18.01.2024 | 16:00

Быһыйдар. Бастыҥнар. Саҥа ааттар

Быһыйдар. Бастыҥнар. Саҥа ааттар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Эргэ Саҥа Дьыл күнүгэр “Триумф” стадион-манеһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыһыҥҥы чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар 172 быһый спорт сарыыссатын хас да көрүҥэр илин-кэлин түһүстэ. Чемпионат историятыгар аан бастаан спорка уһун үйэлэниини көрдөрө сылдьар, сааһырары билиммэт бэтэрээннэр бырагыраамаҕа киллэриллэн күрэхтэстилэр.

Чемпионат аһыллыытыгар

Күрэхтэһии кыттыылаахтарын өрөспүүбүлүкэ спорка миниистирин I солбуйааччы Александр Бугаев, чэпчэки атлетика федерациятын бэрэсидьиэнэ Анатолий Кырджагасов, физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Андрей Игнатьев, сүрүн судьуйа Василий Алексеев эҕэрдэлээтилэр. Чэпчэки атлетиканан дьарыктанааччылар кэккэлэрэ хаҥаан, бастыҥнар көрдөрүүлэрэ үрдээн иһэрэ, ол курдук Сардаана Трофимова Азиятааҕы оонньуулар боруонса мэтээлин, Надежда Бут, Изабелла Борисова уһун сиргэ сүүрүүлэргэ, Наталья Леонтьева орто дистанцияҕа Арассыыйа чемпионаттарыттан кыһыл көмүс мэтээллэри аҕалтаабыттара бэлиэтэннэ. Петр Захаров дойдуттан соҕотоҕун аан дойду марафонугар кыттыыны ылаттыырыттан киһи астынар, киэн туттар. Надежда Бут норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын дастабырыанньатынан уонна бэлиэтинэн; Саха сирин элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, рекордсмена, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ, марафоҥҥа ССРС спордун маастара Артур Егорович Феофанов, итиэннэ күүстээх маастардары бэлэмнээн таһаартыыр РФ үтүөлээх тренерэ Борис Николаевич Ильин  “Саха сиригэр физкултуурунай хамсааһын 100 сыла” бэлиэнэн наҕараадаламмыттара; өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын сүүрүктэрэ Пелагея Григорьеваҕа, Валентин Ивановка спортивнай экипировкалар туттарыллыбыттара дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

 

Күлүмэх сүүрүүлэр

60 м уонна 200 м дьахталларга Дьокуускай 1 № оҕо спортоскуолатыттан Алсу Ахмерова  бастаата. Эр дьоҥҥо кыайыылааҕы видео-финиш быһаарда. Утары туран эт харахпытынан көрүүгэ Дмитрий Наумовка эрчиллэр Ньурба быһыйа, атах оонньуутун маастара Артем Иванов бастаабыт курдугун иһин, саҥа аат баар буолла диэммит, тута интервью ыллыбыт. 2019 сылтан кылгас сиргэ сүүрүүлэргэ көспүт. Бу иннинээҕи күрэхтэһиилэргэ үс иһигэр кииртэлээбит. Балачча биллэр, бастыы эрэ илик түргэн сүүрүк буолан биэрдэ. Ол да иһин: “Бастаабытым соһуччу буолла, күүппэтэҕим”,– диэтэ. Артем соһуйбута оруннаах буолан таҕыста. Видео-финиш чуолкайдаабытынан, кэлин сылларга иннин биэрэ илик, Бороҕоннооҕу спортивнай оонньуу чөмпүйүөнэ, эмиэ атах оонньуутун маастара Ленскэй быһыйа Валентин Иванов 7,257 сөк. көрдөрүүлээх бастаата. Артем Иванов уонна Бүлүүттэн Айаал Иванов көрдөрүүлэрэ тэҥ – 7,260 сөк. Онон икки иккис миэстэ баар буолла. Үһүөн Ивановтар. Ол оннугар Артем Иванов нөҥүө күн 200 м чөмпүйүөннээтэ. Чахчы, кыахтаах ыччат.

Инньэ гынан, алҕаспытын көннөрүнэммит, кыһыҥҥы чемпионакка үһүс төгүлүн субуруччу чөмпүйүөн аатын ылбыт Валентин Ивановтан интервью ыллыбыт: “Дьокуускайга “Якутскэнерго” стратегическай объегар ТЭЦ-кэ инженердиибин. Салалтам, профсойууһум өйдүүр, өйүүр буоланнар эрчиллэбин, күрэхтэһэбин. Стаарпын бэркэ ылбытым, бастакы сулбу ойон тахсыбытым. Ааспыт сылларга дистанцияҕа ситэн ааһаары ыгылыталлар этэ. Сытыы куоталаһыы онно саҕаланара. Эккирэтэр түгэннэрим баар буолаллара. Онтон бу сырыыга дистанция ортотун диэки тоҕо ким да сиппэтий диэн дьиктиргээбитим. Биэтэккэ үктэниигэ, хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, уолаттарым, дьэ, куугунатан кэлэн, ойоҕоспор баар буола түспүттэрэ. Инники былааным – Тааттаҕа буолар Манчаары. Онтон, дьэ, бэтэрээннэргэ күрэхтэһиэм”.

