. Ол кэпсэтии түмүгүнэн Сиимэ ыаллыы улууска СПТУ-га үөрэнэ барар буолбута. Икки сыл үөрэнэн, тырахтарыыс-бульдозерист идэтин ылбыта. Дьиэтигэр төннүөн санаата буолбакка, бастаан утаа үөрэҕин бүтэрэн баран быраатыгар куоракка киирэн олорор толкуйдаммыта. Куорат таһынааҕы тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитэ. Уолаттар аҕаларыттан хомойон, оччолорго дойдуларыгар тахсыбат этилэрэ. Аҕалара ити дьахтарын кытта охсуһан-этиһэн өр олорботоҕо. Ол курдук үтүөх-батаах сырыттаҕына, аймаҕа киһи ыраах тыаҕа субан сүөһү көрүүтүгэр илдьибитэ иһиллибитэ.

Күһүөрү аҕаларын туһунан сэргэх сэһэни Биэдьэлиин бииргэ үөрэммит ыаллара кыыс кэпсээн ааспыта. Аҕаларыгар ыаллыы нэһилиэктэн аймахтара аны бэртээхэй дьахтары билиһиннэрбиттэрин, сайын устата оҕуруот бөҕөтүн олордубутун, дьиэни-уоту иһиттэн-таһыттан оппуохалаабытын, отонньутун, асчытын сиһилээбитэ. Уолаттар дьиэлэригэр барар баҕалара уһуктубута.

Тиийбиттэрэ, төрөөбүт дьиэлэрэ били Домна саҕанааҕы курдук буолуо дуо, саҥа хаһаайка түннүктэргэ куруһуба сабыы ыйаталаабыт, оһохторо атын үлүгэрдик сандаарбыт этилэрэ. Аҕалара иһэрэ тохтоон, сирэйэ-хараҕа сырдаабытын бэлиэтии көрбүттэрэ. Сэмэй, элэккэй Акулинаны Сиимэлээх Биэдьэ убаастыы санаабыттара. Уолаттар аны олбу-солбу төрөөбүт дьиэлэригэр тахсар буолбуттара. Аҕалара урут аһыы-сии сылдьыбыта таайан, доруобуйата айгыраан барбыта. Онон Сиимэни дойдутугар тахсарыгар көрдөспүтэ. Уол дойдутугар төннөн тэрилтэҕэ тырахтарыыстаабыта. Хамнаһы да аахсымахтыыра.

Хомойуох иһин, аны Акулиналара эмискэ ыалдьан охтубута. Эр дьон кыайан көрүөхтэрэ суоҕа диэн улахан кыыһа кэлэн күүһүнэн кэриэтэ тиэйэн барбыта. Сандаара дьэргэйбит дьиэлэрэ эмиэ кураанахсыйа түспүтэ. Ол эрээри ама буолбут Акулина аҕаларын кытта сибээстэһэ олорбута. Оҕолорунан аҕалтаран, биирдэ эмэ амтаннаах аһы сиэтэн барара. Арыт аҕалара Акулинатын билсэн кэлэрэ.

Биирдэ тойоно Сиимэни ыҥыран ылан, биир ыйга суол үлэтигэр ыытар буолбутун эппитэ. Ханан да салгын охсубат буһурук куйаас күннэр сатыылаабыттара. Уол хоруппут буора өрүкүйэн, тулатыгар туох да көстүбэт күдэрик буолара. Килэриччи хараарбыт Сиимэ ол онно түбүгүрэрэ.

