03.09.2023 | 12:00

Бор алаас — айар кут биһигэ

Бор алаас —  айар кут биһигэ
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Үс саха дьолугар

Үөскээбит ыччатыҥ

Үтүөкэн биһигэр

Иэйиилээх сардаҥаҥ

Илбистээх утаҕын

Испэхтии түһээри,

Ыраахтан-чугастан

Ыралаах санаалаах

Хойутун даҕаны

Ыҥырсан мустуоҕа...

 

Атырдьах ыйын 25 күнүгэр Горнай улууһун Мытаах бөһүөлэгин Бор алааһыгар И.Е. Репин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ССРС, РСФСР, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга, сахалартан бастакы академик Афанасий Николаевич Осипов төрөөбүтэ 95 сылынан «Үс айар» диэн I-кы улуустааҕы аһаҕас күрэх буолан ааста.

Күрэх аата да этэринии, хамаандалар үс төгүл норуодунай Афанасий Осипов, итиэннэ ини-бии норуодунай суруйааччылар Семен, Софрон Даниловтар төрөөбүт Бор алаастарыгар мустан, уруһуйга, хаартыскаҕа түһэриигэ, хоһоон айыытыгар – искусство үс көрүҥэр тэҥинэн күөн көрүстүлэр.

Тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ Мытаах музей-галереятын дириэктэрэ Артур Егоров иһитиннэрбитин курдук, күрэҕи өссө саас ыам ыйыгар былааннаабыттара, быйылгы халыҥ хаартан сылтаан алаас хойукка диэри ууга туран, ыытыллар бириэмэтэ атырдьах ыйыгар көһөрүллүбүт. Инньэ гынан түөрт эрэ хамаанда кыттыыны ылла: Горнай улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан биирдии хамаанда уонна икки хамаанда Хатастан.

Ураты күрэх бастакы хорсун кыттыылаахтарын «тиэмэҕэ киллэрэр», «сыыйа сылытар» сыалтан маҥнай Мытаах музей-галереятыгар Афанасий Осипов, ини-бии Даниловтар олохторун-дьаһахтарын, айар үлэлэрин кытта билиһиннэрэр баай ис хоһоонноох экскурсия тэриллибитэ олус тоҕоостоох буолла. Норуодунай худуоһунньук хартыыналарын, тус малларын, этэргэ дылы, тутан туран көрбүттэрин-истибиттэрин, ол кэм тыынын эҕэрийэн сэрээттэммиттэрин кэннэ, дьэ, Бор алааһыгар айан буолла.

Бөһүөлэктэн наһаа тэйиччитэ суох бу Бор алааһа Афанасий Осиповы кытта ини-бии Даниловтар курдук көһөҥө талааннар төрөөбүт-үөскээбит, борбуйдарын көтөхпүт, кэлин даҕаны үөрүүлэрин үллэстэ, айар бөрүөлэрин сытыылана элбэхтик кэлэн ааспыт сирдэринэн биллэр. Бу да күн алаас барахсан ыраахтан-чугастан ыҥырсан кэлбит ыалдьыттарын биир бырдаҕа, дуомугар даҕаны тыала суох кийиит кыыстыы килбигийиэҕинэн килбигийэн, кэрэтийиэҕинэн кэрэтийэн, «айыҥ даа, миигин, ахтыҥ даа, кэрэбин» диэбиттии, үрдүк мэҥэ халлаантан сатыылаан түһэр сардаҥаларын, үөрдүспүт көтөрүн-чыычааҕын ырыатын, отун-маһын чээлэй күөҕүн, сиэркилэ ньуурунуу уу-нуурал чүөмпэтин, тыатыгар сирин аһын барытын ууран биэрэн, поэзия, живопись хонууларыгар холонооччу айар сүрэхтэргэ улуу убайдар алгыстарыныы баарынан-суоҕунан көмөлөстө. Кыттааччылар маны барытын хоһооҥҥо хоһуйан, холустаҕа түһэрэн, хаартыскаларга үйэтитэн, чахчы да, астаах, хоһоонноох, толкуйдаах айымньылары буһаран таһаардылар.

Ол курдук, Хатастан Владимир Ефремов уруһуйа, Полина Ефремова хаартыскаҕа устуулара, ону сэргэ дьиэлээхтэр тута хоһуйуулара үрдүк сыанабылы ыллылар. Түмүккэ кыайыылаахтарга уонна кыттааччыларга барыларыгар тэрийээччилэр Мытаах музей-галереята, Мытаах сынньалаҥ киинэ, Мытаахтааҕы олохтоох библиотека туруорбут сыаналаах бириистэрин уонна Туоһу суруктары туттардылар.

Күрэх кэнниттэн туох санаа үөскүүрүй? Бастатан туран, маннык күрэхтэр баар буолуохтаахтар! Бу күрэх искусство хас да көрүҥүн тэҥинэн тутан, кыттааччыга да, көрөөччүгэ да салгымтыата суох. Эбиитин дэгиттэр холонор кыаҕы биэрэр. Иккиһинэн, Бор алааһын бэйэтин эйгэтэ сыттаҕа! Этэргэ дылы, дьиҥнээх норуот талааннара, саха тыллаах эрэ үксэ билэр улуу дьоммут олорон, айан-тутан ааспыт алаастарын тыына, салгына хайа да бэйэлээх дууһатын кылын таарыйар модун күүстээх. Бука, ону билэн, итэҕэйэн, кэлиҥҥи кэмҥэ Бор алааһыгар айар куттаахтартан саҕалаан политиктарга тиийэ «ииттэринэ», алгыстана, арчылана диэн сыаллаах хотоҕостуу субуллар буолбуттар. Кэнэҕэһин кэнэҕэс манна Пушкин Болдинотыттан, Толстой Яснай Полянатыттан, нуучча улуу худуоһунньуктарын музей-уһаайбаларыттан, ыраата барбакка Үөһээ Бүлүү Намыгар Петр Тобуруокап уһаайбатыттан итэҕэһэ суох тэрилиннэҕинэ, аан дойду дьоно сылдьар сакральнай түһүлгэҕэ кубулуйуо турдаҕа. Саҥа сүрэхтэммит «Үс айар», эрдэ саҕаламмыт «Бор көмүс күһүнэ» курдук поэзия күрэхтэрэ онно далаһа буолаллар. Күрэх тутулугар тохтоон ааһар буоллахха, инники өттүгэр үлэлэри ырытыы, дьарыктаах дьонтон сүбэ-ама, санаа атастаһыы чааһыгар болҕомто ууруллара бэрт буолуо эбит. Оттон баҕа санаа быһыытынан Бор алааһын куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын, кылаастарын кытта шефтэһиннэрэн, өбүгэ үгэһигэр, ийэ тыл эйгэтигэр, уран тыл алыбыгар иитиигэ туһанарга аһары табыгастаах эбит. Суола-ииһэ, куораттан олус ырааҕа суоҕа барыта онно сөп түбэһэр. Ини-бии суруйааччы Семен, Софрон Даниловтар, худуоһунньук Афанасий Осипов дьыл түөрт кэмин барытын туойбут, хоһуйбут улуу дьоммут буоллахтара.

Маннык баҕа санаалардаах тэрийээччилэргэ махталбытын биллэрэбит, ситиһиилэри баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...