22.02.2023 | 10:30

Бэбиэскэ кэлэрин күүппүтүм...

Бэбиэскэ кэлэрин күүппүтүм...
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Киһи барыта бэйэтин кыһалҕатын дьоҥҥо кэпсии сатаабат. Туох гынаары? Онтон тугу туһанаары? Психологтар кыһалҕаҕын дьоҥҥо кэпсииртэн туттунар буоллаххына, кумааҕыга суруйан чэпчиэххэ сөп диэн сүбэлииллэр. Эбэтэр “куһаҕан түүлү умна сатыахха эбэтэр дьоҥҥо кэпсээн, таска таһааран, быдан чэпчиэххэ сөп» диэн суруллубатах сокуон баар...
Бүгүн кэпсэппит уолум миэхэ анал байыаннай дьайыыга сылдьыбытын арыйан, дьон болҕомтотугар таһааран, эмиэ чэпчээтэр ханнык...

Айаал С. Бүлүүттэн төрүттээх, 32 саастаах, манна, куоракка, олохсуйбута ырааппыт. Балаҕан ыйын 24 күнүгэр, субуотаҕа, бэбиэскэ тутуоҕуттан кини олоҕо атыннык салаллыбыт.

“Бээтинсэҕэ үлэлээн кэлэн, дьэ, өрөбүллэрбэр сынньаныам диэн былаан баар этэ. Мобилизация биллэриллибитин, уолаттар бэбиэскэ ылаттаан эрэллэрин, биллэн турар, истибитим. Бэйэм даҕаны “миэхэ эмиэ бу күннэргэ кэлэллэрэ буолуо» диэн испэр кэтэспитим. Куотар санаа суох этэ. Бэйэм урут сулууспалаабытым, 2010-2011 сылларга ытык иэспин төлөөбүтүм. Ол курдук, киэһэ аспын астыы сырыттахпына тоҥсуйбуттарыгар, дьонум кэллилэр дии санаан, ааммын арыйбытым – икки байыаннай таҥастаах дьон кэлэн тураллар этэ. Ааппын-суолбун ыйыталаһан баран, илиибэр бэбиэскэ туттарбыттара, быһаарбыттара уонна хомунарбар 3 чаас биэрбиттэрэ. Бэбиэскэ кэннигэр тугу ылыаххын сөбүҥ туһунан испииһэк баара. Саатар субуота эҥин, таҥас-сап маҕаһыыннара сабылыннахтара дии. Интэриниэккэ мобилизованнайдар тугу ылалларын көрбүтүм. Онон аҕыйах малы-салы, суунар тэриллэрбин, докумуоннарбын, уу эҥин эрэ ылбытым. Хомунан баран норуокка “Полтинник” диэн аатынан биллэр дьиэҕэ тиийбитим, оруобуна оптуобус дьону тиэйэн барда, онон аны икки чааһынан кэлээр диэтилэр. Куоракка пропискалаахтары төттөрү ыыталлар эбит этэ. Мин, иһиттим-истибэтим диэт, доҕотторбун, табаарыстарбын мунньа, ыҥыртыы охсон, атаартарбытым.

Сарсыҥҥы күнүгэр аны ГРЭСкэ кэл диэбиттэрэ, онно эмиэ мобилизованнайдарга аналлаах пуун тэриллибит этэ. Эбиэт саҕана испииһэк оҥорбуттара, ханна барыахпын сөбүн талларбыттарыгар, Владивостокка муора пехотатыгар 155-с чааһы талбытым.

 

