«Цифровой Алмаас»: IT уонна креативнай эйгэ сайдыыта
Дьокуускайга сэтинньи 23-24 күннэригэр «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер киинигэр «Цифровой Алмаас» федеральнай таһымнаах форум иккис төгүлүн ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду атын регионнарыттан 2,5 тыһыынчаттан тахса IT, экономика уонна креативнай индустрия салааларын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Икки күн устата кыттааччылар дойду саҥа экономикатын таһымын, искусственнай интеллект, цифровой үөрэхтээһин уонна да атын эйгэлэр экономикаларын сайыннарыы тула дьүүллэстилэр. Дьыалабыай бырагыраама чэрчитинэн этээс ахсын түөрт трек үлэлээтэ – “Цифровой инники. Саҥа саҕахтар”, “Үөрэхтээһиҥҥэ цифровой контент”, “Геймдев 3.0” уонна “Медиа”.
«HACK-the-ICE» быыстапка
Форум кэмигэр өрөспүүбүлүкэ тарбахха баттанар «HACK-the-ICE» быыстапката үлэлээтэ. Манна «Б8» акселератор кыттыылаахтара араас стартаптары уонна Дьокуускай куорат IT-пааркатын резиденнэрэ бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Социальнай ситимнэр инники күөҥҥэ
Форум чэрчитинэн «Я люблю Госпаблики» диэн ааттаах социальнай ситимнэр администратордарыгар аналлаах ураты хабааннаах тэрээһин буолла. Бу сессияҕа администратордар бэйэлэрин бастыҥ быраактыкаларын үллэһиннилэр.
Тэрээһин сыала-соруга – суударыстыбаннай пабликтарга контент хаачыстыбатын үрдэтии, администратордар идэҕэ уһуйалларыгар сөптөөх эйгэни тэрийии уонна көҕүлээһин. Тэрээһиҥҥэ 130-ча киһи кыттыыны ылла – оҕо уһуйааннара, оскуолалар, балыыһалар, култуура тэрилтэлэрэ уо.д.а.
Кэскиллээх сөбүлэһиилэр
Маны таһынан икки күн иһигэр 11 сөбүлэҥ түһэрсилиннэ. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы сибээс уонна информационнай технология колледжа уонна «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр. Кинилэр Саха сирин креативнай экономикатын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга дуогабардастылар.
«Маны сэргэ “Сбер” хампаанньа «Школа 21” оскуолатын уонна «Арктикатааҕы Телеком» тэрилтэни кытары илии баттастыбыт. Тоҕо диэтэххэ биһиэхэ үөрэнэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго психологическай доҕуһуол наада. Биһиги устудьуоннарбыт хас да сылынан сибээс тэрилтэлэригэр үлэлиэхтэрэ. Инникитин бу хайысхаҕа салгыы үөрэниэхтэрэ уонна сайдыахтара. “Сбер” хампаанньа «Школа 21” оскуолатыгар үөрэнэр кыах баар буолуоҕа»,– диэн кэпсээтэ Сибээс уонна информационнай технология колледжын дириэктэрэ Гаврил Семенов.
«Нордголд» көмүһү хостуур тэрилтэ Өлүөхүмэ оройуонун Тээнэ уонна Бэс-Күөл сэлиэнньэлэригэр интэриниэт ситимэ киирэригэр наадалаах үлэни үбүлүүр буолла. Тэрилтэ бу сыалга 170 мөл. солк. ыытыаҕа.
«Биһиги хампаанньабыт бу дьоһун социальнай бырайыагы өйүүргэ бэлэмнээҕин тута биллэрдэ. Бүгүҥҥү илии баттаһыы – Тээнэ нэһилиэгин уонна Өлүөхүмэ оройуонун дьаһалтатын, СӨ инновацияҕа министиэристибэтин элбэх өрүттээх үлэтин түмүгэ. Токко уонна Даппарай сэлиэнньэлэриттэн Бэс-Күөлгэ диэри интэриниэт ситимэ тардыллан киириэҕэ. Онтон сиэттэрэн бу нэһилиэктэр олохтоохторугар, оскуола үөрэнээччилэригэр, биэнсийэлээх дьоммутугар саҥа кыахтар арыллыахтара», — диэтэ Саха сиринээҕи «Нордголд» көмүһү хостуур тэрилтэ бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Андрей Варламов.