400 м дьахталларга өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр Амма быһый кыыһа, Сахалиҥҥа “Азия оҕолорун” кыһыҥҥы спортивнай оонньууларын кыттыылааҕа Милена Белолюбская 1 мүн. 06,38 сөк. кэллэ. Эр дьоҥҥо адаптивнай спорка сүһүөхтэринэн доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнарга кылгас сиргэ сүүрүүлэргэ уонна уһуну ойууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ Саргылан Семенов (Уус Алдан) 53,33 сөк. көрдөрүүлээх бастаата: “Доруобай спортсменнары кытта күрэхтэһиэхпин  уонна  миэстэлэһиэхпин, бастыахпын эрдэттэн күүскэ баҕарар этим. Арассыыйа адаптивнай спорка чемпионатыгар 200 м бастаабытым, онон дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар баарбын. Билигин 400 м өрөспүүбүлүкэҕэ доруобайдарга кыайдым, сыалбын ситистим. 200 м иккис буоллум. Эстафетаҕа куорат хамаандатын тэрийэммит бастаатыбыт. Тренерим Василий Андреевич Оленов. Иннибитигэр күрэхтэһии элбэх. Паралимпиадаҕа кыттар соруктаахпыт”.

Ленскэйтэн Александр Остапов, Мэҥэ Хаҥаластан Эльвира Устинова 800 м, Дьокуускайтан Елена Бурнашева 1500 уонна 3000 м бастаатылар. Эр дьоҥҥо Амма уҥмат тыҥалааҕа Айсенбег Черепанов хара маҥнайгыттан инники түһэн, эргииртэн эргииргэ тэтимин эбэн, стадион-манеһы сэттэ аҥаарда эргийиигэ сүүрүүнү баһылаата-көһүлээтэ уонна 1500 м 4 мүн. 16,56 сөк., 3000 м 9.12,36 түмүктээн, эрэллээхтик бастаата: “Сүүрүүнэн 2019 сылтан ДьТХА үөрэнэ киириэхпиттэн Александр Иларьевич Ивановка дьарыктаммытым. Билигин Татьяна Юрьевна Жирковаҕа эрчиллэбин. Бүгүн сүүрүүбүн биир тэтимҥэ туттум, финишкэ үлэлээтим. Лидердэр суохтарын иһин буолуо, урукку көрдөрүүбэр тиийбэтим. Полумарафоҥҥа көһүөхтээхпин. Казаньҥа Арассыыйа күрэхтэһиитигэр сүүрүөм. Тааттаҕа буолар Манчаарыга кэккэ ситиһиилэрдээх, көрдөрүүлэрдээх тиийиэхтээхпин. Ньурбаҕа буолар оонньууларга эмиэ кыттыам. Сүүрэр, күрэхтэһэр кэммин муҥутуурдук туһанар сыаллаахпын-соруктаахпын”.

Уһуну ойууга дьахталларга Олесова Валерия 5 м 68 см көрдөрүүлээх бастаата. Майатааҕы оҕо спорт оскуолатыгар тренердиир, уһуну ойууга өрөспүүбүлүкэ рекордсмена Игорь Скрябин 7 м 15 см түһэн, хаһыс да төгүлүн бастаата: “Атаҕым былчыҥар эчэйиилээх буоламмын, анал “прыжковай” дьарыгым суох, онон сэрэнэн, “тонуспун” тута сылдьардыы күрэхтэстим. Ааспыт сыл сайыныгар Валерий Куц Мемориалыгар миэстэлэһэ сылдьыбытым. Онно күрэхтэһии таһыма, күүрээнэ үрдүк.  Күүстээх ойооччу элбэх. Сүүрэллэрэ биһигиттэн олох атын, “напордаах”. Уонна “стопалара” күүстээх. Биһиги билигин түргэҥҥэ уонна күүскэ болҕомтону туһаайабыт. Штанганан үлэлиибит: түөспүтүгэр диэри таһаарабыт, “полуприседтары”, толору олорон турууну оҥоробут. Отуппуттан таҕыстым да буоллар, саха киһитэ хойут ситэр дииллэринэн, рекорпун тупсарарга сайын, салгыҥҥа үлэлэһиэм. Күүһүм, оскуораһым дьэ тахсан эрэр. Эчэйии эрэ мэһэйдээмиэн наада”.