Дойдуттан арахсыы

Икки дуу, үс дуу оптуобуһунан айаннаан, икки этээстээх байыаннай сөмөлүөккэ 200-чэ мобилизованнайы симэн, түүн Владивосток куоракка көтүппүттэрэ. Онно тута “Урал” массыынаҕа тиэйэн, чааспытыгар илдьибиттэрэ. Уолаттары ким ханна барарынан распределяйдыы сылдьаллар этэ. Байыаннай билиэппэр “стрелок” диэн турар. Миигин  ДШБ (десантно-штормовая бригада) киллэрбиттэрэ. Оннук наарданан-хайаан, казармаҕа тиийбиппит, билсиһэн, аһаан баран, сынньаммыппыт. Сарсыҥҥы күнүгэр эмиэ массыынанан ханнык эрэ портка илдьибиттэрэ. БДК (большой десантный корабль) диэн баар, онно киллэртээбиттэрэ. Байыаннай чааспытыгар тута таҥыннарбыттара. БДК-нан Бамбурово диэн полигоҥҥа ыыппыттара. Балаҕан ыйын 27 күнэ этэ. Онно биһигини үөрэппиттэрэ, аптамаат туттарбыттара, кааска, броник, өссө эбии таҥас биэрбиттэрэ. Ол курдук алтынньы 18 күнүгэр диэри байыаннай үөрэххэ сылдьыбыппыт. Инструктордар эҥин кэлбиттэрэ. Отделениебыт взвод буолбута, мин 3-с отделениеҕа түбэспитим.

Уот айаҕар

Алтынньы 18 күнүгэр БДК-ҕа киллэрэн, ол хараабылынан Владивостокка устан тиийдибит. Чааспытыгар аҕалбыттара уонна кумааҕы биэрбиттэрэ, эпикриз диэн ааттанар докумуону, ону бары толорбуппут, илии баттаабыппыт. Сарсыҥҥы күнүгэр “Боинг” анал борт кэлэн, Ростов-на-Дону куоракка көппүппүт. Ити алтынньы 20 күнэ этэ.

“Урал” массыынаҕа тиэйэн баран Донецкай уобаласка ыыппыттара. Онно түүн кэлбиппит, хайдах эрэ аамай-саамай курдук. Ханна барарбытын-кэлэрбитин, тугу гыныахтаахпытын ким да эппэт. Арай ханнык эрэ уолаттар кэлэн: “Выходите, сейчас бомбить будут”, - диэтилэр. Суумкаларбытын быраҕаттаан, куотан таҕыстыбыт. Уоту холбоотохпутуна, араарыҥ дииллэр. Ол курдук хабыс-хараҥаҕа ханнык эрэ быраҕыллыбыт ыскылаакка киирэн утуйбуппут.

Сарсыарда турбуппут, “Борода” диэн позывнойдаах хамандыырбыт кэлбит этэ. Саллааттар барытыгар бэлэмнэнэн, “полное обмундирование” буолан олоробут. Буомбалааһын, артиллерия тыаһа эҥин иһиллэр.

 

Бастакы сорудах

Сарсыныгар эмиэ “Урал” массыына кэлэн Новоандреевка диэки айаннаабыппыт. Ол диэки штаб, блиндажтар эҥин бааллар. Тиийбиппитигэр, «эһиги блиндажкыт бу буолар, оҥостуҥ” диэбиттэрэ. Бары үлэбитин үллэстэн, оҥостон киирэн барбыппыт, чугас дэриэбинэ баар, онон үчүгэй сир диэбиттэрэ. Сарсыныгар эмиэ “Уралга” симэн, ботуруон, граната ылан, ханна эрэ айаннаатыбыт.

Новоандреевкаҕа ойуур балаһата (лесополоса) баара, онно түүннэри кэлэн ардахха баттаппыппыт, утуйан хаалбыппыт. ДНР олохтоох ополченецтара көрсүбүттэрэ. Сарсыныгар ханна кэлбиппитин дьэ көрбүппүт: хаһыллыбатах блиндажтар, окуопалар. Павловкаҕа өстөөхтөр бааллар этэ, биһиги сытар сирбититтэн чугас.