Биирдэ тыраахтарыттан түһэн, булуугун диэки баран иһэн суол кытыытыгар үрүҥ былаачыйалаах кыыс турарын көрөн соһуйбута. Кыыс ааһан иһэр массыынаны тохтотон олорсор санаалааҕа. Ол эрээри ити суолунан массыыналар сэдэхтик ааһаллара. Уол арыый сынньанан, чэй иһэн баран, тыраахтарыгар төннөн үлэтин салҕаабыта. Кыыс туһунан умна да быһыытыйбыта. Үлэтин чааһа бүтүүтэ хараҕа били кыыска хатана түспүтэ. Кыыс бу сырыыга чөҥөчөккө бүк түһэн олороро. Сиимэ сүрэҕэ мөҕүл гыммыта, таҥаһын-сабын тэбэнэн, киниэхэ чугаһаабыта. Кыыс маҥнай соһуйан, уолу сытыытык тобулу көрөн ылбыта. Ол кэннэ илиитин биэрэ туран бэрт хорсуннук аатын, ханна үөрэнэрин эппитэ. Ханна төттөрү, уол киһи кирик-хорук туттан туран, симиктик бэйэтин билиһиннэрбитэ. Кыаһаан сирэйдээх кыыс хас саҥардаҕын аайы хараҕа чаҕылыҥнаан олороро. Уолу араас ыйытыыларынан көмпүтэ. Сахаҕа үрдүк уҥуохтаах сэмэй уолу бэлиэтии көрбүтэ.

Суолга өр турбуттарын кэннэ иннилэригэр массыына хорус гыммыта. Суоппар ылар буолбутугар, хаһааҥҥыттан эрэ билсибит киһилии, туналы маҥан таҥастаах кыыс илиитинэн сапсыйбыта, эбиитин сайыспыттыы көрөн турар Сиимэ иэдэһигэр сыстыбыта. Өссө көрсүөхпүт дииргэ дылы саҥа баара эрээри, уол сыыһа истибиккэ холоммута. Кыыс диэҥҥэ чугаһаабатах Сиимэ суол кытыытыгар соһуччу көрсүбүт кыыһын умнубакка эрэйдэммитэ. Санаатаҕын аайы ол Нарыйабын диэн билсибит устудьуоҥката өйүгэр эбии кэрэтийэн көстөрө. Аны түүлүгэр кэлэн көөчүктэнэн сордуура.

Бириэмэ биллибэттии устан испитэ эрээри, Сиимэ кыыһы син биир умнубатаҕа. Түлээгирбит киһилии арыт кыыстыын көрсүбүт сиригэр тиийэн турбахтыы түһэрэ, хаҥас иэдэһин имэринэн көрөрө. Күһүн сүөһү хотоҥҥо киирэрин саҕана Сиимэ биирдэ үлэтиттэн дьиэтигэр кэлбитэ, аҕата күрүө ааныгар уолун кэтэһэн бэдьэллэн турара. Хайдах эрэ аар-маар буолбут көрүҥнээҕэ. Онтон… Сиимэни кыыс ирдээн кэлэн олорорун этэ сатаабыта. Ол онтон тугу да өйдөөбөтөх уол аҕатыгар кыыһырыахча буолбута. Дьиэҕэ киирээри туран аны аҕата тыла суох киһилии тугу эрэ имнэнэн сапсыҥнаабытыгар: ”Бу оҕонньор чахчы булкуллаары гыммыт дуу хайы-сах…” – диэн дириҥник өрө тыыммыта.

Арай киирбиттэрэ, билиитэҕэ алаадьы буһан сырдьыгыныыра. Акулина бэриэнньигин кэппит хайа эрэ кыыс талах олоппоско салҕанан туран сууйбут иһитин ыскаапка дьаарыстыыра. Уоллаах аҕа утарыта көрсөн, турбут сирдэригэр тэпсэҥнэспиттэрэ. Кыыс эргиллибитигэр Сиимэ көрбүтэ, били суол кытыытыгар көрсүбүт кыыһа Нарыйа эбит! Уол соһуйан, чуут сүһүөҕүн ыһыкта сыспыта. Ол киэһэ уолу көрөөт да таптаабытын дьыбааҥҥа олорон үрүт үөһэ сипсийбитэ…

– Уой, Сима. Олох уларыйан, сырдаан хаалбыккын дии! – кыыс саҥа аллайбыта.

– Ээ… ити… эн хаһан кэллиҥ?

– Бу диэки үлэ көрдөһө кэллим. Син үлэ көстүөх быһыылаах, –

билсибиттэрэ быданнаабыт киһилии кыыс ханан, туох тэрилтэлэринэн сылдьан үлэ кэпсэппитин, хайдах-туох харданы ылбытын харса суох кэпсээн чубугураабыта. Үөрэҕин сөбүлээбэтэҕин, эһиил үрдүк үөрэххэ киириэҕин кыахтаах баҕайытык эппитэ.

