«Бухатыыр», быраһаай!
Дьокуускай куоракка Губин уулуссатыгар турар “Богатырь” атыы-эргиэн киинин бас билээччитин дьиэтин көтүрэригэр модьуйдулар.
Олохтоох дьаһалта туһааннаах хамыыһыйата быһаарбытынан, урбаанньыкка сир учаастага бэриллибэтэх, ону ааһан учаастакка маннык эбийиэк тутуллара көҥүллэммэт, эбиитин эбийиэк тутуу нуормаларын уонна быраабылаларын кэһэн туран, көҥүлэ суох тутуллубут.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу эбийиэк “наливайкалардаах” буолан, нэһилиэнньэ ураты болҕомтотун ылбыта ыраатта. Мантан чугас олорор дьон аһыы утах арааһа күнүстэри-түүннэри “үрүйэлии устарын”, онтон сылтаан кыбаарталга бэрээдэги кэһии тахсарын үгүстүк үҥсэллэрэ. Аһыы утаҕы көтөҕүнэн атыылаһааччылар сыбыытаһар сирдэрэ үлэтин тохтоторо уолдьаста. “Бухатыыры” кытта төһө түргэнник быраһаайдаһарбытын кэм-кэрдии көрдөрүөҕэ.