23.09.2023 | 10:00

Бэйэ клубниката амтанныын да атын, ураты минньигэс!

Бэйэ клубниката амтанныын да атын, ураты минньигэс!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи агроэкологическай хайысхалаах орто оскуолатын 9 “Б” кылааһын туйгун  үөрэнээччитэ Каролина Дьяконова быйыл 160 ук клубниканы олордон, сайыҥҥы сынньалаҥын үлэ үөһүгэр олус туһалаахтык атаарда. Кини Саха сирин кылгас сайыныгар да дэлэй үүнүүнү ылыахха сөп  диэн бигэ санаалаах. Ол туһунан «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар ийэтэ Клара Егоровналыын сиһилии кэпсээтилэр.

Наукаттан саҕаламмыта

– Төрдүс кылаастан ийэбин кытта дьэдьэни үүннэрэбит. Ону кэтээн көрөн, чинчийэн, бу тиэмэнэн улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах научнай-практическай конференцияларга кыттабын. Сыл аайы тиэмэбин кэҥэтэн, байытан иһэбин. Ол курдук “Инникигэ хардыы” НПК призера буолбутум.

Былырыыҥҥыттан бэйэм туспа тэпилииссэлэнэн, клубника олордор баҕа санаа күөдьүйбүтэ. Ийэм: “Бырайыак суруйан, Граҥҥа кыттан көрбөккүн дуо?”, – диэн өй укпута. Ол курдук быйыл муус устар ыйга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Граныгар “Добро из наших рук” бырайыакпынан кыттан, кыайбытым, 152 тыһыынча солкуобайы ылбытым. Үлэм сыала: сайыҥҥы кэмҥэ үлэнэн хааччыллыы, буор, үүнээйи агротехникатын үөрэтии, Ийэ дойдуга патриотическай тыыны уһугуннарыы, урбаан эйгэтигэр сайдыы, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр клубниканы амсатыы.

Граҥҥа кыайбыт харчыбытынан 8х4 миэтэрэ иэннээх тэпилииссэ туттубуппут. Бастаан, дьиҥэр, поликарбонат матырыйаалтан оҥостор санаалаах этибит. Ону куоракка арассаада атыылаһа тиийбиппитигэр, биир киһи: “Олус итии буолуоҕа, клубникаҕыт умайан хаалыаҕа. Боростуой тэпилииссэ ордук”, – диэн сүбэлээбитэ. Онон армированнай салапаанынан оҥостубуппут.

Бастакы холонуу түмүгэ үчүгэй

– Быйыл сайын Сан Андреас, Альбион, Мурано, Вивара диэн суортары, барыта 160 ук клубниканы олордубуппут. Арассаадабытын Дьокуускайтан, сороҕун Намтан атыыласпыппыт. Мурано суортаах клубниканы уруккуттан үчүгэйдик билэбит. Сорохтору быйыл саҥа боруобалаатыбыт. 

Биһиги кылгас сайыммытыгар клубника соҕуруу дойдуга үүнэрин курдук улаатар, минньийэр эбит. Быһа холоон уонтан тахса киилэ үүнүүнү ыллыбыт. Дьиҥэр, өссө элбэх буолуо эбит да, харчыбыт түһэрин күүтэн, арыый хойутаан, от ыйын ортотугар биирдэ олордубуппут. Ол да буоллар, бастакы холонуу диэтэххэ, үчүгэй көрдөрүү дии санаатыбыт. Клубника олордуутугар элбэххэ үөрэнним, чинчийии үлэтин ыыттым, ону таһынан форумнарга кытынным. Эһиил өссө өлгөм үүнүүнү ылар баҕа санаалаахпыт.

Көрүү-харайыы кистэлэҥнэрэ

– Клубника улахан хаппырыыһа суох, барыстаах эбит. Саамай сүрүнэ – буорун үчүгэйдик оҥоруохха наада. Ноһуому олус элбэҕи эппэт ордук, сөбүлээбэт эбит. Ол оннугар күлү, кумаҕы, маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт уонна тураҥ буорун булкуйуҥ диэн сүбэлиибин. Уутун эмиэ сөпкө кутуохха наада. Куйаас күннэргэ хатан хаалыан сөп, ону көрө сылдьан элбэҕи кутаҕын.   Анаан-минээн атыылаһа-атыылаһа аһаппатыбыт. Бастаан күлү, онтон кэлин борнай кислотаны куппуппут. Арай астанарын саҕана “Здравень” уоҕурдууну туһаммыппыт.

