Блокада дневнигэ
(Бүтүүтэ. Хаһыат ааспыт сыл 47 №-тэн А.Т. Старостина Ленинград блокадатын туһунан дневнигин үөрэнээчччитэ Киргиэлэй Макаарап, 1942-48 сс. көһөрүллүү кыттыылааҕа, 1957 с. Челябинскай-40 бэтэрээнэ бэчээккэ бэлэмниир).
Ити курдук орулаан-орулаан баран өлөллөр. Биһиги хоспут уолаттарыттан соҕотох Миша Бурнашов хаалбыта. Уоннааҕылар бары өлбүттэрэ. Өлбүт дьону таһырдьа таһааран кыстаабыттара, онтон массыынанан кэлэн, Пискаревскай кылабыыһаҕа илдьэн көмөллөр. Ол аайы: “Аны хайабыт уочарата кэлэр?» - диэбиттии, тымныы оһохпут тула олорорбут.
Ити кэмҥэ институт завхоһа киирэн кэлбитэ. Хаһан даҕаны блокадаҕа олорботох киһи курдук кып-кыһыл хааннаах, толору эттээх-сииннээх. Кэргэнэ таҥас тутааччы, кыыһа студентка. Бу дьон үһүөн институт уопсайыгар олороллоро. Николай Иванович биһиги өлбүт оҕолорбут чымыдааннарын ыла киирбит...
- Эһиги эвакуацияҕа бараргытын истибиккит дуо? – диэн ыйыппыта.
Биһиги снаряд түспүтүнүү дөйөн хаалбыппыт. Онтон дьэ харахпыт уутунан суунан барбыппыт. Бу киэһэ институт парткомун сэкирэтээрэ Серебряков киирэн, институт бүттүүн Энгельс куоракка эвакуацияланар диэн эппитэ.
Биһиги долгуйбуппут бэрдиттэн кыайан утуйан биэрбэтэхпит. Мишабытын «утуй, сынньан” диэн ааттаһа сатаабыппыт да, оҕордук олорон хаалбыта.
Сарсыарда турбуппут, Мишабыт олорбутунан көһүйэн хаалбыт этэ. Хараҕа эрэ хамсыыра. Массыынаҕа таһаараары көрдөспүппүтүгэр, Николай Иванович:
- Бүппүт буолбат дуо? – диэн батары эппитэ.
Биһиги онно «хараҕа хамсыыр буолбат дуо, тыыннаах дии?” дэһэ-дэһэ ытаспыппыт. Онуоха Николай Иванович хонноҕун анныттан ылан өрө тарпыта, биһиги Мишабыт сүһүөхтэрин уҥуоҕун хамсата сатаабыппыт да, кыратык да хамсаабатаҕа. Илиитэ-атаҕа көһүйэ охсубут этилэр. Ити икки ардыгар таһыттан суоппар киирэн: “Тахса охсуҥ, массыына күүппэт!”- диэтэ. Биһиги ытаһа-ытаһа кирилиэс устун нэһииччэ ыттан, массыына бириһиэн сабыытын иһигэр олорооппутун кытта, массыына айаннаан барбыта.
Ити аҕыйах хонуктаахха диэри тыыннаах, ыар кэмҥэ өйөнсөн, ыкса билсэн биир ыал оҕолорун курдук санаспыт биэс оҕобутун өлөр өлүү харбаан илдьэ хааллаҕа. Ити аҕыйах мүнүүтэ аннараа өттүгэр хараҕа хамныыр Мишабыт тыына быһыннаҕа. Сабыллыбатах, киэҥник көрбүт харахтара барытын өйдүүр, сайыһар курдуктара бу киһи куйахата күүрэр, этин сааһа аһыллар көстүүтэ үйэ-саас тухары умнуллубат гына биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэн хаалбыта.
“Оо, бу оҕолорбут бэһиэн тыыннаахтара буоллар, төһөлөөх үөрүө этилэр!» - диэн бириһиэн иһигэр олорон айаннаан иһэр оҕолорбут ботугураһаллар.
