30.05.2020 | 10:41

COVID-19 утары вакцина айбыттар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бары даҕаны дьиэбититтэн хаһан тахсарбытын, көҥүл чыычаахтыы көччөх гынан көтөр күммүтүн  күүтэбит. Бу иннинэ үчүгэй да этэ: сарсыарда үлэҕэр кэлэҕин, доҕотторгун кытта көрсөҕүн, атын дойдуга сынньана бараҕын, туохтан даҕаны куттаммаккын, олох диэн олус да кэрэ диэн ыра санаа ыллыгынан ыйдараҕын... Көҥүллүк да олорбут эбиппит. Хааччаҕа суох...

Коронавирус дьаҥа тарҕаныаҕыттан олохпут 180 кыраадыс тосту уларыйда. Бу диэн эттэххэ, оннооҕор чугас доҕотторгун-атастаргын кытта сыһыаммыт уларыйда. Биир бэйэм бу уустук балаһыанньаны өйдөөн, дьиэттэн тахсыбаппын, ханна да быгыалаабаппын, судаарыстыба тугу этэринэн сирдэтэбин, сокуону  тутуһабын...

Аптаах вакцина диэн хаһан да, ханна да суоҕа. Арай улуу суруйааччылар айымньыларыгар айылынна ини. Билигин Арассыыйаҕа коронавирустан харыстыыр улахан тургутугу ыыта сылдьаллар. Ол туһунан  академик, коронавируһу утары вакцина кылаабынай клиническэй чинчийээччитэ Дмитрий Пушкарь “Российская газета” хаһыакка кэпсээбит.

Пушкарь Арассыыйа сүрүн уролога, хирург бырааһа, ураты дьикти, ол иһигэр роботическай эпэрээссийэлэри ыытар биллиилээх учуонай.

Билигин коронавируһу утары араас хабааннаах клиническэй чинчийиилэр саҕаламмыттар. Сорох вакцина, сатаан утарыласпакка өлөн, уостан  хаалар эбит. Атын препараттарга кырата 2 сыл чинчийии ирдэниллэр диэн этэллэр. Бүгүҥҥү күн туругунан биир эрэ тыыннаах хаалбыт –  ФАВИПИРАВИР. Саҥарарга уустук, киһи тыла өҕүллүбэт да буоллар, көдьүүһэ баһаам эбит.

БЫЫҺЫЫР-АБЫРЫЫР ЭРЭЛБИТ...

Фавипиравир – бу эрдэттэн чинчийии түһүмэҕэр бэйэтин саамай үчүгэй өттүнэн көрдөрбүт препарат. Ол курдук, Японияҕа үрдүк вируснай ноҕуруусканы ааспыт. Ыарахан инфекциялар утары туттуллар противогриппоз быһыытынан биһирэнэр.

2020 сыл кулун тутар ыйыгар Кытайга, Ухань уонна Шэнвень куораттарыгар ыытыллар клиническэй чинчийиилэри ааспыт.

Резистентнэй вируһу өлөрөр аналлаах буолан, эпидемия кэмин устата көдьүүстээҕин көрдөрдө. Вакцина этэҥҥэ үлэлээтэҕинэ, бигэргэннэҕинэ «Арепливир» диэн аатынан аптекаларга атыыга тахсыаҕа.

Арассыыйа учуонайдара  Фавипиравиры эрдэ чинчийэн көрбүттэр. Бу үлэҕэ дойду бастыҥ вирусологтара, биохимиктэрэ кыттыбыттар.

  • Арассыыйаҕа препараты оҥорон таһаарыыны саҕалаатыбыт.  Биһиги бу веществону хаһан да туһамматахпыт, туһанар наадабыт да суоҕа. Билигин бэйэбит препараттарбытыгар сыһыары тутаммыт, Арассыыйа бородууксуйатын кытта тэҥниибит. – диэбит “Российская газета” хаһыакка Дмитрий Пушкарь.

ОҔО КУРДУК “БҮӨБЭЙДИЭХХЭ” НААДА

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бу препарат көдьүүстээҕин уонна куттала суоҕун туһунан боротокуолу биһирээбит. Чинчийээччилэр, клиницистэр саҥа үөрэтэн эрэр буоланнар, үлэни тэтимин түргэтэтэр бырааптара суох. Препараты үчүгэйдик үөрэтиэххэ, үүннэриэххэ, оҕо курдук “бүөбэйдиэххэ” наада. 6-8 нэдиэлэнэн чинчийиини түмүктүүр санаалаахтар.

