25.08.2022 | 14:00

Дьаһалта оҕуруот аһын үүннэрээччилэри өйүүр

Сайын аайы бэс ыйын ортотуттан саҕалаан, сороҕор эрдэлээн, куорат уулуссаларыгар оҕуруот аһын эгэлгэтин атыылыыллар. Бастакы үүнүү балачча сыаналаах буолар, ону ол диэбэккэ кыһын устата сибиэһэй, олохтоох оҕуруот аһын амсайбатах дьон хамаҕатык атыылаһар.
Дьаһалта оҕуруот аһын үүннэрээччилэри өйүүр
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата сыл аайы олохтоох оҕуруот аһын үүннэрээччилэри – тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бааһынайдары уонна биирдиилээн дьону өйөөн, босхо атыылыыр сирдэри биэрэр. Атыы бэс ыйыттан балаҕан ыйа бүтүөр диэри ыытыллар.

Бу күннэргэ күһүҥҥү хомуур чугаһаан, ордук бородууксуйаларын атыылыан баҕалаах аҕыйаҕа суох. Итинэн сибээстээн оҕуруотчуттарга босхо атыылыыр сирдэри биэрэр Предпринимательство департаменын бэрэстэбиитэлин кытта кэпсэттибит.

Дмитрий Туприн, Предпринимательство департаменын потребительскай ырыынакка салаатын начаалынньыга:

Куорат дьаһалтата сыл аайы тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, чуолаан оҕуруот аһынан дьарыктанар фермердэргэ уонна биирдиилээн дьоҥҥо төлөбүрэ суох, босхо атыылыыр миэстэлэри биэрэр. Икки категория атыылааччылар бааллар – автолавкалаах дьон, холобур, Мархатааҕы сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанар комплекс уонна Киров уул., 12 №-гэр турар «Кладовая Севера» тэрилтэ. Кинилэр оҥорон таһаарааччылар буолалларын быһыытынан эмиэ төлөбүрэ суох тураллар. Иккис категория – сезонунан атыылааччылар. Саас-сайын аайы оҕуруот аһынан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалар тураллар, кинилэр эмиэ аренда иһин төлөөбөттөр.

 

Атыыһыттарга туох ирдэбил баарый?

Бастатан туран, санитарнай киниискэлээх буолуохтаахтар, санминимум, быраас көҥүлэ (допуск врача) барыта баар буолуохтаах. Иккис ирдэбил – олохтоох оҥорон таһаарааччы быһыытынан регистрациялаах, холобур, бааһынай хаһаайыстыбата эбэтэр ити «Скиф», «Мархатааҕы свинокомплекс» курдук юридическэй сирэй буолуохтаахтар.

Физическэй сирэйдэргэ улахан ирдэбил суох. Кинилэр Олохтоох дьаһалтаҕа кэлэн эмиэ сайабылыанньа суруйуохтаахтар. Үксүгэр саастаах дьон, биэнсийэлээхтэр тахсан атыылыыллар. Кинилэргэ сүрүн ирдэбил – бэйэлэрэ үүннэрбиттэрин атыылыахтаахтар, атын сиртэн ылбыт бородууксуйаны, аһы-үөлү атыылыыллара көҥүллэммэт. Холобур, маҕаһыынтан бородууктаны эбэтэр атын табаары атыылаһан баран сыанатын эбэн атыылыа суохтаахтар. Чааһынай атыылыыр дьоҥҥо санминимум ирдэммэт, тоҕо диэтэххэ промышленнай таһымнаах оҥорон таһаарыы буолбатах.

 

Биирдиилээн дьон тугу атыылыыллара көҥүллэммэтий?

Чааһынай атыыһыттар (физическэй сирэйдэр) бэйэлэрэ тууһаабыт, кэнсиэрбэлээбит бородууксуйаларын атыылыыллара бобуулаах. Холобур, тэллэйи тууһаан, барыанньаны буһаран атыылыыллара көҥүллэммэт. Хаһыат ааҕааччыларыгар туһаайан этиэм этэ, доруобуйаҕытын харыстааҥ, тууһаммыт тэллэйи, кэнсиэрбэлэммит оҕуруот аһын уонна оннооҕор барыанньаны илииттэн атыылаһымаҥ. Хайдах усулуобуйаҕа, санитарнай ирдэбили төһө тутуһан оҥоһуллубута биллибэт, ордук тэллэй сэрэхтээх. Төһө да ымсыырбыккыт иһин туттунуҥ диэн сүбэлиэхпин баҕарабын. Бобуулааҕын да иһин сорохтор, ордук саастаах өттө, атыылыыллар. Оннооҕор куйааска түргэнник буорту буолар астары – үүтү, сүөгэйи атыылыы турар буолаллар.

 

Сыананы ким олохтууруй?

Сыана туһунан этэр буоллахха, РФ Федеральнай сокуонугар олоҕуран сыананы быһар бырааппыт суох, атыыһыттар бэйэлэрэ быһаараллар. Биһиэхэ социальнай суолталаах табаардар эрэ испииһэктэрэ баар.  

