Биэччик мас тыыны таҥыыта
Бөрөлөөх алаас хоту өттүгэр Николай Афанасьев (Бөтөрүүсэ) быраата дьиэ-уот туттан, сүөһү-ас ииттэн олорбут. Кини уола Мэҥэ Хаҥаластан Лепчиков Прокопий Филиппович (1836-1919) олохтоох администрация чиновнига, Илин Хаҥалас улууһун кулубата, Николай II коронациятын кыттыылааҕа кыыһын, кэрэ дьүһүнүнэн кэпсээҥҥэ киирбит Арисаны кэргэн ыларга кэпсэтэн сүгүннэрэр түгэнэ үүммүт. Кыыс Бөрөлөөххө сүктэн кэлэригэр энньэтин тиэйбит бастакы көлөлөрө Бөрөлөөххө Афанасьевтар олохторугар кэлиитэ бүтэһик таһаҕастаах көлө сыыры саҥа түһэн эрэрэ үһү. Өтөхтөн сыыр түһүүтүгэр дылы үс килэмиэтир курдук сир баара буолуо. Урукку ааттаахтар бэйэ-бэйэлэрин кытары күөнтэһэллэрэ, сороҕор үчүгэй тустууктарын бэйэлэрин кытары илдьэ сылдьан хайа дойдуга ордук күүстээх дьонноохторун көрдөрөллөрө, быһаарсаллара. Бу сырыыга тойон Н. Афанасьев: “Миэхэ биир үлэһиттээхпин, мас тыыны биир күнүнэн таҥааччы”, – диэн кэпсээбит. Лепчиков сөхпүт, инчэҕэй эттээх, ама, биир күнүнэн үүнэн турар мастан тыыны таҥыа дуо диэн саарбахтаабыт. Тылтан тыл төрөөн кыра мөккүөр буолбут. Ыалдьыт уонна олохтоох тойон сакалааттаспыттар. Төһөҕө сакалааттаспыттара биллибэт. Ньукулай Афанасьев Биэччиги киһи ыытан ыҥыттарбыт: сүгэҕин, бураапчыккын илдьэ кэл диэн буолбут. Афанасьевтар сарсыардааҥҥы чэйдэрин чэйдээн бүтүүлэрин саҕана Биэччик Бөрөлөөххө тиийэн кэлбит.
Лепчиков тойон кыыһын сүгүннэрэригэр дьоннордоох кэлбит. Биир үлэһитин Биэччиги кытары үлэ хайдах туох барарын көрдөрө ыыппыт. Биэччик сүгэтин, бураапчыгын ылан Арыылаах күөлүн уҥуор тахсыбыт. Биир балайда суон тиити булан суулларбыт. Үүнэн турар маһы тыаллаах, тыала суох диэн араараллара. Тыаллаах диир тииттэрэ хатырыгын суордахха этэ көнөтүк хайа барара, оннук туттарга табыгастаах маһы үүнэн турдаҕына быһаараллара. Биэччик охторбут маһын икки кытыытыттан тыы эркинэ оҥорбут, ортотун хайытан ылан суоран тыы түгэҕэр туттубут. Бураапчыгынан үүттэн мас тоһоҕонон туттарар эбит. Түөртүүр ыам иннинэ тыытын миинэн Арыылаах күөлүн туораабыт.
Биэччиккэ үлэтигэр махтанан Н. Афанасьев биир төрөөбүт тиҥэһэни биэрбит. Оччолорго көлүйэр ат 25 солкуобай, онтон ол тиҥэһэ 10-ча солкуобай буолара буолуо. Биэччик ылбыт хамнаһыгар үөрбүт. Бу түбэлтэ туһунан Биэччик уолугар Лэгэнтэйгэ кэпсээбитэ.
Социальнай ситимтэн