ТҮМҮГЭ ҮЧҮГЭЙ

Н.Ф. Гамалея аатынан национальнай чинчийэр уонна эпидемиология киинин дириэктэрэ, РАН академига Александр Гинцбург докторскай диссертациятын түмүктүүрүгэр учуонайдар вакцинаны ааҕан, чинчийэн баран, бэс ыйыгар баҕалаах дьоҥҥо боруобалаары кэтэһэ сылдьалларын туһунан кэпсээбит. Бу туһунан «Новости» РИА сайтыгар суруллубут.

Кини этэринэн, вакцинаны айыы, чинчийии  доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бигэргэппит былаанынан үлэлиир. Билигин крысаларга, кутуйахтарга кытаанах тургутуулар түмүктэнэн эрэллэрин иһитиннэрбит.

Төһө тулуктаһар кыаҕын бэрэбиэркэлээтибит. Түмүк билиҥҥи туругунан үчүгэй. Эбисийээнэлэргэ  чинчийиилэри эмиэ түмүктээн эрэбит — кинилэр препарат үрдүк иммунногенноһын уонна куттала суох буолуутун бигэргэттилэр, –  диэн Гинцбург «Российская газета» хаһыакка кэпсээбит.

ХАҺАН?

Гинцбург этэринэн, вакцинаны маассабай производствоҕа таһаарыыны атырдьах ыйыгар былаанныыллар. Бастатан туран, вакцинация бастакы түһүмэҕэ аны күһүн саҕаланыан сөп. Коронавируһу утары үлэлии сылдьар быраастарга, персоналларга туруоран саҕалыахтара.

ИННИКИНИ ТЫМТЫКТАНАН КӨРБҮТ СУОХ...

Коронавирус пандемията бүтүн планетаны, миллиардынан дьон олоҕун уларытта. Аҕыйах ый иһигэр аан дойду киһи билбэт гына уларыйда.

Аан дойду таһымыгар, судаарыстыбалар истэригэр, дьон-сэргэ икки ардыгар туох уларыйыы тахсыай? Политикаҕа, наукаҕа, экономикаҕа, цифровизацияҕа COVID-19 бэйэтин кэнниттэн туох суолу-ииһи хаалларыай? Бу ыйытыктарга биһиги ааҕааччыларбыт бэйэлэрин санааларын этэллэр:

  • Оскуолалар уонна үөрэх бары кыһалара бары онлайн үлэлиэхтэрэ. Оҕо ханнык онлайн оскуолаҕа, учууталга, устудьуон ханнык университекка  үөрэниэн баҕарарын бэйэтэ талар кыахтаныан сөп.
  • Төрөппүттэр оҕолоругар мобильнай төлөпүөнү бобуохтара суоҕа. Тоҕо диэтэххэ кинилэр саамай бастакы, дьиҥнээх информацияны смартфоннарыттан ылыахтара. Аныгы төлөпүөн киһи температуратын кытта бэрэбиэркэлиир буолуоҕа дииллэр.
  • Айылҕа уһуктуоҕа. Кыыл-сүөл элбиэҕэ, ойуурдар, алаастар тыын ылыахтара,  үүнүөхтэрэ-силигилиэхтэрэ. Салгыммыт ырааһырыа, иһэр уубут тупсуо. Дьон бары айылҕаҕа чугас буола сатыахтара.
  • Экономика самныаҕа, оччоҕо ханнык судаарыстыба тыыннаах хаалыай диэн сүрүн ыйытыы туруоҕа.
  • Эпидемияны кэм уонна олох уларыйыыта диэн өйдүөххэ сөп. Эволюция ханнык баҕарар түгэҥҥэ кэлэн ааһыахтаах. Ол барыта – айылҕа суруллубатах сокуона.
  • Кытайдар аан дойдуну баһылыахтара. Кинилэр аныгы технология сайдыытын, түһүүтүн-тахсыытын барытын бас билиэхтэрэ. Атын судаарыстыбалар кинилэргэ кулут курдук олоруохтара, оннооҕор АХШ.
  • Космоһы кытта үлэ күүһүрүө. Олохпут сайдан, онно улахан станциялары, собуоттары тутуохтара. Элбэх киһи үлэлиэ.
  • Цифровизация кимэн киирэн иһиэҕэ. Анал үөрэхтээх дьон ахсаана тиийиэ суоҕа.
  • Бүтэр уһукка технологическай, ядернай сэрии буолуон сөп. Ким, хайа норуот, ханнык судаарыстыба бу орто дойдуга тыыннаах хаалыай?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...