09.02.2019 | 13:06

Биһирэбиллээх бөҕөс этэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
Кини көбүөргэ тахсан күлүмнэтэн тустарын ама ким умнуой. Бэйэтэ улуу тренер Д.П. Коркины кытта бииргэ алтыһан үлэлээбит буолан, тустууктарга өрүү үтүө холобуру көрдөрөрө. Тутта-хапта, таҥна- симэнэ, этэ-тыына сылдьара тустууну таптааччылар өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр өрүү тыыннаах. Тустуу буоллун, хапсаҕай буоллун, кини кыттар күрэхтэһиитэ өрүү күүрээннээх, тыҥааһыннаах, этэргэ дылы, көрөөччүнү сэргэхситэр түгэннэрдээх буолааччы. Туста киириэҕиттэн этин-хаанын эрчийэн, илиитин-атаҕын мускуйан киирэн бардаҕына, били көбүөргэ буола турар тустуу умнуллан, көрөөччү хараҕа туой кини диэки хайыһа турааччы. Оннук умсугутуулаах этэ. Оттон тустуута – кэпсэлгэ киирэр туспа кэрэ көстүү буолара. Били, үчүгэй ырыаһыт сыанаҕа тахсан ыллаан доллоһутарын курдук, ис-иһиттэн иэйэн-куойан туран тустара. Өйдөөн кэлиҥ, 1977 с. Саха сирэ – ССРС сүүмэрдэммит хамаандаларын табаарыстыы көрсүһүүлэригэр Европа саҥа чемпиона Виктор Алексеевы, 1978 с. Улан-Удэтээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга монгол ааттааҕа Мигд Хойлогдоржу сөбүлээн туттар албаһынан ыраастык быраҕан түһэриитин, 1991 с. Дьокуускайга буолбут Саха АССР – Монголия хамаандаларын матчевай көрүсһүүлэригэр Азия чемпиона, аан дойду чемпионатын үрүҥ көмүс призера Авырмэдин Энхээни кыайыытын, 1993 с. Чурапчыга “Бэтэрээн сулустар” күрэхтэһиигэ кыайыы үөрүүтүн бэлиэтээн, көбүөргэ Хотой үҥкүүтүн толоруутун...
Көҥүл тустууга Саха сирин 7, бэтэрээн-маастардарга аан дойду 2 төгүллээх чемпионнара, тыа сирин спортсменнарыгар РСФСР уонна ССРС чемпионаттарын кыайыылааҕа, көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус, хурешка Российская Федерация, хапсаҕайга Саха АССР спортарын маастара, СР үтүөлээх тренерэ Анатолий Николаевич Константинов төрөөбүтэ 65 сылыгар анаан ахсынньы 6-7 күннэригэр Уус Алдан улууһун Суотту сэлиэнньэтигэр республикатааҕы турнир ыытыллар.
...Анатолий Николаевич биһиги таспытыгар суох буолбута номнуо 20-c сыла буолла. Ол гынан баран, боруонсаттан кутуллан оҥоһуллубут курдук көрүҥнээх, иирэ талахтыы эриллэҕэс иҥиирдээх, элбэх киириилээх-тахсыылаах, сытыы хамсаныылаах, ураты буочардаах бөҕөс тустууну таптааччылар өйдөрүгэр-санааларыгар өрүү тыыннаах.

Анатолий Константинов кэриэһигэр

Ахсынньы 6-7 күннэригэр Уус Алдан улууһун Суотту сэлиэнньэтигэр Анатолий Николаевич Константинов кэриэһигэр тэриллэр республикатааҕы турнир бырагыраамата. Бастакы күн 19.00 чаастан “Мичээр” Сынньалаҥ киинигэр А.Н. Константинов төрөөбүтэ 65 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтэ. Сарсыныгар, күрэхтэһии Анатолий Константинов туста сылдьыбыт ыйааһыннарыгар – 62, 68 уонна 74 киилэлэргэ тэриллэр. Бастаабыттар - 30, иккис буолбуттар - 20, үһүстээбиттэр - 10 тыһ. солк. харчынан наҕараадаланыахтара. Оттон хапсаҕайга муҥутуур кыайыылаах – убаһа хаһаайынынан буолуоҕа. Петр ПАВЛОВ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...