24.12.2021 | 14:00

Биир дойдулаахтар Аллеялара оҥоһуллуоҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускайдааҕы биир дойдулаахтар Сэбиэттэрин бырабылыанньатын кытта көрсүһүүтүгэр Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Иван Неустроев өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар биир дойдулаахтар Аллеяларын оҥоруу, «Славлю республику мою» бэстибээли уонна «Посади дерево» экологическай аахсыйаны ыытыы туһунан былааннары кэпсээбит. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Иван Неустроев дакылаатыгар 2022 сылга ыытыллар үлэ барыта Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев оройуоннар түмсүүлэрин салайааччыларын ааһан эрэр сылга таһаарыылаах үлэлэрин иһин махтанна. 
«Бииргэ үлэлээммит сылы үчүгэйдик түмүктээн эрэбит. Биллиилээх судаарыстыбаннай деятеллэрбит уонна геройдарбыт ааттарын үйэтитиигэ улахан үлэни ыыттыбыт. Билигин Сэбиэскэй Сойуус Геройа Федор Кузьмич Попов скверын  оҥорууга түмүктэрдээхпит, Тарас Гаврилович Десяткиҥҥа пааматынньык туруорарга миэстэни көрүүгэ үлэ ыытылынна, 203-с дьоҕус оройуоҥҥа баар СМАРТ-библиотекаҕа Николай Денисович Неустроев аатын иҥэрэргэ үлэ барар», – диэтэ Евгений Григорьев.
Биир дойдулаахтар Сэбиэттэрин биир дьоһун көҕүлээһиннэринэн куорат уокуругун территориятыгар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыччыларын өйөөһүн буолар.
«Көҕүлээһин чэрчитинэн бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай 9 сылаас тохтобулларыгар 9 муниципальнай тэриллиилэр олохтоох бородууксуйалара атыыланар», – диэн эбэн эттэ куорат баһылыга. 
Биир дойдулаахтар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Неустроев бырабылыанньа чилиэннэрин аатыттан Евгений Григорьевка өйөбүлүн уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыылааһыҥҥа сылаас тохтобуллары биэрбитин иһин махталын биллэрдэ.
Куорат уокуругун уопсастыбаннай олоҕор кыттыыларын иһин куорат баһылыга Евгений Григорьев бырабылыанньа көхтөөх чилиэннэригэр махтал суруктары туттартаата. 
Санатар буоллахха, Дьокуускай куорат баһылыгын иһинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарын түмсүүлэрин Сэбиэтэ 2021 сыл муус устар 22 күнүгэр тэриллибитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...