05.05.2024 | 12:00

«Бу дьоллоох олохпутун таптааҥ...»

«Бу дьоллоох олохпутун таптааҥ...»
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Улахан экраҥҥа соторутааҕыта тахсыбыт, саха киинэтин историятыгар номнуо саамай элбэх каассаны хомуйбут  “Карина” киинэ сүрүн дьоруойа кыысчаан сарсыарда уһуктан таҥна олорон “Сэрии буолбатын...” ырыаны киҥинэйэн ыллаабытын бэлиэтии истибит буолуохтааххыт – бу режиссер (Марианна Сиэгэн) көрөөччүгэ өссө биир кистэлэҥ илдьитэ диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ «Карина» киинэ олоххо баары кэпсиирин таһынан, киһини толкуйдатар өрүтэ үгүс. Ол туһунан элбэхтик суруйдулар, ырытыстылар. Оттон биһиги бүгүн киинэҕэ аҕыйах сөкүүндэ иһиллэн ааспыт ырыа историятын сэгэтэн көрөбүт.

«Эйэ, дьол иһин» ырыа историята

Ыам ыйын 1 күнүгэр уруккута Үлэ уонна Эйэ бырааһынньыга бэлиэтэнэрэ. Онтон салҕыы Улуу Кыайыы күнэ кэлэр. Онон бу икки күн ситимнээхтэр, норуокка сүдү суолталаахтар.

 

Эйэ, дьол иhин

 (С. Тимофеев тылл.,

Г. Никифоров мат.)

 

Сэрии буолбатын,

Хаан тохтубатын

Сирэм күөх сиргэ!

Өрүү чэлгийэ,

Үүнэ, чэчирии

Турдун күн сирэ!

 

Хос ырыата:

Суох буоллун сэрии,

Суох буоллун өлүү!

Туругур, эйэ!

Эйэ! Эйэ!

 

Бары сир устун

Бары дьон, түмсүҥ –

Эйэ, дьол иhин.

Кэккэбит хаҥыы,

Кэккэбит үксүү

Туруохтун биhи.

 

Өрүү үүнэ тур,

Өрөгөйдүү тур,

Эйэ дьыалата.

Дьолу көмүскүүр

Боростуой дьоммут

Бука барыта!

 

Эрэл санаанан,

Эрчим хаамыынан

Баран иhиэҕиҥ,

Суолбутун ыйар,

Сырдата тыгар

Кремль биһиэхэ.

 

Бу ырыанан бүтүн көлүөнэ үүнэн, иитиллэн тахсыбыта. Ол көлүөнэттэн билигин эбээ-эһээ буолан ытык саастарыгар тиийбит дьон саҥа тылланан эрэр сиэннэригэр, оҕолоругар бастаан үөрэтэр ырыалара Степан Тимофеев хоһоонугар суруллубут “Эйэ, дьол иһин” буолара.

“Эйэ, дьол иһин” ырыа 50-с сыллардаахха суруллубут. Матыыбын эмиэ сэрии бэтэрээнэ Георгий Никифоров айбыт. Хас да көлүөнэ дьон бырааһынньыкка, көрсүһүүлэргэ, дьоро киэһэлэргэ бу ырыаны доргуччу, дуораччы, өрө көтөҕүллэн ыллыыр этэ. Билигин бу ырыа өссө тоҕоостоох ис хоһооннонно.

 

Уоттаах сэриини ааспыт поэт

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, эрэдээктэр, поэт, тылбаасчыт Степан Иванович Тимофеев Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Моорук нэһилиэгэр 1921 с. тохсунньу 7 күнүгэр төрөөбүтэ.

Бүтэйдээх аҕыс кылаастаах оскуолатын, Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. 1940 с. Саха сириттэн отут икки оҕону сүүмэрдээн Ленинград куоракка А.Н. Островскай аатынан театральнай институкка үөрэххэ ыыппыттара. Сүргэтэ көтөҕүллэн, астына-дуоһуйа үөрэнэ сырыттаҕына, күһүн Карелияҕа Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр сулууспаҕа  ыҥырбыттара.

1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. Степан Тимофеевы кытта бииргэ үөрэммит уолаттара эмиэ барбыттара. “Үчүгэй да уолаттар бааллара. Холобур, сэрии кэмигэр хас да уордьаннаах, аатырбыт офицер – Исай Попов. Биһиги, оччолорго бииргэ үөрэнэ сылдьан, кинини оннук сэрииһит буолуо диэн сэрэйбэт этибит. Ол эрээри Исай туттара-хаптара эрчимнээҕэ, көрөрө-истэрэ кытаанаҕа”, – диэн Степан Иванович ахтарын кэлин биир дойдулаахтара мооруктар кинигэлэригэр киллэрбиттэрэ.