Дьаадыраны анньыыга Роман Шмойлов (Уус Майа) кыайыыны ситистэ. Мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйүөнэ Дмитрий Попов (Уус Алдан) иккис үчүгэй көрдөрүүлэннэ.

4х200 м эстафетаҕа эр дьоҥҥо Дьокуускай, ХИФУ, Амма, дьахталларга Чурапчы, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас инники күөҥҥэ сырыттылар, пъедестал үктэллэригэр таҕыстылар.

Быйылгы чемпионат сүрүн уратытынан аҕам саастаахтар күрэхтэспиттэрэ буолла. Көрдөрүүлэри аан дойдутааҕы WMA таблицанан суоттаан, коэффициенынан таһаардылар. Сааскыттан тутулуга суох, көрдөрүүҥ намыһах да буоллаҕына, кыайыаххын, миэстэлэһиэххин сөп. Онон, көх, интэриэс баар. Сүрүн сыал-сорук – бэйэҥ сааскар үчүгэй, тэтиэнэх турукка сылдьыыны көрдөрүү.

60 м дьахталларга Марина Федоренко (Дьокуускай), Өлөөнтөн 70 саастаах Николай Семенов кыһыл көмүс уонна боруонса мэтээллэргэ тигистилэр. “Гиирэнэн, мас тардыһыытынан, хайыһарынан, биатлонунан дьарыктаммытым. Манчаары оонньууларыгар, тыа сирин спортивнай оонньууларыгар миэстэлэһэр этим. Билигин сүүрүүнэн, атах оонньуутунан, оҕунан ытыынан дьарыктанабын. 2001 с. Арассыыйа бэтэрээннэригэр Москваҕа, 2022 с. Сочига Адлерга уонна 2023 с. Чебоксарыга сүүрүүлэргэ уонна ыстаныыларга үһүс буолуталаабытым”,– диир Николай Семенов.

400 м Мария Халгаева (Дьокуускай), Николай Латышев (Хаҥалас);  Ульяна Слепцова (Чурапчы), Василий Готовцев (Нам) 1500 уонна 3000 бастааннар, абсолютнай чөмпүйүөн буоллулар.

Мэҥэ Хаҥаластан 57 саастаах Елена Максимова биир да утарсааччыта суоҕунан бастаата, Уус Алдантан дальнобойщик-суоппар Андрей Бочкарев Эдьигээнтэн кэлээт да күрэхтэһэн, уһуну ойууга уонна үстэ төхтүрүйэн ыстаныыга чөмпүйүөннээтэ. Мэҥэ Хаҥаластан Андрей Захаров 5 м 43 см түһэн, үһүс бириистээх миэстэлэннэ уонна уһуну ойууга уонна 60 м сүүрүүгэ 8,40 сөк. көрдөрүүлээх 35-39 саастаах бэтэрээннэргэ өрөспүүбүлүкэ икки рекордун олохтоото. Чемпионат саамай аҕам саастааҕа Чурапчы Кытаанаҕыттан 82 саастаах хайыһардьыт, сүүрүк Николай Захаров 60 м  сүүрбэ кыттааччыттан алтыс, 200 м үһүс миэстэлэннэ. Ааспыт сайын Чебоксарыга Арассыыйа бэтэрээннэрин чемпионатыгар 100, 200 уонна 400 м сүүрүүлэргэ үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэри ылаттаабыта. Билигин хайыһарга Арассыыйа чемпионатыгар бэлэмнэнэ сылдьар.

Бэтэрээннэргэ 200 м уонна 400 м Хаҥаластан Николай Латышев, 3000 м Чурапчыттан Ульяна Слепцова (Чурапчы), үстэ төхтүрүйэн ойууга Андрей Бочкарев, 4х200 м эстафетаҕа дьахталларга Чурапчы, эр дьоҥҥо Дьокуускай хамаандалара кыайыылары ситистилэр. 1500 м уонна 3000 м кыайыылары ситиспит Ульяна Слепцова (Чурапчы), Василий Готовцев (Нам) абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк ааттарын ылаттаатылар. 51 саастаах такси суоппара Василий Готовцев: “Бэтэрээннэргэ түмүк коэффициенынан быһаарыллар буолан, дистанцияларбар кыһалла сатаатым. Суоппар сылаалаах үлэтиттэн спордунан дьарыктанан сэргэхсийэбин. Сүүрүүнү таһынан тренажернай саалаҕа сиспин, атахпын эрчийэбин, гимнастиканан дьарыктанабын, турукпун тута сылдьарга сүрдээҕин туһалыыр”.

Онон, элбэх көрөөччүлээх, ыалдьааччылаах быйылгы чэпчэки атлетика кыһыҥҥы чемпионата киэҥ араҥаны хабан, улахан сэргэхситиини таһаарда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...