Окуопа хастан эҥиннээн, алтынньы 29 күнүгэр инники кирбиигэ бэлэм буоллубут, уочаратынан постка турабыт. 5-с рота диэн буоллубут. “Друзь” диэн позывнойдаах хамандыыр кэлэн, биһиги иннибитигэр сорук туруорда.  Павловкаҕа уолаттарга гуманитарнай көмө – уу уонна сухой паек илдьиэхтээх үһүбүт, уолаттар аһылыктара суох диэтилэр. Толору сэбилэннибит, хас да ботуруон, граната ылынныбыт. Бу бастакы сорудахпытыгар уон буолан барбыппыт. Егоровка диэн дэриэбинэҕэ ыскылаакка аҕаллылар. Онтон аһылык, гуманитарка ылан, сатыы бардыбыт. 8 килэмиэтири хаамыахтаахпыт, түүннэри айаннаатыбыт. Сирдьиппит “Армян” диэн. Ардах түһэ турар, халтараан, бадараан бөҕөтө, үөһэнэн коптердар көтө сылдьаллар. Дьэ онтон икки килэмиэтири эрэ хаампыппыт кэннэ артиллериянан ытыалыы сатаатылар, тыас-уус, уот-күөс чаҕылыҥнаан, өрө уһуурун ынырык. Син мүччү түстүбүт. Аны алта килэмиэтири барыахтаахпыт. Ааһан иһэн көрдөххө, умайбыт тиэхиньикэ, өлбүт дьон – киһи саллар, дьулайар түгэнэ. Ол курдук, таһаҕаспытын соспутунан, Павловкаҕа нэһиилэ кэллибит.

Ытыалаһыы буола турар, дэлби тэптэрии, буулдьа иһиирэн ааһыыта. Эйэлээх олохтон сабыс-саҥа кэлбит дьоҥҥо, биллэн турар, киһи уйулҕатын, тыынын-быарын хаайар ыарахан хартыына. “Армяммыт” биир дьиэҕэ сирдээтэ, аһылыктарбытын хааллардыбыт, уолаттарга бэйэбит ботуруоммутуттан биэрдибит. Төттөрү айанныырбытыгар арыый эргийэн барбыппыт. Онно 10 км сатыы барыахтаахпыт, эмиэ ытыалааһын бөҕө, үөһэттэн коптер көрөр. Аара бааһырбыт киһини илдьэ иһэр медиктэри көрсүбүппүт. Аны олорго көмөлөстүбүт, иккилии буолан хардары-таары наһыылканан ол киһибитин соһустубут. Ол курдук айаннаан, бааһырбыт киһибитин сүгэн-көтөҕөн, чааспытыгар этэҥҥэ кэлбиппит. Ити бастакы сүрэхтэниибит сэтинньи 5 күнүгэр этэ. Бэйэбит позициябытыгар кэлэн дьэ өрө тыыммыппыт, бастакы сүрэхтэниибит ити курдук олус кутталлаахтык, ийэ-хара көлөһүммүт тахсан ааспыта. Ракеталар көтөллөр, артиллериянан ыталлар, бастаан утаа куттанан баран кэлин син үөрэнэн хаалаҕын, оннооҕор ол тыас быыһыгар утуйаҕын.

Бааһырыы

Сэтинньи 12 күнүгэр Павловкаҕа илдьибиттэрэ. Онно барарбытыгар Егоровка диэкиттэн ытыалааһын бөҕө. Коптердар көтө сылдьаллар, артиллерия ытыалыыр. Артиллерия олох чугаһынан ытыалыыр, киһи кута көтүөх айылаах. Маннык өлөн хааларым буолуо диэн санаа охсуллан ааспыта. Бу барыта чахчы, кырдьык дуо дии саныыгын. Саатар айаннаан иһэн биир “Уралбыт” умуллан хаалар, сирдьиппит: “Заводи машину, быстро уезжай”, - диэн хаһыытыыр, анараата: “Не заводится”,– диэн уолуйар, айманар. Ханна эрэ көрбүт сэриилээх киинэм дуу, түүл дуу курдук этэ. Онтон дьэ собуоттанан салгыы айаннаатыбыт, артиллерия ытыалаан бүтэрин кэтэстибит, тохтоотубут. Биир уолбут бааһырда, онтон аны мин аттыбар эстэн, мин бааһырдым. Артиллерия тохтообутугар атын позицияҕа барбыппыт. Биһигини, икки бааһырбыты, эвакуациялаабыттара. Уолаттар салгыы Павловкаҕа барбыттара.

Миигин Новоандреевкаҕа аҕалбыттара, онтон Донецкайынан салгыы Ростов-на-Дону госпитальга илдьибиттэрэ. Ол сэтинньи 12 күнэ этэ.