Өссө биир уратыта – дьэдьэннээҕэр аһа быдан элбэх уонна бөдөҥ. Холобур, саамай бөдөҥ клубникам ыйааһына 34 грамм этэ. Ортотунан ыллахха, 17 грамм буолар. Ити чахчыларбын, кэтээн көрүүлэрбин барытын сурунан, бэлиэтэнэн иһэбин, научнай үлэбэр эбии матырыйаал курдук туһаныам.

Эһиил өссө элбэх угу олордуохпут

– Бастакы үүнүүбүтүттэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр амсаппыппыт. Оттон урбааҥҥа бастакы хардыыларым туһунан эттэххэ, клубника атыыга хамаҕатык барар эбит. Дьон олус минньигэс, амтана чыҥха атын дииллэр. Кырдьык, кэлии клубника аһыы соҕус, олус элбэх уулаах буолар. Аны үргэммит клубника холодильникка үс эрэ күн үчүгэйдик турарын, онтон амтана уларыйан барарын бэлиэтии көрдүм.

Быйыл Мурано суортаах клубниканы кыстатыахпыт. Аһын, сибэккитин, бытыгын барытын кырыйан баран, бүрүйүөхпүт уонна хаарынан сабыахтаахпыт.

Эһиил өссө элбэх угу олордуохпут, саҥа суортары боруобалаан көрүөхпүт, эбии долбуурдары оҥорторон ыйаан, иккис этээс курдук туруоруохпут, – диэн сэһэргээтэ бүгүҥҥү дьоруойум, клубникалаах кыыс Каролина.

«Кэбээйигэ оҕуруот олордор киһи элбэх. Клубниканы кыралаан үүннэрэр биирдиилээн ыаллар бааллар, ол эрээри сыал-сорук туруорунан, анаан-минээн дьарыктанааччы Каролина эрэ быһыылаах. Оҕом дьэдьэни, клубниканы олордор буолуоҕуттан харчыны сатаан ааҕарга-суоттуурга, туттарга үөрэннэ, чинчийэр үлэтин кэҥэттэ,  НПК-ҕа кыттарга хайыы үйэ бэлэм олорор», – диэн киэн тутта кэпсээтэ ийэтэ Клара Егоровна.

Үөрэҕи, спорду, науканы дьүөрэлээн

Каролина маҥнайгы кылаастан туйгуннук үөрэнэр. Химия, биология предметтэрин ордорор. Бу үөрэх дьылыгар ОГЭ туттарар, инникитин медицина эбэтэр урбаан эйгэтигэр барар баҕа санаалаах.

Сэргэх сэһэргэһээччибит дьарыга элбэх, күн иллэҥэ суох. Бириэмэтин сөпкө аттарынар буолан, үөрэҕи, спорду, науканы тэҥҥэ тутан дьүөрэлиир. Ийэтэ Клара Егоровна – физкултуура учуутала, онон эргиччи дьоҕурдаах кыыс кыра сааһыттан эдьиийин, убайдарын үтүө холобурдарынан спорка сыстан улааппыта. Алын кылаастан волейболлуурун сөбүлүүр. Дуобакка улуус чөмпүйүөнэ. Хабылыкка, хаамыскаҕа спорт маастарыгар кандидат, маастар нуорматын толорор санаалаах. Спорду өрө туппут кыыс – традиционнай ох саанан ытыыга оҕолорго өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ. 

Кавказка икки нэдиэлэ

Быйыл сайын Каролинаҕа үгүс умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Ол курдук, от ыйыгар Кавказка регионнар икки ардыларынааҕы XXI-с экологическай экспедицияҕа кыттан кэлбит.

– Саха сириттэн уон биир киһи – 7 оҕо, 4 салайааччы буолан барбыппыт.   Теберда куоракка, “Альтаир” лааҕырга икки нэдиэлэ балааккаларга олорбуппут. Элбэҕи билэн-көрөн, айылҕалыын алтыһан, астынан кэлбитим. Хабылыкка, хаамыскаҕа маастар-кылаас ыыппытым. Атын омуктар биһиги төрүт оонньууларбытын олус сэргииллэр эбит, – диэн үөрэ-көтө кэпсээтэ.

***

Билиигэ-көрүүгэ баҕалаах, элбэх дьарыктаах Каролинаҕа үөрэҕэр ситиһиилэри, наукаҕа дьоһун хардыылары, урбаан эйгэтигэр саҥа саҕахтары, үрдүк чыпчааллары дабайарыгар баҕарабыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...