16.01.2021 | 17:19

Бэчээт эйгэтигэр бигэтик үктэммитэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Валерий Луковцев 60 сааһыгар)

Күн-дьыл ааһара түргэнэ диэн, киһи сөҕөр эрэ. Бэрт соторутааҕыта курдук саныыбын, мин «Хотугу сулуска үлэлээбитим иккис сылын күһүнүгэр (1986 с.), сүүрбэтин эрэ лаппа ааһан эрэр университеты саҥа бүтэрбит, курбуу курдук, ортону үрдүнэн уҥуохтаах кубархай хааннаах хатыҥыр уол, биһиги редакциябыт, уончаны эрэ аннынан киһи олорор, киэҥ-куоҥ хоһугар киирэн, Далан аттыгар турарын. Кэлин билбиппит, Василий Семенович ыҥырыытынан, билиҥҥи «Бичик» кинигэ кыһатын дириэктэрин солбуйааччыта Луковцев Валерий Николаевич, оччолорго СГУ саха тылын салаатын саҥардыы бүтэрэн, биһиги сурунаалбытыгар корректорынан үлэҕэ киирээри кэпсэтиһэ кэлэн турар кэмэ эбит.

Василий Семенович, учуутал идэлээх буолан эбитэ дуу, ыччакка аҕалыы амарах сыһыаннааҕа. Онуоха эбии, Валерий эмиэ мин курдук, «Тулаайах оҕо»  арамааны биһирээн аахпытын, ол эрээри мин курдук буолуо дуо, улахан редактор буолуох чинчитэ таайдаҕа, аан бастаан кинигэни илиитигэр ылаат, библиотека көрүдүөрүн уһугар туран, аҕыйах чаас иһигэр умсугуйа ааҕан бүтэрэн кэбиспитэ, кэлин дипломнай үлэтин суруйарыгар төрүөт буолбутун кэпсээбитигэр, олус сөхпүтүм.

Ити кэмтэн ыла Валерий биһиги икки кэккэлэһэ айан суолунан баччаҕа диэри бэйэ-бэйэбитин сүтэрсибэккэ, бэчээт эйгэтигэр дьүөрэлэһэ идэҕэ уһун сылларга бииргэ сыстан үлэлээн-хамнаан, олох олорон кэлбиппит биир бэйэм өйдөбүлбэр олус кэрэхсэбиллээх, маарыннаһар дьылҕалаах дьон эбиппит диэн астык санааҕа аҕалар. Ол курдук, иккиэн Далан айымньыларын ис сүрэхпититтэн сөбүлээн чугастык ылыммыппыт. Иккиэммитин кини «Хотугу сулус» сурунаал редакциятыгар ыҥыран, бииргэ үлэлиир суолбутугар бигэтик үктэннэрбитэ. Валерий, сурунаалга үлэһитинэн ылыллаат, редакция араас суол үлэтигэр-хамнаһыгар барытыгар олус көхтөөхтүк кыттыбытынан барбыта. Ол туһунан кини бэйэтин «Кэм-кэрдии уонна киһи» диэн кинигэтигэр киллэрбит ахтыыларыттан аҕыйах лоскуйдары билиһиннэрэр ордук тоҕоостоох булуо:

«Наставнигым, сааһын тухары Суруйааччылар сойууһугар норуодунай поэт Сэмэн Даниловка суоппарынан, онтон уһун кэмҥэ корректорынан үлэлээбит Семен Петрович Соловьев, бэйэтин үлэтигэр бэрт бэриниилээх, ирдэбиллээх киһи, миигин корректураны кичэйэн ааҕарга, бэрэбиэркэлииргэ  олус кыһаллан үөрэппитигэр-такайбытыгар куруук махтана саныыбын»…

