Биэрэписчиги масыанньыктан хайдах араарабыт?
Алтынньы 15 күнүттэн 12-с Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ саҕаланар уонна биир ыйы быһа ыытыллар. Биэрэписчиги масыанньыктан хайдах арааран билэбит?
Биэрэписчик аналлаах атрибуттардаах: “Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ” диэн суруктаах сэлиэччиктээх, итинник суруктаах саартаах, бэлиэлээх суумкалаах, нэһилиэнньэ биэрэпиһин ыытарга анаммыт планшеттаах, Роспотребнадзор ирдэбилин тутуһан харыстанар сириэстибэлээх.
Суолталаах уратыта – биэрэписчик дастабырыанньалаах буолар. Дастабырыанньа пааспары кытта көрдөрүллүөхтээх. Биэрэписчик бэйэтин билиһиннэриэхтээх, туохха кэлбитин этиэхтээх, көрдөстөхтөрүнэ дастабырыанньатын уонна пааспарын көрдөрүөхтээх. Докумуоннарын көрдөрбөтөҕүнэ ыйытыктарыгар хоруйдуо, дьиэҕитигэр киллэриэ суоххутун сөп.
Биэрэписчик пааспаргыт дааннайдарын, хамнаскыт төһөтүн, уурунуу харчыгытын, ким дьиэни бас билээччи буоларын, каартаҕыт нүөмэрин, бааҥҥа баар счеккутун ыйыппат.
Биэрэпиһи Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар бэйэҕит ааспыккыт кэннэ биэрэписчик кэллэҕинэ, QR-коду көрдөрөн сканируйдатыҥ. Иккистээн биэрэпиһи ааһар наадата суох.
Эһиэхэ төлөпүөнүнэн биэрэпиһи барыаххытын сөп диэн собуоннуур буоллахтарына, өйдөөҥ – ити масыанньыктар! Сахастат сэрэтэр: биэрэписчиктэр төлөпүөнүнэн ыйыппаттар.
Биэрэпискэ кыттарга бэйэҕит тускутунан сибиэдинньэлэри электроннай көрүҥүнэн эбэтэр тус бэйэҕит биэриэххитин сөп:
электроннай алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри – Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар (стандартнай эбэтэр бигэргэтиллибит сурутуу ирдэнэр);
алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри – дьиэҕитигэр кэлбит биэрэписчиккэ, эбэтэр стационарнай учаастакка, ол иһигэр «Мои документы» элбэх функциялаах кииҥҥэ.