18.03.2023 | 16:00

Бастаан итэҕэйбэтэхпит, билигин сөҕөбүт

Бастаан итэҕэйбэтэхпит, билигин сөҕөбүт
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Куорат нэһилиэнньэтэ доруобуйаҕа туһалаах, иҥэмтэлээх аһынан-үөлүнэн, этэргэ дылы, дьиҥнээх этинэн-үүтүнэн, сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыллыыта олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарар тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин туруктарыттан, иэннэриттэн, үлэлэрин хаачыстыбатыттан уонна ону Олохтоох дьаһалта төһө, хайдах өйүүрүттэн быһаччы тутулуктаах.

Ол курдук, 2014 сылтан 2032 сылга диэри Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятын чэрчитинэн куорат кытыытынааҕы Маҕан, Тулагы, Марха, Хатас, Табаҕа бөһүөлэктэргэ нэһилиэнньэни бэйэ бородууксуйатынан хааччыйар хаһаайыстыба ахсаанын дэлэтэр, өйүүр муниципальнай бырагыраама үлэлиир. Чуолаан 2020-2024 сылларга олохтоох уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн бу сыалга сыл аайы отуччалыы мөлүйүөн курдук иэннээх үбүлээһин көрүллэн, туох да диэбит иһин, куорат дьоно тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыллыылара кэлиҥҥи сылларга лаппа тубуста. Ынах сүөһү, сылгы, куурусса, сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанан, оҕуруот аһын арааһын хото үүннэрэн, хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарбыт бородууксуйалара киин куорат маҕаһыыннарыгар, ырыынактарыгар эрэ буолбакка, чугастааҕы оройуоннарга, хоту улуустарга тиийэ атыыга хамаҕатык барар.

Аны сайын ферма тула күрүө-хаһаа тутуллан, У.Г. Кириллина дьүөгэтэ, саха биир бастакы фермер дьахтара, билигин Дьокуускай куораты бүтүннүү кэриэтэ сибэкки арассаадатынан хааччыйар Евдокия Павлова көмөтүнэн көҕөрдүү үлэтэ ыытыллан, гаас киирэн, убойнай, переработка сыахтара тутуллан, сотору харах туолар көстүүтэ буолуоҕа

Ааспыт нэдиэлэҕэ, кулун тутар 10 күнүгэр, өссө биир сибиинньэ иитэр комплекс эбилиннэ. Ол курдук, Табаҕа бөһүөлэгэр саҥа фермер Наталья Дмитриева аныгылыы тутуулаах сибиинньэ ферматын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда.

Куорат сиргэ сибиэһэй сибиинньэ этин, сибиинньэттэн ылыллар атын даҕаны бородууксуйаны дэлэтиигэ итиэннэ тыыннаах сибиинньэ оҕотун атыылааһыҥҥа дьарыгырар былааннаах хорсун, күүстээх санаалаах фермери Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Марат Данилов, Дьокуускай куораттааҕы предпринимательствоны өйүүр пуонда салайааччыта Анна Колодезникова о.д.а. кэлэн эҕэрдэлээтилэр.

Дьокуускай куораттааҕы Тыа хаһаай-ыстыбатын управлениетын салайааччыта Марат Данилов:

– Наталья Егоровна былырыын олунньу ыйга миэхэ кэлэн, ийэм суох буолла, хаһаайыстыбата туран хаалла, хайдах буолабын, тугу гынабын диэн кэлбитигэр, бастатан туран докумуоннаргын оҥортор диэн ханна барарын-кэлэрин сүбэлээн-амалаан биэрбиппит. Манна диэн эттэххэ, оччолорго «Кыайыа дуо?» диэн саарбахтаабыт буоллахпытына, бүгүн улаханнык сөҕөн турабыт. Бу күһүҥҥээҥҥэ диэри манна, омуннааһына суох, аһаҕас халлаан анныгар сытар сибиинньэлэртэн уонна тымныы ангаартан ураты туох даҕаны суоҕа. Оттон бүгүн толору хааччыллыылаах, ыраас, сылаас хотоннору көрөбүт. Наталья Егоровна баара-суоҕа сылга тиийбэт кэмҥэ докумуонун барытын бэрээдэктээн, субсидия ылан, хотонун даҕаны үлэҕэ киллэрэн, ийэ сибиинньэлэрин кытта саҥардан, номнуо төрүөх ылан эрэр. Бу, бары өйдүүрбүт курдук, дьахтар киһиэхэ манан аҕай дьыала буолбатах. Мантан саас манна күрүө-хаһаа туттан, убойнай, переработка сыахтарын арыйан, оҕуруот ыһан, өссө кэҥиир былааннаах. Маннык туруу үлэһит, ылсыбытын ыһыктыбат, кыайыыга дьулуурдаах киһи итини барытын ситиһиэҕэ диэн бүк эрэнэбин. Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 5 соҕотуопка тэрилтэтэ, 80 бааһынай хаһаайыстыба, 18 тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ, 12 потребительскай кэпэрэтиип үлэлиир.

