Быйылгыттан төлөбүрдээх вытрезвителлэр үлэлиэхтэрэ
Саҥа сыл саҕаланыаҕыттан Арассыыйа үрдүнэн вытрезвителлэр систиэмэлэрэ сөргүтүллэр буолла.
Тохсунньу 1 күнүттэн регионнар төлөбүрдээх медицинскэй вытрезвителлэри арыйан үлэлэтэр бырааптаннылар. Маны бэрээдэктиир саҥа сокуон бу сылтан олоххо киирдэ. Арассыыйаҕа вытрезвителлэр 80-ча сыл ИДьМ иһинэн үлээбиттэрэ, онтон 2011 сыллаахха сабыллыбыттара.
Вытрезвительгэ биир хонук ортотунан 1,5 тыһыынча солкуобай сыаналаах буолуоҕа диэн суруйаллар. Чопчу сыананы регион бырабыыталыстыбата бэйэтэ быһаарыахтаах.
Маны тэҥэ, быйылгыттан полиция үлэһиттэрэ итирик киһини, киниттэн ыйытыыта суох, вытрезвительгэ илдьэн туттаралларын мэктиэлиир сокуон олоххо киирэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