Уоттаах сэрии ыарахан сыллара өлүү-сүтүү арыалланан, аас-туор олоҕу амсатан, бар дьону ытатан-соҥотон ааспыттара. Ленинград 23-үс аармыйата блокаданы тулуйан, кэлин өстөөх төгүрүктээһинин тоҕо көтөн, хаста да өлө сыһа-сыһа тиллэн, кэмниэ-кэнэҕэс сүҥкэн кыайыыны ситиспитэ. Бу сыллар тухары Степан Тимофеев Ленинград оборонатыгар кырыктаах кыргыһыыларга, куораты көмүскээһиҥҥэ хорсуннук сылдьыбыт эбит.

Сэрии бүппүтүгэр кыайыы көтөллөөх, өрөгөйдөөх үөрүү аргыстаах эргиллибит саллааттар ортолоругар старшай лейтенант, отделение командира, связист-телефонист С.И.Тимофеев 1946 с. дойдутугар эргиллибитэ.

Аҕыйах хоноот, Дьокуускай куоракка киирэн Саха сирин кинигэ издательствотыгар корректорынан, кэлин эрэдээктэринэн эҥкилэ суох, үтүө суобастаахтык 43 сыл үлэлээбитэ.

 

Суруллубут – суоруллубат

Ленинград куораттааҕы А.Н.Островскай аатынан судаарыстыбаннай театральнай институкка саха оҕолорун институт солбуйар дириэктэрэ кэлэн талбыт, эксээмэн туппут эбит.

“Саха сириттэн 32 оҕо  талыллыбыта. Оччотооҕуга сөмөлүөт эҥин диэн суох буоллаҕа, поездка  олорон, Москубанан эргийэн, Ленинградпытыгар биир ый айаннаан тиийбиппит. Институппут Моховая уулусса 4 нүөмэригэр баара. Оттон ол утарыта ТЮЗ (Театр юного зрителя) турара. Дьэ биһиги, хаһан да баччалаах  улахан куораты харахтаабатах дьон, сөҕүү-махтайыы бөҕө этибит. Ленинграды култуурунай олохтоох дойду диэн ылыммыппыт. Пушкин аатынан театрга, ТЮЗ-ка элбэхтэ сылдьарбыт. Уулуссаҕа олохтоохтору ситэн аастахпытына, тута: “Это кто такие?” – дии-дии хаалаллара. Сорохторо: “Китайцы”,  – дииллэрэ. Саха диэни билбэт буоллахтара. Институппутугар Ленин уордьаннаах Борис Михайлович Сушкевич үлэлиирэ. Биир учууталбыт эмиэ Ленин уордьаннаах этэ. Ити  курдук үөрэнэ сырыттахпытына, 18-кын туолбуккун диэн, аармыйаҕа ылбыттара. Инньэ гынан, Ленинград оборонатыгар түбэспитим. Онно сэриини быһа куораты көмүскээччилэри ханна да хамсаппатахтара. Сэрии саҕаланна да, буомбата, үнтү сынньыыта үгүс. Аармыйаҕа сылдьан сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сулууспалаатаҕым. Сүрдээх өр кэм этэ. Сөмөлүөт бөҕө былыт курдук көтөрө. Куораты үлтү урусхаллаан кэбиспиттэрэ. Уулуссаҕа өлбүт киһи бөҕө, олору ким да кыайан хомуйбат этэ. Ол барыта билигин киинэҕэ көстөөччү. Институкка 32 оҕо барбытыттан бэрт аҕыйах ордон кэлбитэ… Атыттар хоргуйан өлүтэлээбиттэрэ. Мин да өлбүт буолуохпун, аармыйаҕа ылбыттара. Сэрии кэмигэр 200 грамм килиэп, мииҥҥэ маарынныыр хааһы, судураай курдук астаах буоларбыт. Сэрии бүппүтүгэр миигин хамандыырдары бэлэмниир Таллиннааҕы байыаннай-пехотнай училищеҕа ылаары биир сылы быһа эрийбиттэрэ. Онно саастарынан хапсыбатахтары дойдуларыгар утаарбыттара. Мин төннөр буолбуппун истэн, үөрбүтүм аҕай. 1946 с. дойдубар кэлэммин, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар үлэлии киирбитим”, – диэн ахтыытын “Кэскил” хаһыакка суруналыыс Жанна Леонтьева таһааран үйэтиппитэ. Степан Тимофеев таһаарыылаахтык суруйара, “Бэлэм буол” хаһыаттан саҕалаан бэчээттэнэн, саха ааҕааччытыгар сөбүлэппитэ.

