09.03.2022 | 14:00

Бырабыыталыстыба уонна Олохтоох дьаһалта киин куорат сайдыытын дьүүллэстилэр

Бырабыыталыстыба уонна Олохтоох дьаһалта киин куорат сайдыытын дьүүллэстилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга «Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» Ыйааҕа олоххо киириитин чэрчитинэн, куорат уокуругун социальнай-экономическай сайдыытын былаанын регионнааҕы миниистирдэр кэбиниэттэрин уонна Олохтоох дьаһалта мунньаҕар дьүүллэстилэр. Мунньаҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ  Андрей Тарасенко салайан ыытта. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Мунньах бэбиэскэтигэр «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириитин, биэрэги бөҕөргөтүүгэ миэрэлэр, гаастааһын, гражданнары хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү, тулаайах оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы, тиэргэннэри уонна уопсастыбаннай туоналары тупсаран оҥоруу, халаан уонна ардах уутун ыытыы систиэмэлэрин таҥыы, көҕөрдүү туһунан уо.д.а. 19 боппуруос киирдилэр.
«Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириитин дьүүллэһиигэ куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар Министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээһин түмүгүнэн, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай бүддьүөттэн 481,5 мөлүйүөн солкуобай эбии көрүлүннэ.
«2022 сылга саҕалыыр уонна 2023 түмүктүүр индикаторнай эбийиэктэри контрактациялыырга эбии  296 мөлүйүөнтэн тахса суума наада. 2023 сылга бырайыактыыр-сметалыыр докумуону оҥорооһун үбүлээһинигэр 129 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр», – диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга.
Мунньах кыттыылаахтара баар соруктары билиҥҥи буола турар кэмҥэ, матырыйаал сыаната үрдээбитин учуоттаан быһаарыыны ылынары дьүүллэстилэр. 
Бырабыыталыстыбаны кытта мунньахха гражданнары хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ уонна тулаайах оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыыга болҕомто уурулунна.  Куорат баһылыга Евгений Григорьев 2021 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит 220 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн гражданнары өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар көһөрүөххэ диэн этии киллэрдэ. Ити сыалга 8 сыл устата 1,18 млрд солкуобай көрүллүөхтээх.
Санатан эттэххэ, билиҥҥи кэмҥэ РФ Бырабыыталыстыбата көһөрүү бырагырааматын кэҥэтэргэ үлэни ыытар, ол курдук, итиннэ Дьокуускайга баар 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэр 2021 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллибит 615 дьиэ киириэн сөп.
Евгений Григорьев СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ  Андрей Тарасенкоҕа уонна миниистирдэргэ туһаайан киин куорат кыһалҕаларын дьүүллэһэргэ маннык кыах биэрэллэрин иһин махталын тириэртэ. 
«Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн улахан өйөбүл баарын билэбит уонна бииргэ таһаарыылаахтык үлэлииргэ бигэ эрэллээхпит», – диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...