Бассаап, ютуб, көмпүүтэр...
21-с үйэбит балысханнык сайдыытын туоһута аныгы информационнай технология олохпутугар бигэтик киирбитэ буолар.
Саха сирэ бассаап туһанааччытын ахсаанынан Арассыыйаҕа уон тарбах ахсааныгар киирбит дииллэр. Интэриниэт кэлэн, оҕолорбут өйдөрө-санаалара кытта буккуллубутун бары да көрө-истэ сылдьабыт. Аныгы үйэ “виртуальнай оҕолоро” көмпүүтэр, социальнай ситим куйаарыгар киирэннэр, оҕону дьиэҕэ, оскуолаҕа иитиигэ биир кыһалҕа баар буолла.
Узбекистаҥҥа бассаабы бобон тураллар
2014 сыллаахха Узбекистаҥҥа сылдьан, бассаап ситимэ кинилэргэ суоҕун дьиктиргии, соһуйа истибиппит.
Тоҕотун ыйыппыппытыгар, биричиинэтэ диэн, содур быһыыны көрдөрөр видеолар, хаартыскалар бу ситим нөҥүө чаастатык тарҕаммыттарын, ислам итэҕэллээх дойдуга бу сиэрэ суох көстүү буоларын ыйбыттара. Ол иһин бассаабы боппуттар. Олохтоох нэһилиэнньэ “имо”, “телеграм”, “вайбер” ситимин билиҥҥэ диэри хото туһанар. Онон биһиги кинилэри кытта бу ситимнэр нөҥүө эрэ сибээһи тутуһабыт. Куйаар бу ситимин кэтээн көрдөххө, итэҕэл өттүгэр наар иитии-үөрэтии роликтарын, видеолары, суруйуулары хото тарҕаталлар. Аны туран, биири биһирии көрбүппүт. Оскуолаҕа оҕо суотабай төлөпүөнү аҕаларын көҥүллээбэттэр. Улуус киинигэр, дэриэбинэлэргэ төрөппүттэр оҕолоругар суотабай төлөпүөнү мээнэ атыыласпаттар. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ кырата 4-5 оҕолоох буолаллар. Онон, хата, олус бэрт. Хас оҕону төлөпүөнүнэн хааччыйа сылдьыахтарай. Улахан дьон үксэ урукку “деревяшка” дэнэр төлөпүөнүнэн билиҥҥэ диэри тутталларын хас бардахпыт аайы бэлиэтии көрөбүт.
Аны туран оскуоланы бүтэрээри сылдьар кыыс оҕо төрөппүт кытаанах хонтуруолугар сылдьар. Киниэхэ суотабай төлөпүөнү букатын көҥүллээбэттэр. Сорох кыргыттар оскуоланы бүтэрээт үөрэххэ кыайан киирбэтэхтэринэ, эргэ биэрэллэр. Бу кыыс оҕо төлөпүөнү туттарын-туттубатын уол төрөппүттэрин өттүттэн кытаанахтык сураһаллар. Тоҕо диэтэххэ, суотабай төлөпүөнтэн сылтаан саҥа холбоспут эдэр ыаллар арахсар түгэннэрэ элбэх эбит. Тоҕотун быһаардахха, суотабай төлөпүөн нөҥүө сорох кыргыттар билбэт уолаттарын кытта интэриниэт нөҥүө уора-көрсө билсэн, эрдэ буорту буолар түгэннэрэ тахсыталыыр. Онон сиэр-майгы өттүгэр мөкү көстүү бу ситим нөҥүө тахсарыттан кыыстаах төрөппүттэр дьиксинэллэрэ оруннаах буолан тахсар. Кинилэргэ кэргэн тахсаары сылдьар кыыс, билсэр уолун кытта холбоһуор диэри, убайын эбэтэр төрөппүттэрин төлөпүөнүттэн, кинилэр тус хонтуруолларынан эрэ кэпсэтэр кыахтаах. Ол эбэтэр дьиэ кэргэн сыаннаһа бу дойдуга үрдүктүк тутуллар.
“Виртуальнай олох” алыба
Биир күн оптуобуһунан айаннаан истэхпинэ, оҕо дорҕоонноохтук ытыыр саҥата салон иһин толорон кэбистэ. Эргиллэн көрбүтүм, арааһа, икки саастаах быһыылаах, кырачаан уол оҕо ийэтиттэн суотабай төлөпүөнү былдьаһан чыраахтаһа олорор эбит. Эдэр ийэ оҕотун дуорааннаах куолаһыттан соһуйан буолуо, төлөпүөнүн уолугар түргэн үлүгэрдик туттаран, тугу эрэ холбуу оҕуста. Чугас турбут буоламмын, кырачаан уолчаан тугу көрөрүн кыҥастастым. Онтум ютуб ханаалга мультик холбоммут. Оҕо барахсан ытыырын тохтотон, күлэ-үөрэ “виртуальнай олох” алыбыгар киирдэҕэ ол. Аныгыскы тохтобулга тахсыахпар диэри кыракый уол оҕо дьоһуннанан олорон, куйаар ситимин нөҥүө мультик дьоруойдарын хас хамсаныыларын көрө-көрө, сирэйигэр мичээр аргыстаах олорон хаалбыта. Туох кистэлэ кэлиэй, билиҥҥи ийэлэр оҕолорун саататар оонньуурдара суотабай төлөпүөн буолар. Оҕо ытаатын, хаппырыыстаатын, өчөстүн, бастатан туран, ютуб ханаалыгар баҕарбыт мультигын холбоон биэрэн айаҕын бүөлүүллэр. Хайыай, ийэҕэ кыһалҕа быһаарыллан, оҕото чуумпурдаҕа ол.
