01.01.2022 | 10:30

Боло Уус дьүрүскэнэ

Боло Уус дьүрүскэнэ
Ааптар: Варвара Калининская, СӨ култууратын туйгуна, “Дьүһүй” сахалыы ырыа кулуубун тэрийсээччитэ, Алексей Калининскай, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, композитор-мелодист, “Дьүһүй” сахалыы ырыа кулуубун салайааччыта
Бөлөххө киир

Нуучча георгафическай уопсастыбатын уонна Арассыыйа суруналыыстарын, Саха сирин суруйааччыларын, Саха сирин уустарын Сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ураты көрүүлээх чинчийээччи, талба талааннаах норуот маастара Николай Аржаков-Боло Уус үүнэр 2022 сыл тохсунньу 7 күнүгэр 70 сааһын бэлиэтиэҕэ. Бүгүн кинини кытта сэһэргэһиибитин сэргээҥ.

 

 Мындыр өйүнэн, сатабылынан

– Билиҥҥи кэм сиэринэн, хас биирдии уус сахалыы ааттанара эрэйиллэр. Ол иһин былыргы өбүгэлэрим Боотур Уус уонна Боло Күлүкээн ааттарыттан таһааран, эмиэ биир өбүгэбит Сэһэн Боло курдук, Боло Уус диэн ааты ылыммытым.

Кыра эрдэхпинэ, ийэм Маайа дьүөгэлэрин кытта хомуска оонньоон, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһыгар кыттааччы. Ол хомуһун ылан, кэлин тыас таһаарарга үөрэммитим.

Биирдэ намыһах дорҕоону хомуска саҕан таһаарар санаа арахсыбаттыы киирбитэ. Оннук дорҕоону көрдөөн, бэрт уһуннук араас хомуһу тардан көрбүтүм да, кыайан булбатаҕым. Онтон бэйэм хомус охсорго санаммытым. Хас да сыл ыһыахтарынан сылдьан, хомус уустарын күрэхтэрин сыныйан көрбүтүм-истибитим.  Ол курдук, Бүлүү ууһа Петр Осипов-Төлөн Уус, Таатта ууһа Захар Эллэсин, Дьокуускай куорат уустара Роман Готовцев-Мындыр Уус, Николай Бурцев-Бахсы Уус, Феликс Комиссаров ньымаларын кэтээн көрөн уонна сирэй кэпсэтэн билсибитим. Кылыадьы Уус, Амынньыкы Уус, Хоһуун Уус хомус охсуутугар анаммыт суруйууларын аахпытым. Онтон уһун сылларга хомус охсуутунан утумнаахтык дьарыктанан уонна туттар инструменнарбар сөп түбэһиннэрэн, бэйэм суолбун-ииспин булбутум. Хомуһу хайдах охсорум туһунан сиһилии “Уһаныы абылаҥа” диэн кинигэбэр суруйбутум. Маҥнайгы охсубут хомустарбыттан биирдэрин Хомус аан дойдутааҕы түмэлигэр бэлэхтээн, хомус ууһа аатыран, “Саха хомуһа” диэн 2011 с. тахсыбыт кинигэҕэ киирбитим.

Боло Уус суруйар дьоҕурдаах буолан, саха тылын имигэстик туттар, онон оҥоһуктарын ситэрэн, хас биирдии хомуһун уобарастаан ааттаан-суоллаан, кэпсэнэр ис хоһоонноон, айымньы курдук дириҥ философиялаан айан оҥорор.

Николай Николаевич 2014 с. эдэр уустары уһуйууга туһаайыллыбыт тимир уһаарыллыытын ньыматын научнай өттүнэн ымпыгын-чымпыгын көрдөрөн-иһитиннэрэн кэпсиир сэминээргэ бэйэтин коллекциятыттан былыргы уустар уһааран таһааран быһа охсубут ньыгыл болгуо тимирдэрин уустарга көрдөрөн сөхтөрбүтэ уонна тимири уһаарыыга билиҥҥи уустар маннык таһымҥа тиийиэхтээхтэр диэбитэ.  Саха быһаҕыттан, хомустан саҕалаан, саха боотурун сэбин-сэбиргэлин оҥортоон, дьон болҕомтотун тарпыта, ол иһигэр уустук оҥоһуулаах ох сааны саҥалыы чочуйан, ыччаттарга тэнитэргэ көҕүлээбитэ, тус бэйэтинэн Олоҥхо ыһыаҕар кыттан, оҕунан ырааҕы ытыыга тэҥнээҕин булбатаҕа. Кини уустар оҥороллорун көрөн араас ньыманы баһылыырга уһуйулуннум диир уонна сөптөөх ньымалары таба тайанан, мындыр өйүнэн, сатабылынан сырыы аайы оҥоһуктарыгар саҥаны киллэрэн, тупсаран иһэр. Бэйэтэ тутан-хабан оҥорон, элбэҕи иҥэриммитин, ааҕан билбитин барытын суулуу тутан сурукка тиһэн, 2014 с. “Былыргы былдьаһыктаах дьыллартан... Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ” диэн кинигэни бэчээттэппитэ.

