Бэлэм үлэни атыылаһыы: үтүө дуу, мөкү дуу?
Семестр бүтүүтэ дьиэҕэ үлэлэри туттарар бириэмэ аҕыйаатар аҕыйаан иһэр. Ол иһин сорох устудьуоннар ыксаан бэлэм курсовойдары, практика отчуоттарын, рефераттары уонна да атын үлэлэри атыылаһарга тиэтэйэллэр. Онуоха интэриниэккэ “бэлэм үлэни атыылаһыы” диэн суруйан көрдөөтөххө, сүүһүнэн саайтар ханнык баҕарар үлэни толорорго бэлэмнэр. Бу өҥө тоҕо маннык биһирэбили ыларый уонна бэлэм үлэни атыылаһыы иһин накаастабыл баар дуо?
Суругунан үлэни атыылааһын бастакы көрүҥэ — “биржа”. Онно устудьуоннар эбэтэр үлэһиттэр урукку үлэлэрин таһаараллар, оттон саҥа устудьуоннар номнуо бэлэми хачайдыыллар. Холобура, практика отчуоттарын, курсовойдары, рефераттары, оннооҕор диссертациялары уонна дипломнай үлэлэри булуохха сөп. Сыаналара чэпчэки, дипломнай үлэлэр ортотунан 1500 солкуобайга тураллар. Төлөөн, хачайдаан баран, тугу барытын оҥоруохха сөп: бэйэҥ суруйбут үлэҥ курдук туттараҕын эбэтэр көмө матырыйаал быһыытынан туһанаҕын.
Иккис көрүҥ — агрегатор саайтар. Саайтар этэллэринэн, үлэлэри научнай үлэһиттэр, учууталлар эбэтэр атын устудьуоннар суруйаллар. Ону таһынан хас биирдии сайт номнуо тыһыынчаттан тахса сакааһы толорбуппут диэн киһиргиир. Холобура, гуманитарнай идэҕэ дипломнай үлэ сыаната 7000 солкуобайтан саҕаланар, 3 күн оҥоһуллар, антиплагиата 70% диэн эрэннэрэллэр.
Үһүс көрүҥ — бу устудьуоннар атын дьоҥҥо бэйэлэрэ суруйаллара. Үксүгэр үөрэх кыһаларын туйгун үөрэнээччилэрэ бииргэ үөрэнэр оҕолоругар харчыга көмөлөһүөхтэрин сөп. Сакаасчыт толорооччуну билэр, оттон толорооччу уһуйааччыны билэн, тугу суруйарын өйдүүр.
Оннооҕор социальнай ситимнэргэ туспа “ырыынактар” бааллар. Быраабыла курдук, бу - телеграм, ватсап, ВК бөлөхтөр.
Бэлэм үлэни атыылаһыы иһин накаастабыл баар дуо? Дьэ, уустук ыйытыы. Юриспруденция өттүттэн атын ааптар үлэтин бэйэҥ үлэҥ курдук туруорар буоллаххына — сокуону кэһэҕин. Өскөтүн ааптарга улахан хоромньуну оҥорбут буоллаххына, РФ Холуобунай кодексын 146-с ыстатыйатынан көрүллүбүт холуобунай дьыалаҕа түбэһэҕин. Онуоха үҥсүүнү дьиҥнээх үлэ ааптара биэриэхтээх. Ол эрээри икки өттүттэн сөбүлэҥ түһэрсэн бэлэм үлэни атыыласпыт буоллаххына, дьыала судургутуйар.
Юридическай өттүнэн ханнык да буруйу оҥорботох курдук буолан тахсаҕын, арай үөрэх кыһата уонна уһуйааччылар хомолтолорун биллэриэхтэрин, бэйэлэрин кыахтарын иһинэн накаастыахтарын сөп. Холобура, уһуйааччы атын киһи үлэтэ диэн бэлиэтии көрдөҕүнэ, хаттаан оҥотторуон эбэтэр үрдүк үөрэх кыһатыттан үүрдэриэн сөп. Онон манна барыта уһуйааччыттан тутулуктаах.
Анна (аата уларыйбыта), устудьуон:
— Физкултуура рефератын 500 солкуобайга атыыласпытым. Бэйэм суруйарбар бириэмэ суох этэ, инники өттүгэр бэлэм үлэни атыылаһа илигим. Тоҕо диэтэххэ бу эйгэҕэ түөкүттэр олус элбээбиттэр, харчыны ылан баран сүтэн хаалыахтарын сөп. Атыыласпыт үлэбэр уһуйааччым үрдүк баалы туруорбута. Инникитин биирдэ эмит атыылаһарым буолуо.
Игорь (аата уларыйбыта), бэлэм үлэлэри харчыга суруйар:
— Иккис куурустан өйтөн суруйуулары уонна рефераттары бииргэ үөрэнэр оҕолорбор харчыга суруйан саҕалаабытым. Бастаан утаа 200-300 солк. ыларым. Онтон сакаасчыттарым миигин билэр дьонноругар сүбэлээннэр, ордук сессия чугаһаатаҕына сакааһым элбээн, бэйэм үөрэхпэр мэһэйдэтэр буолбутум. Ол иһин кэлин тиэмэни төһө билэрбиттэн көрөн сыанабын 500-1000 солк. диэри үрдэппитим. Харчыга наадыйдахпына ити курдук устудьуоннар социальнай ситимнэригэр биллэриилэри суруйабын. Курсовой үлэлэри суруйууну ылсыбаппын, куруутун суруйарга ыарахана бэрт. Үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри манныгынан салгыы дьарыктаныам дии санаабаппын, олус сылайдым.
Хомойуох иһин, бэлэм үлэни атыылаһыы урут да баара, билигин да баар. Ол ким эрэ бириэмэтин, күүһүн атын дьыалаҕа туһулуурга дьулуһарыттан, оттон ким эрэ көннөрү чэпчэки суолу көрдүүрүттэн тахсар. Этэргэ дылы, хас биирдии киһи кыһалҕатын бэйэтэ сатыырынан, хайдах саныырынан быһаарар. Оттон биһиги бэйэ үлэтэ хаһан баҕар ордугун, көдьүүстээҕин санатабыт. Хас биирдии үлэ сыанаттан ураты эһиэхэ саҥа билиини, уопуту биэрэр. Онон санааҕытын түһэримэҥ, үлэлииргэ саҥа күүс, санаа кэлэ турдун!