Оҕону сөпкө иитии төрөппүттэн тутулуктаах
Мария Ивановна Афанасьева, биэс оҕо ийэтэ, Дьокуускай куорат:
- Мин төрүт куорат олохтооҕобун, идэм педагог. Биһиги дьиэ кэргэн биэс оҕолоохпут, икки уол, үс кыыс. Оҕолорбут 2-3-түү сыл араастаахтар, үс оҕо оскуолаҕа үөрэнэр, биир оҕо уһуйааҥҥа сылдьар. Бэйэм дьиэ хаһаайкатабын, кырам 1,5 саастаах. Онон кырачаан оҕобунан олоробун. Аҕабыт бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлиир. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорбут, аныгы олох сиэринэн, бары суотабай төлөпүөннээхтэр. Үөрэхтэригэр наада буолуо диэммит, дьиэҕэ дьарыктаналларыгар көмпүүтэр ылан биэрбиппит. Ол көмпүүтэргэ күннээҕи эрэсииминэн көрөн, кырата биир чаас дьарыктаналлар. Онтон ордук чааһы көҥүллээбэппит.
Ол оннугар үөрэхтэрин таһынан Эбии үөрэхтээһин кыһатыгар араас хайысхалаах куруһуоктарга сылдьан билиилэрин хаҥаталлар, быыһыгар спортивнай секцияларга дьарыктаналлар. Онон суотабай төлөпүөҥҥэ хатанан олорботтор. Оҕо күнүгэр дьарыктаах буоллаҕына, бириэмэтин сөпкө аттара үөрэнэр. Биһиги дьиэ кэргэн оҕолорбутун кыраларыттан оннук үөрэтэбит. Киэһэ аайы утуйуохтарын иннинэ суотабай төлөпүөннэрин анал миэстэҕэ уурдарабыт. Бириэмэтигэр утуталыыбыт. Куорат оҕотун оскуолаҕа үөрэнэ киирдэ да, тугу сөбүлүүрүнэн көрөн, эбэтэр тус талаанын арыйар сыалтан куруһуоктарга, спортивнай секцияларга сырытыннарыҥ диэн төрөппүттэргэ сүбэбин тиэрдэбин. Оччоҕуна оҕо социальнай ситимнэргэ киирэн, мээнэ бириэмэтин ыытыа суоҕа. Оҕону кыратыттан сөпкө иитии төрөппүттэн тутулуктааҕын умнумаҥ.
Тыа сирин оҕото үлэҕэ сыстаҕас
Эльвира Семеновна Осипова, атыы-эргиэн үлэһитэ, Бүлүү улууһун олохтооҕо:
- Тыа сирин оҕото кыра сааһыттан үлэҕэ үөрүйэх. Мин түөрт уол оҕолорум бары үөрэхтэригэр этэҥҥэлэр. Оскуолаҕа ыытыллар олимпиадаларга, спортивнай күрэхтэргэ өрүү миэстэлэһэллэр. Бэйэбит бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт. Ынах, сылгы иитэбит. Аҕабыт сылгыһыт, онон уолаттарын кыра саастарыттан аты айааһыырга үөрэппитэ. Билигин аҕаларын кытта хаһаайыстыба үлэтигэр тэҥҥэ сылдьаллар. Сайын оттууллар, күһүн муус ылыытыгар сылдьаллар. Муус киллэриитэ, мас хайытыыта, оһох оттуута барыта уолаттарбыт күннээҕи эбээһинэстэрэ.
Онон көмпүүтэргэ, суотабай төлөпүөҥҥэ бириэмэлэрин бараабаттар. Тыа сиригэр сибээспит мөлтөх буолан, социальнай ситимҥэ киирэр да кыахтара суох. Куораттааҕы аймахтарым “хаарыаны тыаҕа баран олорбут киһи” дэһэллэр. Кинилэр оҕолоро күннэри-түүннэри көмпүүтэргэ, ютубка хатанан олорон араас киинэлэри көрөллөрүн, остуол тула бииргэ олорон чэйдэспэттэрин хомойо кэпсииллэр. Мин куоракка ардыгар күүлэйдии бардахпына, аймахтарым оҕолоро көмпүүтэргэ, бассаапка дьөлө түһэн олороллорун бастаан соһуйа көрөр этим. Кинилэр оҕолорун бэйэм оҕолорбор тэҥниирим. Куорат оҕото туох да дьарыга суоҕуттан социальнай ситим куйаарыгар олорор дии саныыбын. Онон билиҥҥи олоххо оҕону үлэнэн эрэ ииттэххинэ, оҕоҥ инникитин түстүүгүн.