Боло Уус үлэтин бары өттүнэн эргитэ сылдьан көрөн-истэн, суруйууларын ааҕан, сэргээн, “Тыгын Дархан” киинэ режиссера Никиитэ Аржаков сүбэһитинэн ыҥырбыта. Бу киинэҕэ кини төрөөбүт алааһыттан көстүбүт боотур куйаҕын туорумнарын тимирдэрин тириигэ тиһэн үтүгүннэрэн оҥорто улаханнык туһалаабыта. Маны сэргэ, Боло Уус суруйуутунан “Манчаары мөккүөрдэрэ” диэн документальнай киинэ уһуллубута.

Ох сааны төрүттэрбит бары өттүнэн табыгастаах гына мындырдык толкуйдаан оҥорбуттарын барытын сиһилии үөрэтэн, чинчийэн баран, бэйэтин көрүүтүн киллэрэн, ох саалары оҥортуур.

          

Хомуспутун, кырыымпабытын былдьатыах курдукпут

– Эдуард Пекарскай, нуучча тылын тылдьытын даҕаны көрдөххө, “крыпа” диэн тыл төрүкү нуучча тыла, суолтата “долбленое деревянное изделие” диэн. Аны туран, А. Миддендорф 1842-1846 сс. Сибиирдээҕи экспедициятын түмүгүнэн “Путешествие на Север и Восток Сибири” диэн кинигэтигэр саха кырыымпатын уонна хомуһун уруһуйдаан киллэрэн баран: “Единственные музыкальные инструменты, которые я встретил у них скрипка и варган. Оба очевидно заимствованы у русских”,- диэбит.  Онон бу инструменнарбытын төрүт даҕаны былдьатыах курдукпут.

Былыргы түүр омуктар кыл тыллаах музыкальнай инструменнарын үөрэтэн көрдөххө, казактарга  "кыл кобыз"  диэн түҥ былыргыттан кэлбит инструменнарыттан билиҥҥи аан дойдуга уонна омуктарга барытыгар арааһынай струналаах инструмент айыллан тарҕаммыт диэн учуонайдар үөрэтэн Википедияҕа суруйбуттар. Тюркологтар үөрэтиилэринэн кобыз уонна хомус диэн биир өйдөбүллээх тыллар уонна  "пустой, полый" диэни дьүөрэлиир дорҕоону кытта ситимнииллэр. Онон кырыымпабыт дьиҥнээх  аата кыл хомус диэн буолар. Культурология наукатын доктора Валентина Сузукей лекциятыгар сылдьан киниттэн нуучча крыпа диэн тылыттан тахсыбыт ааттаах кырыымпабытын хайдах ааттыырбыт сөп буолуой, былыргы түүрдүү "Кыл хомус" диирбит ордук дуу, билиҥҥи туттуллар аатынан кырыымпа диибит дуу диэбиппэр, былыргы түүрдүү аатынан, ол аата сахалыы аатын төнүннэрэн кыл хомус диэхтээхпит диэбитэ. Билигин хомус аан дойдуга аатыран, былдьаһааччы элбээтэ. Славяннар биһиги варгаммытын хомус диэн ааттыыгыт дииллэр. Археологтара былыргы өбүгэлэрбит скифтэр, хуннар, татар-монгол империяларын саҕанааҕы тарҕаммыт хомустары була-була славяннар варганнара дииллэр. Учуонайдар суруйалларынан, хомуспут уонна кыл хомуспут төрдө-төбөтө ох сааҕа сытар. Түҥ былыргы өбүгэлэрбит айбыт музыкальнай  инструменнарыгар бэйэлэрин дьиҥнээх ааттарын төнүннэрэрбит буоллар, ким даҕаны былдьаһыа уонна атын омуктартан ылбыккыт диэ суоҕа этэ дии саныыбын.