1942 сыл олунньу 28 күнүгэр саха 8 кыыһа уот биһилэххэ олорор Ленинградтан эвакуацияланан, массыынанан айаннаабыппыт: Борисова Поля, Будищева Мария, Гаврильева Ксения, Захарова Мария, Ларионова Настя, Павлова Вера, Старостина Настя уонна Ядрихинская Таня.
Баҕар мин урукку ахтыыларбын истибит, аахпыт биир эмэ киһи, «тоҕо 8 диэтэй, 7 тахсыбыттар этэ, 1 подругалара эмкэ хаалбыт этэ” диэн дьиибэргиэҕэ. Суох, атаас, сыыспатым, инникилэр алҕаһаабыт этилэр.
... Ладожскай күөлү соҕуруу өттүнэн Олох суола диэн ааттаммыт суолу немец самолеттара буомбалыылларын истэр буоламмыт, дьиксинэ айаннаан испиппит. Этэҥҥэ туораабыппыт. Сотору тохтоон, биир таҥара дьиэтигэр аҕалбыттара. Дьиэ муостатын халыҥ гына бурдук соломотунан тэлгэппит этилэр. Киһи бөҕө, урут кэлбиттэр аһаабыттар. Аны биһигини аһаппыттара. Биһиги институппут дьоно кэлэн күүтэн олороллор эбит. Ас бөҕөнү биэрдилэр, соһуйан үөрэн бөҕө. Өтөр-наар көрбөтөх астарбыт. Биир тэриэлкэҕэ ынах арыылаах ириис хааһы уонна наһаа сибиэһэй маҥан килиэп чиэппэрэ. Дьэ, соһуйуу, үөрүү! Эчи дэлэгэйин, минньигэһин эриэхсит! Биһиги бокуойа суох үрдүгэр түһэн сиэн-аһаан эрдэхпитинэ, преподавателлэрбит кэлэн: “Оҕолоор, барытын сиэмэҥ, улахан аҥаарын ордоруҥ, биһиги “аһааҥ” диэтэхпитинэ биирдэ сиэриҥ”,- диэтилэр. Онуоха биһиги “хайдах итинник дииллэрий” диэн кыыһыран, кэннилэриттэн кынчарыйа хааллыбыт. Онтон дьоммут өйдөөбөтөхпүтүн көрөн, иккистээн кэлэн, ааттаһардыы: “Наһаа уһуннук аччыктаатыгыт, элбэҕи сиэн кэбистэххитинэ, өлөр куттал баар”,- диэн бу сырыыга малтаччы эттилэр. Киһи эрэ буоллар, өйдөөтүбүт.
Аһаан бүтэрбитин кытта вагоннарга олордон, дьон этэринэн, саҥа тутуллубут суолунан поеһынан илпиттэрэ. Ол курдук айаннаамахтаан баран, остановкаҕа тахсыбыппыт, доҕоор! Поезд саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри дьоннор олороллор! Кинилэри тоҕо сэрэппэтэхтэрэ буолуой? Дьэ ити хаанымсах фашистар блокадаларын хара дьайдаах содула. Аччыктаан буорайбыт эрэйдээхтэр наһаа аһаан кэбиһэннэр, буорайдахтара, ис ыарыыта кинилэри хотуур курдук кыдыйбыта, дьон быыстала суох өлө турбута. Остановка аайы таһааран биир сиргэ кыстаан иһэллэрэ. Ити курдук айаннаан, өлөн-сүтэн, Ярославль куоракка тиийбиппит.
Хата биһигини үтүө дьоммут, преподавателлэрбит сэрэтэн, өлөр өлүүттэн быыһаабыттара. Биһиги кинилэргэ барҕа баһыыбабытын эппиппит. Ярославль куораттан манна Институт народов Севера кэлэн ааспытын истибиппит Биһиги курдук сирэйдээхтэр балыыһаҕа баалларын истэн, Дунябытын сураһаары, хас да кыыс барбыта уонна төннүбүттэрэ... Сирэйдэриттэн-харахтарыттан туох буолбутун билбиппит. Дунябыт эрэйдээх сырдык тыына манна быстыбыт.