«Ол күһүн сурунаал төрүттэммитэ 60 сыла бэлиэтэнэр үбүлүөйдээх даатата түбэһэн, киирдэ-киирээт ыҥырыы суруктары, араас суругу-бичиги тэрилтэлэргэ тиэрдэн, ас-үөл тэрээһинигэр сүүрэн-көтөн, хата, үгүс дьону-сэргэни билэн хаалбытым. Үбүлүөй сүрдээх тэриллиилээхтик ыытыллыбыта, киһи бөҕө мустан эҕэрдэлээбитэ. Мин үлэлээбитим ый эрэ буолаат, грамота ылар чиэскэ тиксибитим»…

«Чолбон» («Хотугу сулус»), уопсайынан, миэхэ олох, айар үлэ оскуолатынан буолбута. Бииргэ үлэлиир аҕа табаарыстарым эдэр киһини «айааһаан», айар үлэҕэ уһуйан барбыттара. Аан маҥнай эппиэт сэкирэтээр И.Федосеев сорудаҕынан поэт Алексей Бэрияк төрөөбүтэ 75 сылынан үбүлүөйгэ аналлаах матырыйаалы «ХС»   1987 с. 10 №-гэр оҥорбутум. Онтон Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 355 сылынан сибээстээн, нуучча суруйааччыларын айымньыларын тылбааһыгар кыттыбытым. Проза салаатыгар эмиэ саҥа үлэлии сылдьар Василий Назарович сүбэлээн-амалаан көмөлөспүтэ. Н.Шундик, В.Солоухин кэпсээннэригэр тылбаастарым үбүлүөй анал нүөмэригэр биллиилээх суруйааччылар киэннэриниин бииргэ тахсыбыта үөрүүлээх да этэ». 

Ханнык да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат, бэриллибит сорудаҕы иҥэн-тоҥон туран эргиччи өттүн ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэн олус кичэллээхтик, сатабыллаахтык толорор, суруйааччылар айымньыларын ырытыыга бэйэтин санаатын кэтэмэҕэйдээбэккэ чопчу этэр ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх эдэр, кэскиллээх киһини «Хотугу сулуска» өр үлэлэппэтэхтэрэ. Кини ити үтүө хаачыстыбаларын туораттан биһирии көрбүт-истибит, ымсыыра санаабыт атын эйгэ үлэһиттэрэ аҕыйаҕа суохтара. Бэрт сотору кинини өрөспүүбүлүкэтээҕи кинигэ издательствотыгар оҕо литературатын редакторынан үлэҕэ ыҥырбыттара. Ол кэпсэтии хайдах барбытын кини бэйэтин ахтыытыттан билсиэҕиҥ:

«Хотугу сулуска» ылгын уол аатыран табыллан үлэлии сырыттахпына, издательствоттан суруйааччылары кытары ыкса сибээстээх Т.И. Румянцева кэлэн, миигин үлэҕэ ыҥыран соһутта. “Далан айымньытын дьүүллэһэргэ тыл этэргин истэн сөбүлээтим, тылбааска эмиэ дьоҕурдаах эбиккин (сурунаалга нуучча суруйааччыларын айымньыларыгар аҕыйах тылбааһым тахсыбыта уонна ити кэмҥэ кини хомуйан оҥорор казахтар хомуурунньуктарыгар тылбааска эмиэ кыттыһа сылдьар этим), биһиэхэ киирдэххинэ, бэйэҥ суруйар, дьарыктанар киһиэхэ, кэлин бэчээттэнэргэр да үчүгэй буолуо», – диэн эппитигэр атын үлэ туһунан санаан да көрбөтөх киһи, өмүттэн, иэммин-дьааммын биэрбэтим… Онон дьулахачыйан сөбүлэспэккэ сырыттахпына, Татьяна Ивановна көрдөһүүтүнэн быһыылаах, Сойуус бэрэссэдээтэлэ, норуодунай суруйааччы С.П. Данилов, солбуйааччыта С.И. Тарасов кэпсэттилэр, онтон үлэҕэ киирэрбэр көмөлөспүт ытык киһим Далан курдук бииргэ үлэлиир дьонум сүбэлээннэр тылларын ылыннарбыттара. Софрон Перович: «Эдэр киһи араас үлэҕэ эриллэн буһар-хатар, сайдар баҕайыта. Хаһааҥҥа диэри корректорынан сылдьыаххыный, литература кэскилигэр быһаччы оруоллаах улахан тэрилтэҕэ үлэлиириҥ бэйэҕэр туһалаах буолуоҕа. Мин бэйэм эмиэ издательствоҕа редактордаабыт сылларбын бэрт үчүгэйдик саныыбын”, – диэн, кэһиэхтээх  соҕус куолаһынан  сүөлэҥэдийэн аргыый аҕай лоп бааччы саҥара олороро харахпар көстөргө дылы… Ити курдук улахан суруйааччылар алгыстарынан, сүбэлэринэн олоҕум киэҥ аартыгар үктэммитим»…

