Чараас мууска кииримэҥ!
Өрөспүүбүлүкэ быыһааччылара сэрэтэр тэрээһиннэри, эриэйдэлэри, нэһилиэнньэни, ол иһигэр оҕолору кытта дьарыктары, бэсиэдэлэри ыытыыны салгыыллар.
Күһүҥҥү каникул саҕаланыыта, быыһааччылар куорат кытыытын оскуолаларыгар сырыттылар, үөрэнээччилэргэ муус туруон иннинэ сэрэхтээх буолуу ирдэнэрин, ууга түспүт киһини уонна бэйэни быыһыырга тугу гыныллыахтааҕын алгоритм быһыытынан үөрэттилэр. Итини сэргэ оҕолор өрөспүүбүлүкэ Быыһыыр сулууспатын үлэтин кытта билистилэр, быыһыыр сириэстибэлэри үөрэттилэр, экстреннэй сулууспалар нүөмэрдэрин хатылаатылар.
Киһини уйар муус халыҥа – саамай кырата сэттэ сантиметр, массыынаны уйарга отуттан тахса сантиметр буолара ирдэнэр. Билиҥҥи туругунан муус отой чараас, онон киһи олоҕор кутталы үөскэтэр.
Хаар түстэҕинэ муус халыҥыыра бытаарарын уонна уу эбийиэгин мууһа биир тэҥник халыҥаабатын, сорох сирдэринэн «сиикэй» сытарын өйдүөх тустаахпыт. Түргэн сүүрүктээх ууга, талах, хомус от үүнэр сирдэригэр муус эмиэ чараас буолар.
Төрөппүттэр оҕолоругар сэрэтэр үлэни ыытыахтаахтар, куттал суоһуурун туһунан кэпсээн туран, мууска оонньуу баралларын бобуохтаахтар.
Өйдөөҥ: чараас мууска киирии иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп!
Экстреннэй сулууспалары ыҥырар биир кэлим нүөмэр – 112, СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьуһуурунайын төлөпүөнэ: (4112) 45-90-19.