16.02.2024 | 11:00

Бастыҥ волонтердар бирииһинэн бэлиэтэниэхтэрэ

Бастыҥ волонтердар бирииһинэн бэлиэтэниэхтэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, кулун тутар 15 күнүттэн Арассыыйа бары регионнарыгар «Куорат сиригэр табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан 2025 сылга тутуллар уопсастыбаннай туоналары талыыга рейтиннээх куоластааһын саҕаланаары турар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо 29 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тутуллар 62 эбийиэктэн талар кыахтаахтар.
Оттон бу хамсааһыҥҥа баҕа өттүнэн көмөлөһүөн, волонтер буолуон баҕалаахтар ДОБРО.РФ платформаҕа номнуо бэлиэтэнэн саҕалаатылар. Волонтердары кытта үлэни регионнарга тэриллэр ыстааптар сүрүннээн, ыйан-кэрдэн биэриэхтэрэ. Ордук үчүгэйдик үлэлээбиттэр тэрийээччилэр ааттарыттан бириис тутуохтара. 
Санатар буоллахха, ааспыт 2023 сылга маннык куоластааһыҥҥа 100 000 тахса волонтер көмөлөспүтэ (2022 сыллааҕар икки бүк элбэх). Волонтердар көмөлөрүнэн куоластааһыҥҥа 14,2 мөл. кэриҥэ киһи кыттыыны ылбыта.
«Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырайыак саайта: https://gorodsreda.ru  
Саха сиригэр Дьокуускай куораты таһынан Томмот, Алдан, Аллараа Кураанах, Сангаар, Айхал, Чернышевскай, Беркакит, Чульман, Хаандыга, Мохсоҕоллоох, Уус Майа бөһүөлэктэрин, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, Хоро, Үөдэй, Нам, Мукучу, Кэбээйи, Ленскэй, Бороҕон, Таатта, Чурапчы нэһилиэктэрин, Нерюнгри, Ленскэй, Мииринэй, Удачнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Бүлүү куораттарын бырайыактарыгар куоластыахха сөп, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын иһинэн Архитектура уонна куораты тутуу управлениета.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...