Валерий Николаевич, уустук, элбэх үлэлээх улахан тэрилтэҕэ кэлээт, Татьяна Ивановна ийэлии истиҥ сыһыанынан, сүбэтинэн-аматынан ыарахаттартан толлубакка, сүдү эппиэтинэстээх үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Көтөх муҥунан үгүс-элбэх рукопистары бэрийбитэ. Ол иһигэр Далан «Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын» романын корректуратын аахпыта, «Тыгын Дархан» диэн сүрүн айымньытын ааптары бэйэтин кытта ыкса үлэлэһэн редакциялыыр чиэскэ тиксибитэ. Уһун сыралаах үлэ кэнниттэн арамаан кинигэ буолан бэчээттэнэн тахсан, ааҕааччылар дьүүллэригэр презентацияланан улахан биһирэбили, хайҕалы ылбыта. Т.И. Румянцева көҕүлээһининэн, интеллигенция киэҥ араҥата туруорсуутунан, Василий Семеновичка саха норуодунай суруйааччытын бочуоттаах аата иҥэриллибитэ. Кэлин Баһылай Хахыйахха Гаврил Колесовтыын тахса сылдьан, «Тыгын Дарханы» салгыы чиэстээһин кэмигэр, айымньыны редакциялааһын сүрүн үлэтигэр олус кичэллээхтик сыралаһан үлэлээбит Валерий Луковцев аатын улахан махталынан бэлиэтээн аһарбыта.

Валерий Николаевич издательство үлэтигэр буһан-хатан, салгыы салайар үлэҕэ өрө таһаарыллан, элбэх кыайыы-хотуу бэлиэтигэр, наҕараадаларга тиксэн, кинигэ кыһатын сайыннарыы  далааһыннаах үлэтин киэҥ аартыгар бигэтик үктэнэн айа-тута сылдьар.

Сэрии кэннинээҕи аас-туор олох ыарахан кэмнэригэр Валера быраатыныын сэрии инбэлиитэ аҥаардас аҕаҕа иитиллибит оҕолор, кыракый саастарыттан араас моһоллору, онно суох балыыры көрсөн, олоххо араас өйдөөх-санаалаах дьон, киһи үөйбэтэх быһымах түбэлтэлэрэ баар буолалларын билэ-көрө улаатан киһи-хара буолбуттара. Ол таах хаалбатаҕа, кырачаан сааһыттан олох араас кыһалҕаларын туоруурга ону-маны ырыҥалыы, анаалыстыы үөрэммит Валера элбэх кинигэни ааҕан, кэлин үтүө санаалаах, билиилээх-көрүүлээх дьону, ол иһигэр суруйааччылары көрсөн, эдэр сааһыттан үлэҕэ-хамнаска эриллэн, өйө-санаата чочуллан билиҥҥи таһымҥа тахсыыта эмискэ буолбатаҕа. Барыта олох эриирин-мускуурун кытаанах эксээмэнин чиэстээхтик, чиэһинэйдик  ааспытын сиэрдээх түмүгэ  буолар.

Валерий Николаевич инники олоҕо салгыы эрэллээх, элбэх ситиһиилэрдээх буоларыгар эрэнэн туран, киниэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарыаҕыҥ.         

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...