Боло Уус кыл хомуһу таһынан доҕуһуолга өссө атын үлэлэрдээх. Ол курдук, туос айааны, туой чускууйардары, дүҥүрдэри, хомус арааһын этигэн тыллаан-өстөөн, дьүрүһүйэр тыыннаан, оһуордаан-мандардаан, киэргэтэн-симээн, көрбүт эрэ хараҕын араарбат дьикти оҥоһуктары кырыылаан-чочуйан таһаартаата. Өссө быйыл биир саҥа үлэтинэн киһи аймах бастаан айбыт Алтайскай арфатын сөргүппүтэ буолар. Бу арфаны Алтайга скифтэр ыраахтааҕыларын булгунньахха көмүүтүттэн булбуттара. Оҕо сылдьан талахтан чускуурайдары оҥостон оонньуурун санаан, талах флейта, мастан биһиги сахалар курдук аарый геннаах индиялар оонньуур пиматтарын оҥортоото.

           

Ураты доҕуһуол, эриэккэс толоруу

Боло Уус 2016 сыллаахтан Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар салайар “Күн Дьоно” фольклор бөлөҕөр сылдьар, хомуска да оонньуур уонна хабарҕа ырыатын толорор. Хомуһу тардыыга Туймаада ыһыахтарын, норуоттар икки ардыларынааҕы хас да бэстибээл дипломана, лауреата.

Кини этэринэн, хомуска оонньооһуну хомуһу тардыы диэн өйдөбүлүнэн солбуйуу баар да, ол сыыһа. Көҥүл дьүһүйүүнү “тардыы” диэххэ сөп. Оттон кыыл-сүөл, көтөр саҥатын, ырыа матыыбын үтүктэн доҕуһуоллуур киһини “оонньуур” дэнэр. Ити өйдөбүллэри хомустуур киһи араарыахтаах.

Николай Николаевич быйыл Санкт-Петебурга сыл аайы ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор бэстибээлигэр куйаар ситиминэн кыттан, бастакы лауреат аатын ылла, онно уустук композицияны бэлэмнээбитэ. Биэс киһи оонньуур инструменыгар соҕотох толорон, ытырар хомуһу сэргэ, кыл хомуһунан, атаҕынан охсор дүҥүрүнэн, тарбахха кэтиллэр кылырдыырынан доҕуһуоллаабыта уонна куолай ырыатынан ситэрэн биэрбитэ. Ити курдук Боло Уус саха норуотун музыкальнай инструменнарынан уһулуччу толорууга саҥа трюковой хайысханы киллэрдэ. Билигин “Кыыс Кыскыйдаан” ырыатын хомуһунан дьүһүйүүгэ олох саҥа эриэккэс толорууну бэлэмнээтэ. Манна үс араас хомуһу туттар санаалаах: ытыран оонньонор, намыһах тыастаах уонна өссө онтон намыһах тыастаах хомустары, дүҥүр, хабарҕанан толоруу киириэхтэрэ. Бу композицияҕа анаан ойуун таҥаһын уонна дүҥүрүн оҥостубут.

Кини Хомус аан дойдутааҕы киинигэр уонна музейыгар Үс Хатыҥ сириттэн булбут былыргы хомуһун уонна болгуо тимирин бэлэхтээбитэ.  Оттон быйыл аан дойдутааҕы Музыка күнүгэр Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейыгар ох сааны оҥоойук резонатордаах музыкальнай инструмент оҥорон уонна биир кыл хомуһу бэлэх ууммута. Мандар Уус Баайаҕатааҕы музейыгар бэйэтэ охсубут хомуһун, оҥорбут мас хомуһун, саха былыргы быһахтарын реконструкцияларын, суруйбут кинигэлэрин бэлэхтээбитэ.

СӨ култууратын туйгуна Николай Аржаков-Боло Уус саха норуотун култууратын сырдатыыга барҕа үлэлэрдээх, ол барыта айар-тутар киһиэхэ махталынан эргиллэр.

Ытыктабыллаах Николай Николаевич, айымньылаах үлэҥ алгыстаах аартыга арылла туруохтун, өссө да уҕараабакка үйэлээҕи, кэрэхсэнэри айа-тута тур! Эн иэйэр-куойар дьүрүскэниҥ киэҥ сирдэринэн дьүрүһүйдүн!                                                     

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...