Аҕата уола соһуппутун, кыыс бэйэтинэн кэлэн биэрбитин, ийэтэ баара буоллар төһөлөөх үөрүөҕүн иһигэр санаабыта. Ыкса киэһэ орону булуу буолбутугар, Акулината дьаптайталаабыт ыраас утуйар таҥастарыттан кыбынан туран, аҕата уолун диэки ачыкытын үрдүнэн-аннынан ыйыппыттыы көрө сатаан сордоммута. Тэлэбиисэр иннигэр аатын умнуор диэри долгуйан олорор Сиимэ ону өйдөөн көрбөтөҕө. Утуйуу кэмигэр аҕата хаалларбыт таҥастарын тэлгээн, кыыска дьыбааҥҥа орон оҥорбута. Бэйэтэ ол баһыгар хомуллар орону тэлгээбитэ. Хайа хайалара утуйан быстыбакка муҥнаммыттара. Кыыс түүн үөһэ ааһыыта оргууй туран Сиимэ хоонньугар дьылыс гыммыта.

Сарсыарда эрдэ туран уоллаах аҕа саҥата суох үлэлэрин үмүрүппүттэрэ. Улахан саҥа-иҥэ суоҕа. Арай Нарыйа туох да буолбатаҕыныы уһуктубута. Биир кэм ону-маны кэпсиирэ-ипсиирэ, күлэн-үөрэн чаҕылыҥныыра. Сотору-сотору уол диэки тиэхэлээхтик көрөн ылаттыыра. Туохтан эрэ сүргэтэ эбии көтөҕүллүбүт курдуга.

Күн-дьыл баран испитэ. Кыыс барар туһунан санаабат этэ. Устунан хаалардыы оҥостубута. Олоҕор эмискэ тахсыбыт уларыйыыны Сиимэ хайдах быһаарыан булбатаҕа. Куораттан өрөбүлүгэр тахса сылдьыбыт Биэдьэ кыыһы соһуйа көрбүтэ. Нарыйаҕа майгынныыр кыыс кини билэр уолун кытта аҕыйах кэмҥэ олоро сылдьыбытын өйдөөбүтэ. Түгэн булан ону убайыгар кэпсээбитэ. Сиимэ онуоха үүрсэн турбатаҕа. Хайдах эрэ дьэ эбии ээл-дээл курдук буолан хаалбыта.

Соннук күн-дьыл баран испитэ. Саҥа дьыл саҕана арай кыыс Сиимэттэн ыарахан буолбутун эппитэ. Сиимэ соһуйан, кыыһын иһэ номнуо биллэ өтөйбүтүн дьэ өйдөөн көрбүтэ. Отутун лаппа аһарбыт Сиимэ аҕа буолан эрэрин дьэ долоҕойугар тохтоппута…Кыыс модьуйуутунан эдэрдэр олохтоох дьаһалтаҕа саахсаҕа сайабылыанньа биэрбиттэрэ. Улахан туох да уруута-тараата суох докумуонунан эр-ойох буолбуттара.

Итини барытын көрө сылдьар аҕаларын толкуйугар араас саарабыл санаалар тайанан ааспыттара эрээри, соһуччу ыал буолбут уолун олоҕор орооспоттуу толкуйдаммыта. Тиэргэнин хаарын күрдьэн киирэн баран өөр-өр түннүгүнэн таһырдьаны кыҥастаспыта. Бу тиэргэҥҥэ аан бастаан кийиит буолан киирбит бэйэтин Кээтиитин, онтон вокзалтан батыһыннарбыт дьалхааннаах Домнаны, аймаҕын тэҥэ буолбут истиҥ майгылаах Акулинаны… ол кэннэ бу эмискэ кийиит буолан киирбит сытыы-хотуу Нарыйаны өйүгэр тэҥнэтэлээн көрбүтэ. ”Дьахтар да араастаах буолар эбит”, – диэн баран үөһэ тыыммыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...