10.04.2022 | 20:00

Байыаннай чааска сырытыннарбыт учуутал

Байыаннай чааска сырытыннарбыт учуутал
Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Төрөөбүт дойдуга тапталы, дойдуну көмүскээччи суолтатын үрдэтэргэ,  бастакы көмөнү оҥорорго, мүччүргэннээх быһыыга өмүттүбэккэ өрүһүнэргэ НВП уруога олус туһалаах олох оскуолата этэ.

Василий Васильевич Яковлев 
1949 сыллаахха Алдан оройуонугар Открытай бөһүөлэккэ төрөөбүтэ. 
Сэрии кэннинээҕи уустук эрээри өрө көтөҕүллүүлээх кэм оҕото буолан, ыарахаттартан толлон турбат, үлэни өрө туппут, кырдьык иһин турууласпыт, чиэһинэй олоҕу олорбут учуутал, салайааччы этэ. 
— ССРС Гражданскай оборонатын туйгуна (1989);
— Үлэ бэтэрээнэ (1999);
— Уус-уран педагогика Академиятын академига (2002);
— РФ үөрэҕин министиэристибэтин (2003), Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2009) Бочуотунай Грамоталарын хаһаайына;
— Москватааҕы Педагогическай Академия  аспирана (2004-2007);
— РФ Үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ (2009).

Саха АССР кэмигэр 1968 сыллаахтан оскуолаларга НВП (начальная военная подготовка) уруога киллэриллибитэ. Үөрэнээччилэри бэрээдэккэ, сэрии сэбиргэлинэн туттарга, устуруойдаан хаамарга, бастакы көмөнү оҥорорго, оборона уонна сэрии судургу ньымаларын баһылыырга, дойдуга бэриниилээх буоларга бу уруоктар сүҥкэн кылааттаах этилэр.

Оччотооҕуга Үөһээ Бүлүү оройуонун Боотулуу орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр байыаннай үөрэхтээһиҥҥэ ураты суолу-ииһи хаалларбыт киһинэн НВП учуутала Василий Васильевич Яковлев буолар.

Кини төрөөбүт дойдутугар Алдаҥҥа 1970 сыллаахха Хатыыстыыр орто оскуолатыгар НВП уруогун учууталынан саҕалаабыт. Онтон 1976 сыллаахха учуутал идэлээх эдэр ыал Үөһээ Бүлүү оройуонугар Боотулуу орто оскуолатыгар ананан тиийбиттэр.

Василий Васильевич олоҕун аргыһа Александра Макаровна кыргыттары иистэнии, быысапка, баайыы курдук үөрүйэхтэри баһылыырга үөрэппит махталынан ахтар учууталбыт буолар.

Василий Васильевич Боотулууга тиийбит маҥнайгы кэмнэрин маннык  ахтыбыта баар: «1976 сыллаахха Боотулуу оскуолатыгар НВП уруога киирбитэ номнуо алта сыл буолбут этэ. Тыа сиригэр улааппыт оҕолор үлэһиттэриттэн сөхпүтүм. Оччотооҕу оҕолор тугу да ыарырҕаппат этилэр. Сүрдээх интэриэстээхтик ылыммыттара уонна оннук даҕаны предмеккэ сыһыаннаһар этилэр. НВП уруогар оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар аналлаах дьарыктанар тутуулар наада этилэр. Онон байыаннай балаһаакканы тутан саҕалаабыппыт. Икки сайын устатыгар учууталлар уонна үөрэнээччилэр көмөлөрүнэн барыта оҥоһуллан сиппитэ. Ону таһынан отут миэтирэ усталаах, туруору эркиннээх, үрдүлээх, тимир оһохтоох, сытан эрэ ытар сирдээх тир оҥорбуппут. Манна үөрэнээччилэр үөрэх кэннэ кэлэн сыал ыталлара. НВП уруогар анал байыаннай формаларбытын – мотуруос таҥаһын Мурманскайдааҕы "Военторг" анал маҕаһыынтан суруттаран ылар этибит. Кэлин оройуоннааҕы бытовой комбинакка сакаастаан тиктэрэрбит. Пневматическай сэбиргэли, кыра колибрдаах винтовкалары, диоптриктаах прицеллары, каскалары, шинеллэри соҕурууттан булан аҕалан, НВП материальнай базатын тэрийбиппит. Боотулуу улахан дэриэбинэ этэ. Дьоно-сэргэтэ үлэһиттэринэн, оҕолоругар кыһамньыларынан ураты этэ. НВП материальнай базата бөҕөргүүрүгэр төрөппүт өттүттэн өйөбүллээх буоламмыт, үлэ күөстүү оргуйара.

Учуутал буоларым быһыытынан, үөрэппит оҕолорум икки сыл этэҥҥэ Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан кэлэллэрин ситиһии диэм этэ. Кинилэр эт-хаан өттүгэр көрдөрүүлэринэн, байыаннай үөрэҕи ааспыттарынан,  патриоттуу иитиллиилээхтэринэн үөлээннээхтэрин ортотугар бастыҥнар кэккэлэригэр сулууспалаан кэлиилэрэ – бу НВП уруогун түмүктэринэн ааҕабын.

Мин олоҕум – үлэ. Оҕону кытта үлэ».