Дьиҥэр, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ 15 эрэ күн сылдьыбытым, онтум олоҕум устата сылдьыбыт курдук этим. Уолаттарым билигин да анараа бааллар, хорсуннук киирсэ сылдьаллар.

Ростовтан сэтинньи 16 күнүгэр Владивостокка аҕалбыттара, эпэрээссийэ оҥорон, уҥа ойоҕоһум диэкиттэн оскуолкабын ылбыттара. Ол сытан аны муҥурдааҕым ыалдьан эмиэ эпэрээссийэ ааспытым. Онтон Дьокуускайга ахсынньы 14 күнүгэр кэлбитим.

 

Сотору төннөбүн

Владивостокка сытан рапорт суруйбутум, отут күн уоппуска биэрбиттэрэ. Кэлэрбин аҕабар биллэрбитим, ийэбэр соһуччу бэлэх оҥорбутум. Бүлүүгэ дойдубар бара сылдьыбытым, сынньанан кэлбитим. Онтон Владивостокка эмиэ бара сылдьыбытым, ВВК ааспытым, доруобайгын, төттөрү бараҕын диэбиттэрэ.

Онон бу ыйга, олунньу 27 күнүгэр, барабын, билиэттээхпин. Баҕар, наада буолуо диэн, Сибээс колледжыгар беспилотник (БПЛА (беспилотный летательный аппарат) операторын суһал куурсугар үөрэнэ сылдьабын. Дастабырыанньа ылыахтаахпын.

Соторутааҕыта чааспыттан эрийэ сылдьыбыттара, ханна бааргыный, билиэккин хаартыскаҕа түһэрэн ыыт эҥин диэн. Онон, ханна да сырыттаргын, булан ылаллар.

Чайковскай уулусса, 117/2 баар реабилитационнай кииҥҥэ СВО сылдьыбыт уолаттары ылаллар, эмтииллэр диэни биир табаарыспыттан истэн, таһыттан, күнүскүгэ эмтэнэбин. Туох да наһаа үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр, кыһамньылаахтар, онон уолаттары хайаан да реабилитацияны ааһыҥ диэн ыҥырабын. 

Арыгыны иһимэҥ

Билигин да барааччы баар. Онон аҕыйах сүбэни биэриэм этэ – кылаабынайа, үчүгэй физическэй бэлэм наада эбит. Этэргэ дылы, төгүрүктээһиҥҥэ эҥин түбэстэххэ, куотарга атаҕыҥ быһыйа, түргэнэ улахан оруолу оонньуур. Манна Джержинскэй уулусса, 75 дьиэтигэр бара сылдьыҥ, ичигэс таҥас тигэллэр, мин ылбытым. “Бу барыта чахчы, кырдьык» диэн бигэ өйдүөххэ, ис туруккунан ылыныахха наада. Оонньуу-көр буолбатах диэн. Передовойга арыгы иһимэҥ, кыаллар буоллаҕына, табахтаамаҥ, табахха харчы бөҕөтө барар. Туттар харчы наада, онно картанан ылбаттар, нуучча симката үлэлээбэт.

Бэйэм бэбиэскэни чиэһинэйдик күүтэн ийэ дойдубун көмүскэстим, өссө бараары сылдьабын. Биллэн турар, тута передовойга ыытыахтара дии санаабатаҕым. Кыайыы биһиэнэ буолуо эрэ диир кыахтаахпын, кэннибитинэн чугуйар, тэйэр, хотторор бырааппыт суох. Кыайыахпыт, кэтэһиэххэ эрэ наада.

Чугас дьоммор, ийэбэр, аҕабар күүстээх санаалаах, тулуурдаах буолуҥ, кэтэһиҥ эрэ диэн этэбин. Аҕам өйдүүр, ийэм, биллэн турар, ыытыан баҕарбат. Бааһырбыппын истэн баран күүскэ долгуйбуттара, аҕам Владивостокка госпитальга тиийэ сылдьыбыта.

Мин тус санаам диэн – олоҕу билэ-көрө илик эдэркээн уолаттары ыыппаттара буоллар, кыра оҕолоох эдэр уолаттары эмиэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...