                                                                 

Хайҕалга наадыйбатах чыычаах

Биир дойдулааҕа поэт, прозаик Иннокентий Сосин Степан “Чыычаахтар хайҕалга наадыйбаттар” кинигэҕэ: “Сэрии инниттэн саҕалаабыт таптыыр идэтинэн, ырыа-хоһоон суруйуутунан дьарыгырбыта. Кини хоһоонноро бэрт сэмэйдик ааҕааччы хараҕар сыыйа биллэн барбыттара, ырыа буолан тарҕаммыттара. Хампасыытар Грант Григорян, Захар Винокуров, мелодистар Христофор Максимов, Серафим Павлов, Георгий Никифоров, Федор Лобанов кини суруйбут хоһоонноругар мелодиялары хамаҕатык айаллара. “Эйэ, дьол иһин”, “Көтөллөр ол көмүс дорҕооннор”, “Сурук”, “Мин ийэм”, “Булчут ырыата”, “Доҕордоһуу ырыата” уо.д.а. хоһоонноро маассабай ырыа буолан, Саха сирин үрдүнэн киһи барыта ыллыыр буолбуттара. Кини бэрт истиҥ иэйиилээх, киһи дууһатыгар бэрт иһирэхтик киирэр ис уйулҕалаах лирик поэт буоларын таһынан, бэрт чэпчэки, иһирэх тыыннаах, кими баҕарар мүчүҥнэтэр бэртээхэй хоһоонньут”.

Поэт хоһоонноро, ырыалара 20-чэ кинигэ буолан ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр тахсыбыттара: “Күөх ыллык” (1955 с.), “Сааскы тыал” (1958 с.), “Сандаарар саҕахтар” (1960 с.), “Уйгулаах унаарга” (1963 с.), “Суох буоллун сэрии” (1970 с.), “Мүчүк” (1989 с.), “Эриэн-бараан эйгэтигэр” (1985 с.), “Дьоҕойон дьоҕустук” (1991 с.), “Өксөкүлээх күннэр” (1995 с.), “Олох уһун суолугар” (1981 с.); оҕолорго анаан: “Оҕолор” (1965 с.), “Сулусчаан” (1965 с.), “Оонньуурдар” (1969 с.), “Доҕордуулар” (1976 с.) уо.д.а.

Д. Мамин-Сибиряк “Кэпсээннэрин” (1948 с.), Е. Ильина “Төрдүс үрдэлин” (1954 с.), П. Журба “Александр Матросовын” (1956 с.), А. Гайдар “Р.В.С.”, уонна К. Симонов “Тыыннаахтар уонна өлбүттэр” трилогиятын бэрт сыралаахтык үлэлээн сахалыы саҥардыбыта.

Бииргэ алтыспыт дьоно Степан Ивановиһы сайаҕас, киэҥ билиилээх, олус сэмэй киһи диэн сыаналыыллара. “Чыычаахтар хайҕалга наадыйбаттар, ол эрэн бэрт баҕайытык ыллыы сылдьаллар. Биһиги Степаммыт эмиэ оннук”,– диэн Константин Туйаарыскай олус бэргэнник этэн кэбиспитэ.

 

Поэт бэйэтин туһунан:

Ордук хайҕана охсуох

Оннук талаан миэхэ суох.

Олус мөлтөх сүбэһиппин.

Ол эрэн үчүгэйдээх эбиппин –

Оҕус курдук үлэһиппин.

– диэн 1991 сыллаахха тахсыбыт “Дьоҕойон дьоҕустук” хомуурунньугар суруйбута.

 

Степан Иванович үүнэр көлүөнэни кытта көрсүһүүлэригэр баҕа санаатын этэрэ: “Оҕолоор, улахан эрэйинэн, муҥунан-сорунан харыстаан хаалларбыт бу дьоллоох олохпутун таптааҥ, Ийэ дойдугут киэн туттар дьоно буола улаатыҥ!”

Аҕа дойду сэриитин II степеннээх уордьана, “Ленинград оборонатын иһин”, “Германияны ылыы иһин” мэтээллэр бойобуой наҕараадалардаах Степан Иванович Тимофеев Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх поэт, тылбаасчыт, “АЛРОСА” АХ үбүлүүр Арассыыйа бөдөҥ литературнай бириэмийэтин лауреата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо буолбута.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...