04.06.2022 | 11:00

Биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьоҥҥо ханнык чэпчэтиилэр баалларый?

Биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьоҥҥо ханнык чэпчэтиилэр баалларый?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Биэнсийэҕэ саҥа тахсаары сылдьар дьон:

Биэнсийэҕэ тахсара биэс сыл хаалбыт киһи;

Дьахталлар 55 саастарыттан уонна эр дьон 60 саастарыттан. Ол эбэтэр, сокуон быһыытынан, биэнсийэҕэ тахсан үлэлии сылдьар дьон.

Бу дьон араас чэпчэтиигэ уонна босхо социальнай өҥөлөрү ылар бырааптаахтар.

Биэнсийэҕэ тахсыар диэри биэс сыл иһигэр:

Диспансеризация ааһалларыгар — сылга икки төлөбүрдээх өрөбүл;

Үлэтэ суох буоллахтарына, 12 ыйга диэри босуобуйа төлөнөр;

Дьарыктаах буолуу сулууспатын хайысхатынан биэнсийэҕэ тахсыахтарын сөп;

«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн босхо үөрэх кууруһун ааһаллар, саҥа идэни баһылыыллар;

Сааһынан сибээстээн үлэтиттэн устар түгэннэригэр, үлэ биэрээччигэ холуобунай эппиэтинэс сүктэриллэр. Өскөтүн үлэтиттэн ууратыллан хааллаҕына, дьыала тэриллэр.

Дьахталларга 55 саастарыттан уонна эр дьоҥҥо 60 саастарыттан:

Хас биирдии үп-мал, баай көрүҥүн нолуогуттан босхолонор;

Сир нолуогар вычет көрүллүбүт түгэнигэр, 6 суотайга диэри төлөнөр;

Нэһилиэстибэҕэ кэриэс тылга ирээттээх буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...