Босхо гаастааһын киириэҕэ
Бэс ыйын 1 күнүгэр Госдуумаҕа үс ааҕыыны ааһан, Арассыыйаҕа гаастааһын таһымын үрдэтэр сыаллаах тэрээһиннэр “дорожнай каарталара” ылылынна.
Бу сокуоҥҥа олоҕуран, гаас Арассыыйа олохтоохторугар босхо холбонуохтаах. Саҥа ылыллыбыт докумуоҥҥа этиллэринэн, Биир кэлим гааһынан хааччыйар систиэмэ олохтонуохтаах (“Газпром”). “Газпром” хампаанньа суох сиригэр региональнай оператор тэриллиэхтээх – манна саамай бөдөҥ гааһынан хааччыйар тэрилтэ талыллар.
Гааһы тарҕатар тэрилтэлэри приватизациялааһын кэннэ, “Газпром” 208 тэрилтэттэн 80-гар эрэ үлэлиир бырааптаах, олортон 56 хампаанньаҕа баһылыыр акциялардаах. Ол иһин региональнай оператордар институттара сайдыахтаах.
Судаарыстыба суотугар учаастак кыраныыссатыгар диэри гаас ситимэ тардыллыыта ыытыллыаҕа. Бу иннинэ ыраахтан гаас турбатын чугаһатыыга дьон бэйэтэ кыттыһара. Дьаһал олоххо киириитэ гаас сыанатыгар охсуо суоҕа диэн суруйаллар.
Сэтинньи 1 күнүгэр диэри Бырабыыталыстыба туһааннаах нормативнай аакталары ылыныахтаах. Регионнарга гаастааһын концепцията оҥоһуллуохтаах.