Биир олох
– Доҕор, Доҕоор? Оо, дьэ, барахсаным кырдьаахтаабыат, күнү быһа утуйан эрэ тахсаахтыыр. Үчүгэйдик истибэт да, көрбөт да буолбут. Туораттан көрдөххө, бука, иккиэн ньаппаһан биир сирэй буолуохтаахпыт. "Кырдьар – кырыыс" диэн, арааһа, бу кэллэҕэ, хас күн аайы түөрт истиэнэ иһиттэн быкпат диэн. Кимиэхэ да, туохха да наадата суох буолуу. Уонча сыллааҕыта, син сэнэх эрдэхпинэ, биирдэ эмит сиэттэрим ыарытыйдахтарына көрсөн, оҕолорбор туһалаах киһи этим. Билигин олбуорум иһигэр да нэһиилэ хаамабын. Бу сытар ыппар да аһын сатаан кутан биэрбэппин. Бэйэм манна кини курдук иитимньи, хос айах буолан кыбыллан олоробун. Оо, иккистээн эдэрбэр түстэрбиэн! Хотунан-соҕуруунан үрүҥ атым сиэлиттэн тутуһан, элэгэлдьитэ ыстаннарыам этэ! Сири-дойдуну эргийэ көтүтүөм этэ! Эдэрбэр мохсоҕол буоллаҕым, уол да уол! Хос ааппын дьон мээнэҕэ Манчаары диэн ааттаабыта буолуо дуо, һэ-һэ. Ити кыра хос сиэн уолум миэхэ маарыннаан төрөөбүт обургу. Үүт-үкчү бэйэм курдук, хаамардыын, күлэрдиин. Батар да буолар эбит. Оо, улаатарын көрбүт киһи ньии! Киһи бу дойдуга олоҕо кылгаан истэҕин аайы ордук күүскэ уһуннук олоруон баҕарар буолар эбит. Хайдах бачча сааспар диэри кэлэ охсубуппун өйдөөбөккө да хааллым. Дьыл-хонук түргэн да баҕайы. Былыргы кэмнэрбин ахтабын. Ордук күүскэ кэргэммин Даайаны. Барахсаным сыыһа түөрт оҕону миэхэ бэлэхтээбитэ, быр-бааччы олорон ааспыппыт. Анараа дойдуга барбыта сүүрбэ үс сыл буолла. Кини көмүс уҥуоҕун аттыгар көмүллүөм буоллаҕа, бэлиэ миэстэм күүтэн турар. Букатын кэлбит бу дойдуга суох. Мин эмиэ сотору барыам. Анараа дойдулар хайа өттүттэн, хайдах гынан ылаллара буолла миигин? Хас сарсыарда аайы харахпын аһарбар тулабын көрөбүн уонна испэр саныыбын: "Ээ, хоһум иһигэр сытар эбиппин, ол аата өссө да тыыннаахпын".
– Эһээ, чэйдээн эрэбит, киириэххэ.
– Ньии, оҕом Стасик кэлэн турар эбит дии. Сыллыый, эһэҕэр эт эрэ, эн санааҕар бу орто дойдуга киһиэхэ саамай үрдүк дьол диэн тугуй?
– Кыахтаахтык олоруу.
– Ол аата?
– Элбэх харчылаах, крутой массыыналаах, куоракка таас дьиэлээх, инник курдук эһээ, элбэх буоллаҕа.
– Баай-дуол баара үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Ол эрэн саамай үрдүк дьол диэҥҥэ киллэрбэппин.
– Тоҕо, эһээ? Мин бизнесмен буола охсор баҕа санаалаахпын.
– Киһини үтүө майгыта киэргэтэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана.
– Оо дьэ, эһээ, ол былыр буоллаҕа, билигин олох атын, дьон дьону аахайбат, ким да кимиэхэ да кыһаммат үйэтэ кэллэ. Бэл, уулуссаҕа ыалдьан охтон түстэххинэ да, аттыгынан ааһыахтара, итирбит диэхтэрэ. Киһи бэйэтэ-бэйэтигэр эрэ эрэнэн сылдьар үйэтэ.
– Хайа да кэмҥэ сиэр-майгы диэн өйдөбүл киһиэхэ син биир баар. Ама хайдах дьон барыта оннук тоҥуй буолуой. Олохтон, тулалыыр дьонтон тугу күүтэҕин да, оннугу ылаҕын эбит этэ. Мин билигин бу ырыҥалаан көрөбүн. Эдэрбэр үгүс күннэрбин халтайга бараабыт эбиппин. Сыаналаабакка, махтаммакка.
– Ол туохха махтаныахтааххыный, кимиэхэ?
– Олохпор, чугас дьоммор уонна, бастатан туран, бэйэбэр.
– Аата интэриэһинэйин, бэйэҥ бэйэҕэр туохха махтаныахха сөбүй?
– Харахпынан хайҕаан, сүрэхпинэн таптаан, таба таайан, талан ылбыт киһибинээн оҕо-уруу төрөтөн, сөптөөх суолу тутуһан, аһыы утаҕы амсайбакка, дьонум, дьиэ кэргэним туһугар үлэлээн, барыларын атахтарыгар туруортаан, билигин кырыа бытыкпын торуоскабынан үктээн олорон, ааспыт олохпуттан кэмсиммэппиттэн бэйэм бэйэбэр махтанабын.
– Дьикти эбит эһээ, толкуйдаттыҥ. Ол аата мин хас биирдии күммэр махтаныахтаах эбиппин. Онтон мин кэргэним, оҕом суох, оскуоланы саҥа бүтэрээри сылдьар киһибин, оччоҕо туохха махтаныахпын сөбүй?
– Доруобай сылдьаргар.
– Кырдьык даҕаны! Сөпкө да эттиҥ эһээ! Мин илиим-атаҕым баар, өйүм сытыы – бу барыта доруобуйам буоллаҕа! Махтал эһээ, сүбэҕэр! Ол аата бу орто дойдуга киһиэхэ саамай үрдүк дьоло – кини доруобуйата эбит! Доруобуйам баар буоллаҕына, тугу барытын ситиһиэм!