Дмитрий Туприн информациятынан, куорат үрдүнэн оҕуруот аһын атыылыыр 77 туочука баар, бэс ыйын саҥатыттан үлэлии тураллар. Олортон сорох, дьон сылдьарыгар саамай табыгастаах аадырыстары санатабыт:

Можайскай уул., 27;

«Апельсин» эргиэн киинин таһыгар;

Дзержинскэй уул., 32;

Дзержинскэй уул., 21;

Дзержинскэй уул., 1;

Лермонтов уул., 23;

Лермонтов уул., 98;

Лермонтов уул., 92/1;

Аммосов уул., 6;

Ярославскай уул., 13/2;

Киров уул., 13;

Орджоникидзе уул., 39;

Октябрьскай уул., 5.

Атыылыыр туочукаҕа туруу саамай уһун болдьоҕо 85 күн, итини өссө уһаттарыахха сөп. Оҕуруот аһын атыылыыр туочукалар бэс ыйыттан, күн-дьыл хайдаҕыттан көрөн, балаҕан ыйын бүтүүтүгэр диэри үлэлииллэр.

***

Лермонтов уул., 23 №-дээх дьиэтин аттынааҕы туочукаҕа атыылыы турар Юрий Михайлович Долженконы кытта кэпсэттибит, кини Марха олохтооҕо, 70 саастаах, биэнсийэлээх. Кэргэнинээн сыл аайы бу миэстэҕэ атыылыырга көҥүл ылан, бэйэлэрэ үүннэрбит бородууксуйаларын атыылыыллар. Бастаан атыылыырбар кыбыстар этим, өр сылларга Авиапорт салаатыгар начаалынньыгынан үлэлээбитим, биэнсийэҕэ тахсан баран оҕуруотунан дьарыктанабын диир.  

Юрий Михайлович Долженко, оҕуруот аһын үүннэрээччи:

– Оҕуруот аһын арааһын – хортуоппуйу, помидоры, оҕурсуну, сүбүөкүлэни, моркуобу үүннэрэбит. Сааһыран оҕуруоппутун көрөрү ыарырҕатар буолан эрэбит, онон оҕолорбут, сиэннэрбит көмөлөһөн абырыыллар. Өссө тиэргэммитигэр черемуха үүнэр, ол отонун атыылыыбын. Олус туһалаах, эмтээх уонна минньигэс. Бэйэм барыанньа эҥин буһарбакка сиикэйдии сии сылдьарбын сөбүлүүбүн, куртах, ис уорган ыарыытыгар олох үчүгэй. Кыһын тоҥорон кэбиһэбит.

Быйыл оҕуруоппут үчүгэй, арай помидор үүнүүтэ мөлтөх соҕус, кэмигэр кыайан көрбөккөбүт дии саныыбыт. Хата оҕолорбут – кыыспыт, уолбут – өрөбүл аайы уу кутуһан, атын үүнээйилэрбит үчүгэйдэр. Сүбүөкүлэбит быйыл наһаа бөдөҥ буолла.

Биһиги бэйэбит үүннэрбиппитин удьуор маннык атыылыыбыт диэххэ наада. Урут ийэм, эбэлэрим уулуссаҕа туран атыылыыллар этэ. Ол саҕана итинник атыылыыр дьону оччо сөбүлээбэттэр, үспүкүлээн курдук көрөллөрө. Билигин киһи үлэтэ сыаналанар буолбутуттан, куорат салалтатын өттүттэн өйөбүл баарыттан үөрэбит.

Оҕуруот аһын атыылыыр туочукалары көрдөххө, сыаналара барыта тэҥ кэриэтэ. Арай уулуссаҕа босхо миэстэҕэ атыылыы турааччылар “Сайсары» бааһынай ырыынагыттан арыый да үрдүк сыаналаахтар диэн көрдүбүт. Холобур, уулуссаҕа атыылааччыларга  хортуоппуй сыаната 150, помидор 150-180, оҕурсу 100-150 солкуобай, оттон ырыынакка хортуоппуй — 100-140, помидор – 100, оҕурсу – 80, клубника – 1000 солкуобай.

Биирдиилээн туочукаларга орто сыана:

Хортуоппуй – 150 солк.;

Помидор – 150-180 солк.;

Оҕурсу – 100-150 солк.;

Хаппыыста – 60-70 солк.;

Брокколи – 250 солк.;

Моркуоп – 150 солк.;

Болгария биэрэһэ – 150-180-250 солк.;

Арбуз – 120-80 солк.;

Кабачок – 60 солк.;

Дыня – 120-110 солк.;

Кукуруза – 250 солк.;

Клубника – 1500 солк.

Дьиҥэр, атыылыыр миэстэлэрин иһин төлөөбөт оҕуруотчуттар сыаналара арыый да удамыр буолуох эбит.

 

Тыа хаһаайыстыбатын күһүҥҥү бородууксуйатын атыылыан, төлөбүрэ суох миэстэҕэ тиксиэн баҕалаахтар Олохтоох дьаһалтаҕа көҥүл ыла тиийэҕит. Аадырыһа: Ленин пр., 15, 207-с кэбиниэт, билсэр төлөпүөн: 40-80-95.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....