Бу 2019 сыллаахха учууталбынаан  атах тэпсэн олорон кэпсэтиибитин эһиэхэ, ааҕааччыларбар, тириэртим.

Киһи олоҕо түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарыныы кылгас дииллэрин курдук,  хомойуох иһин, ытыктыыр учууталбыт билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Кини биһиэхэ,  үөрэппит оҕолоругар, үтүө өйдөбүл буолан, сүрэхпитигэр иҥэн хааллаҕа.

Билиҥҥи кэмҥэ орто саастарын ааспыт оччотооҕу үөрэнээччилэр: "Саха АССР кэмигэр үөрэммит сылларбытыттан биир умнуллубат өйдөбүлүнэн учууталбыт Василий Васильевич Читаҕа байыаннай чааска илдьэ сылдьыыта буолар",- диэн  ахталлар. Чахчы даҕаны, икки төгүл Чита байыаннай чаастарыгар илдьэн, саллаат күннээҕи олоҕун оҕолорго илэ харахтарынан көрдөрөн аҕалбыта – ол кэмҥэ бэрт сэдэх уонна сонун сүүрээн этэ. Бу айаннара уолаттар аармыйа олоҕун кытары билистиннэр, көрдүннэр диэн сыаллааҕа. Чита куоратыгар Л.И. Брежнев аатынан показательнай полкаҕа экскурсияҕа аармыйа аһылыгын аһаан, саха саллааттарынаан көрсүһэн,  музейга байыаннай тиэхиньикэни көрөн кэлбит кэмнэрин наһаа үчүгэйдик ахталлар.

Аармыйаттан Р. Огочонов сержант, отделение хамандыыра, И. Кудашев старшина, Ф. Николаев сержант, Сэбиэскэй Аармыйа туйгуна, үгүстэр төрөппүттэригэр Махтал суруктаах сулууспалаан кэлбиттэрэ. Боотулуу уолаттара НВП уруогун көмөтүнэн бэйэлэрин кэмнэригэр ситиһиилээхтик сулууспалаан кэлэн, учууталларыгар махтаналлара. Хас кэлбит саллаат бастатан туран Василий Васильевичка махтанан ааһара, оскуола уол үөрэнээччилэриниин көрсүһүүнү тэрийии үтүө үгэскэ кубулуйбута. Аармыйа олоҕун сарсыҥҥы саллааттарга кэпсииллэрэ – бу эмиэ байыаннай иитии биир сүрүн хайысхата этэ.

Өссө биир хайысханан аармыйа режимнээх, устаабы тутуһар казарма тэрийэн,  "карантин" диэни бараллара буолар. Бу байыаннай практикалар биир ый устата буолаллара. Сбордар соруктара – эт-хаан өттүнэн сулууспаҕа бэлэмнээһин.

Биир ый иһигэр уолаттар көрдөрүүлэрэ лаппа тупсара, өй-санаа өттүнэн бөҕөргүүллэрэ, эт-хаан хатарыллыытын ааһаллара.

Биир үгэскэ кубулуйбут тэрээһин – оскуолаҕа тиһигин быспакка Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр. Кыайыы күнүгэр кырдьаҕас буойуттары чиэстиир парадка байыаннай таҥаспытын кэтэн, строевой хаамыыбытын көрдөрөрбүт, пааматынньыкка өйдөбүнньүк венок уурарбыт. Бу барыта оҕону патриоттуу иитии быстыспат сорҕото этэ. Кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбит билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Ол эрээри кинилэр сырдык мөрсүөннэрэ, хорсун быһыылара,  албан ааттара – барыбыт сүрэхпитигэр!

Боотулуу орто оскуолатыгар үөрэммит оҕо сааспыт кэрэ кэмнэрин олус истиҥник, сылаастык ахтабыт. "Зарница" оонньуурбутун, байыаннай формалаах устуруойдаан хаамарбытын, противогазтаах сүүрэрбитин, автомат ыһар-хомуйар,  үөһэнэн-алларанан куоталаһар түгэннэрбитин куруук күндүтүк саныыбыт. Устаабы кэһэн нэрээт да ылларбыт, байыаннай таҥаспытын кэттэрбит эрэ, дуоспуруннана түһэрбит.

Сэбиэскэй кэм үөрэнээччилэригэр НВП уруоктара оннук истиҥник иҥэн хаалбыттар эбит. Ол үксэ үөрэппит, эрчийбит учууталбыт, уһуйааччыбыт Василий Васильевич Яковлев үтүөтэ буоллаҕа. Учууталбыт, бэйэтэ этэн хаалларбытын курдук, кини олоҕо - ҮЛЭ. Оҕону кытары ҮЛЭ.

Мындыр, ырааҕы көрөр салайааччы быһыытынан Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик оскуолатыгар өр кэмҥэ дириэктэринэн үлэлээбитэ. Нэһилиэк социальнай-экономическай, духуобунай сайдыытыгар кылаата муҥура суох.

Василий Васильевич олоҕун, удьуор утумун кэргэнэ Александра Макаровна, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэнэ салгыыллар.

Ытыктыыр учууталбыт Василий Васильевич Яковлев аатын үйэлэргэ махталынан ахтабыт. Өйдүүбүт, убаастыыбыт, кэриэстиибит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...