Куоска — ферма санитара. Сибиинньэ олус кэбирэх кыыл буоларынан, оттон туох-баар ыарыыны кутуйах таһарынан, сибиинньэ ферматыгар куоска булгуччулаах

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бааһынай хаһаайыстыбалар кэпэрииптэрин ассоциацията Арассыыйаҕа (Аккор) бэһис миэстэлээх бөдөҥ  уопсастабыннай тэрилтэ. Барыллаан ааҕыынан ассоциация 1100 тахса фермери түмэр, ол иһигэр 1037 фермер уонна 68 тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ. Бу күн Аккор Саха сиринээҕи салаатын толорооччу дириэктэр Зарема Бочкарева Наталья Дмитриеваҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга бу тэрилтэҕэ киирбитин туоһулуур дастабырыанньаны туттарда.

Аккор Саха сиринээҕи салаатын толорооччу дириэктэрэ Зарема Бочкарева:

– Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар бүгүҥҥү күҥҥэ «2020-2024 сылларга СӨ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын ырыынагын сүрүннээһин» диэн судаарыстыбаннай бырагырааманан үлэлиибит. Бырагыраама иитинэн ааспыт 2022 сылга тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус кэпэрэтииптэригэр гыраан уонна субсидия көрүҥүнэн 346 мөл. солк. кэриҥэ иэннээх өйөбүл оҥоһулунна. Маны сэргэ биһиэхэ 1991 сылтан үлэлиир Бааһынай хаһаайыстыбалары уонна кэпэрэтииптэри өйүүр ассоциациялаахпыт. Бу ассоциацияҕа улаханнык ытыктыыр киһибит, кэллиэгэбит У.К. Кириллина биһигини кытта отучча сыл тухары олохтон туоруор диэри эҥкилэ суох салайсан, тэрийсэн, Дьокуускай куорат фермердэрин түмэн кэлбитэ. Онон Наталья Егоровна ийэтин суолун батыһан хоннохтоохтук үлэлээн эрэрин астына көрдүм.

Наталья Егоровнаны үгүстэр ийэтинэн, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Граждансккай килбиэн», “Бастыҥ фермер” анал бэлиэлэр хаһаайыннара, Дьокуускай куорат фермердэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, «Түмсүү» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ульяна Гаврильевна Кириллинанан билэллэр. Онон бу күн Наталья Егоровнаны ийэтин дьүөгэлэрэ, кэллиэгэлэрэ, уларыта тутуу уустук кэмнэригэр тыа хаһаайыстыбата курдук саамай ыарахан хайысха бурҕалдьытын кэтэн, Арассыыйаҕа тиийэ киэҥ билиниини ылбыт, үрдүк ситиһиилэри көрдөрбүт, сорохторо күн бүгүнүгэр диэри илиилэрин араарбакка үлэлии сылдьар Амматтан Пелагея Иванова, Сунтаар, Өлүөхүмэ бастакы фермер дьахталлара Анна Саввинова, Евдокия Павлова кэлэн арыылаах алаадьынан айах тутан алгыс маанытын анаабыттара кэрэхсэбиллээх. Кырдьык даҕаны, маннык баай уопуттаах, бигэ өйөбүллээх киһи, төһө да саҥа саҕалааччы буоллар, ханнык да ыараханы сүгэһэр оҥостуо суох диэн бигэ эрэл кыыма үөскүүр.

Тарас – ферма туллар тутааҕа. Элбэх, доруобай оҕону оҥордун диэн, малааһынынан киниэхэ чаппараах тигэн кэтэрдибиттэр

– Бэйэм үрдүк үөрэхтээх бэтэринээрбин, өр сылларга Бэтэринээрийэ департаменыгар үлэлээбитим. Онон былырыын ийэм суох буолбутугар бастатан туран сибиинньилэрин аһыммытым. Хайдах эмэ гынан ийэм дьыалатын салҕаан, кини туһунан үтүө өйдөбүлү үйэлиир сыалы-соругу туруоруммутум. Манна ийэбиттэн хаалбыт 300 кв/м иэннээх арочнай тутуу баара. Этэргэ дылы, итиитэ да, уута, уота даҕаны суох көҥдөй сарай. Дьокуускай куораттааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын (сал. М.Ю. Данилов) уонна Дьокуускай куораттааҕы предпринимательствоны өйүүр пуонда (сал. А.В. Колодезникова) кыһамньыларынан, өйөбүллэринэн, күннэтэ сүбэлэринэн, көмөлөрүнэн субсидия ылары ситиһэн, бу арочнай тутууну үлэҕэ киллэрдим. Ону сэргэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө 50 племенной матка ылбытым. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ фермабар 1 атыыр сибиинньэни кытта 50 ийэ сибиинньэ, итини кытта 200-чэкэ аҕыйах хонуктаахтан саҕалаан икки ыйдаахха тиийэ сибиинньэ оҕото турар. Саҥа төрөөбүт сибиинньэм оҕотун тута сакаастаан иһэллэр, бу турааччылары барыларын номнуо саҥа хаһаайыннара күүтэллэр. Билигин аҕыйах сибиинньэ төрүүрэ хаалла, бары уулаахтар. Онон быйыл бары буоһаан, сүрүн чааһа төрүөх биэрэн, былааным номнуо 90% туолла диэн үөрэбин,– диэн сэһэргиир Наталья Егоровна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...