Дуня Самсонова биһигини кытта институт 1 куурсун бүтэрбитэ. Сайын бииргэ үлэлээн баран, күһүн Институт народов Севера көспүтэ. Онон Дунялыын... Монастырева Таняны, Бурнашов Мишаны, Ермолаев Мишаны, Климентов Мишаны, Чусовской Гошаны уонна 1941 сыл кулун тутарыгар ыалдьан өлбүт Саморцев Тиманы – 7 оҕону Ленинград сиригэр хаалларан айаннаабыппыт.
Дэлэлээх ыар эрэйи көрбөтөхпүт – уһун кэмҥэ ким да түбэспэтэх аччыктааһына, ыар үлэ, салгынтан көмүскэнии этэрээттэрин боецтарын быһыытынан буомбалары умуруоруу, бааһырбыттары, ыалдьыбыттары көрүү-харайыы уонна да атын эбээһинэстэри утуйар ууну, сынньанары умнан толоруу.
Сэниэ эстэн, кыаммакка быһа-хайа түһүү, тачкалаах буорга баттатыы, аччыктаан кураанаҕынан өҕүйүү, өйү сүтэрии, бааһырыы-үүтүрүү, тоҥуу-хатыы уо.д.а. эрэй-муҥ мүнүүтэҕэ да арахсыбатахтара.
Дэлэҕэ бу усулуобуйаны тулуйбакка өйдөрүттэн тахсыахтар дуо Ол курдук бу институт 4-с курсугар үөрэнэн, урут балет артиһынан үлэлээбит кэргэннээх еврей киһитэ иирэн хаалбыта. Дууһа, өй-санаа, эт-хаан эрэйдэниитин, өстөөххө үйэ тухары өһүллүбэт өс-саас үөскээһинин манна билбиппит.
Элбэх эрэйи көрбүт Ленинграды босхолооһун үс түһүмэҕинэн барбыта. Бастакыта – 1942 сыл тохсунньу ыйыгар Ладожскай күөл соҕуруу кытыытынан быһа охсон Олох суола диэн ааттаммыт суол босхоломмута. Бу суолунан бастакынан байыаннай заводтар, оҕолор, үөрэх тэрилтэлэрэ эвакуацияламмыттара. Биһиги институппут манан тахсыбыта. Босхолооһун иккис түһүмэҕэ 1943 сыл Сталинградскай операция ситиһиилээхтик түмүктэнэн, Ставка хас да сиринэн кимэн киириитин саҕалаабыта.
Манна Сталин Воронежскай фронтан Жуковы ыҥыран аҕалан, эмиэ Ленинградскай фрону салайтарбыта. Ол түмүгэр ити босхолооһун иккис түһүмэҕэ уонна тохсунньу 14 күнүттэн кулун тутар 1 күнүгэр диэри 1944 сыллаахха барбыт операция Гитлер сэриитин үлтүрүппүтэ, Ленинград төгүрүктээһинтэн букатыннаахтык босхоломмута. Ити түһүмэххэ кыайтардаҕын ахсын Гитлер 4 фельдмаршалын уонна генералларын устубута, уонна бэйэтэ хамаандалаабыта. Сэриинэн Ленинграды төгүрүктүүллэригэр Гитлер аан дойду истиитигэр дакылааттаабыта: “Ленинграды сир сирэйин кытта тэҥниэхпит. Неваттан хоту өттүн финнэргэ биэриэхпит”,- диэн чабыламмыта туолбатаҕа.
Бу киһи аймах историята билбэтэх унньуктаах уһун төгүрүктээһинэ 900 түүннээх күн салҕанан, аҥаардас киһи өттүнэн сиэртибэтэ – 642 000 (аччыктааһынтан, ыарыыттан өлүү), 21 000 (өстөөх снарядыттан суох буолуу).