Оператордары бэлэмнээһин кэлимник барар
Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан беспилотниктары эйэлээх олоххо туһаныы боппуруоһа элбэхтик көтөҕүллэр буолла. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов бэлиэтииринэн, беспилотниктары логистикаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар да туһаныы элбэх кыһалҕаны быһаарыан сөп.
Саха сиригэр дроннар уонна беспилотниктар бырагыраамаларын оҥорор оробуочай бөлөх салайааччыта Айан Гаврильев бэлиэтээбитинэн, бастатан туран, беспилотниктары кытта үлэлиир дьону бэлэмниэххэ уонна кинилэр производстволарын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыахха наада.
Санатар буоллахха, Саха сириттэн бүтүн батальон тэриллэн турар. Онон билиҥҥи кэмҥэ беспилотниктары салайар идэлээх исписэлиис ирдэбиллээх буолан турар.
Киинэбитин туох диэтилэр?
Форум үлэтин Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков билистэ. Миниистир Дьокуускайга тутуллуохтаах элбэх өҥөлөөх киинэ павильонун бырайыагын көрдө.
Бэлиэтээн эттэххэ, киинэ павильона куорат 68-с кыбаарталыгар 2027 сылга тутуллуохтаах. Оттон бырайыак Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тус көҕүлээһининэн оҥоһуллар уонна киин куорат маастар-былааныгар киирэн турар. Бырайыак концепциятыгар киинэни оҥорон таһаарыыга сыһыаннаах экспердэр этиилэрэ барыта учуоттаммыт. Онон, дьэ, эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, айар куттаах дьоммут үлэтэ-хамнаһа өссө даҕаны үрдүк чыпчаалга тахсыа турдаҕа.
Алексей Чекунков саха киинэтэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсыбытын, региоҥҥа бренд буоларын бэлиэтээтэ.
Манна даҕатан этэр буоллахха, «Экстра Синема” саҥа киинэ проекторын билиһиннэрдэ. Проектор 14 миэтэрэ кэтиттээх улахан саалаларга, аудиторияларга уонна тыйаатырдарга ананар.
«Уһук Илин уонна Арктика» күрэх түмүгэ
«Уһук Илин уонна Арктика» экспедиция түмүгэ билиннэ. Бу күрэх уопсайа 18 регионтан кыттааччылары түмпүт. Куонкурус уопсай бириистээх пуондата 8 мөл. солк. тэҥнэһэр.
Куонкурус бастаан IT-эйгэтин салаатын уобаластарыгар ыытыллар этэ, онтон Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков көҕүлээһининэн креативнай хайысхалары эбэн биэрбиттэр. Онон мантан инньэ бу күрэх аан дойду таһымыгар тахсар буолла.
Күрэххэ оонньуулары оҥоруу салаатыгар Саха сирин «ILII GAMES» хамаандата бастакы миэстэни ылла. Кинилэргэ бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр 1 мөл. солк. кээмэйдээх сертификат туттарылынна.
Оҕолор бэйэлэрэ билинэллэринэн, хамаанда букатын саҥа уонна бу күрэххэ эрэ кыттаары тэриммиттэр эбит. Икки ый иһигэр улахан үлэ оҥоһуллубут, чахчы хаачыстыбалаах бырайыагы айан таһаарбыттар.
«Биһиги хара маҥнайгыттан кыайыыга суоттаммыппыт. Хамаанда сүрүн разработчиктара оонньуу индустриятыгар уопуттаах дьон; холобура, сэттэттэн тахса сыл бу хайысхаҕа үлэлиир дьон баар. Куонкуруска «Sacrament» диэн оонньуу бырайыагын бэлэмнээтибит. Тылбааһа «Андаҕар» диэн буолар, оонньуу биир тутаах чааһа олоҥхоҕо олоҕурар»,– диэн хамаанданы төрүттээччи Геннадий Амонов кэпсээтэ.