Босхо юридическай консультациялар буолан аастылар
Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэҕэ босхо юридическай консультациялар күннэринэн Олохтоох дьаһалтаҕа бэҕэһээ, кулун тутар 29 күнүгэр, СӨ киһи быраабыгар боломуочунай Сардаана Гурьева көҕүлээһининэн босхо консультациялар буолан аастылар.
Аахсыйаҕа СӨ Юстиция министиэристибэтин, СӨ Юстицияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин, СӨ адвокатскай палаататын, СӨ Нотариальнай палаататын, «Мин докумуоннарым» элбэх функциялаах киин, Арассыыйа юристарын ассоциациятын, Дьокуускай куораттааҕы социальнай көмүскэл управлениетын, Олохтоох дьаһалта салааларын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Нэһилиэнньэни сүрүннээн сир, дьиэ-уот, суут, докумуоннары толоруу кыһалҕалара, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл долгутара билиннэ, диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.