БАРЫТЫГАР ДЭГИТТЭР ИГНАТ ЧОМЧОЕВ
Социальнай ситимҥэ Игнат Чомчоев тренер, предприниматель быһыытынан биллэр. Игнат олох солото суох киһи буолан биэрдэ, “Дыгын оонньууларын” кэмигэр Николай Матаннановка секунданынан сырытта. Бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, элбэх дьоҥҥо холобур буолар уоланы Игнат Чомчоевы үгүстэр хайҕаа көрөллөр.
- Мин Үөһээ Бүлүү Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Үөһээ Бүлүү аҕам дойдута. Кыра сааспар Уус Алдан Бороҕонугар көһөн кэлбиппит. Онно улааппытым, оскуолабын бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн кыралаан спордунан дьарыктанар этим. Мас-тардыһыытынан, ыстаҥанан, гимнастиканан, брейк-данс үҥкүүнэн кытта дьарыктанан турардаахпын. Кэлин устудьуоннуу кэлэн баран харбааһынынан дьарыктанан саҕалаабытым, кылгас дистанцияҕа университекка хаста да чемпионнаан турабын. Устудьуоннуур сылларбар университетым чиэһин элбэхтэ көмүскээбитим.
- Туох идэлээххиний?
- 2015 с. ХИФУ инженерно-техническэй институтун бүтэрбитим. Тутааччы-инженербин. Идэбинэн үлэлээн көрөн баран, сөбүлээбэккэ тэйбитим.
- Хайдах кроссфитка кэлэн хааллыҥ? Кырдьык, харбааһыҥҥа устудьуон саҕаттан биллэр этиҥ дии...
- 2014 с. бастакыбын кроссфит диэни боруобалаабытым, аллар атаһым Григорий Мочкин билиһиннэрбитэ. Онтон ыла баччаҕа диэри сөбүлээн дьарыктана, үлэлии, дьону эрчийэ сылдьабын. Арассыыйаҕа 40 бастыҥ кроссфитынан дьарыктанар дьон ахсааныгар киирэбин.
Мин санаабар, киһи тас көрүҥүнэн эрэ дьарыктаныа суохтаах. Ис турук, тас көрүҥү кытта тэҥҥэ сылдьыахтаах. Киһи кроссфитынан дьарыктанан бары өттүнэн дэгиттэр буолар.
- Бизнесмен диэбиттэрэ, тугу бизнестиигин?
- Доҕорбунаан Григорийдыын кыттыһан үлэлиибит. Биһиги саха сирин дьоно барыта спордунан эрэ буолбакка, фитнес биир эмэ көрүҥүнэн дьарыктанарын ситиһэр сыаллаахпыт.
Спорт киһиэхэ дьиссипилиинэни уонна хараактары үөскэтэр. Олох, саамай биир тутаах өрүтэ – дьиссипилиинэ. Спортсменнар бу үс өрүтү улахаҥҥа ууран тутуспатахтарына, улаханы ситиспэттэр.
Саха эр киһитигэр хараактар баар буоллаҕына олоҕу көрүүтэ тосту уларыйар. Тоҕо диэтэххэ, спордунан дьарыктанар дьон ис туруктара арыый атын буолар.
Икки спортивнай саалалаахпыт, кроссфитка биэс уопуттаах тренердаахпыт. Билигин эдьиийим ас сакаастыыр сулууспа арыйда, онно күүскэ үлэлэһэ сылдьабын.
- Биир сиргэ олорбот киһигин быһыылаах...
- Куруук хамсааһын эйгэтигэр сылдьар буолабын. Күн ахсын саҥа бырайыактар үөскээн иһэллэр, олоҕу кытта тэҥҥэ хаама сатыыбын. Билигин социальнай ситиммин кытта, күүскэ ылсан үлэлээн эрэбин.
- Тренер быһыытынан хайдаххыный?
- Тренер быһыытынан кытаанах ирдэбиллээхпин, миэхэ кэлбит киһиттэн хайаан да түмүк көрдөрөрүн ирдиибин. Бэйэм профессиональнай таһымҥа дьыарыктанар буоламмын буолуо дуу, хайдах дуу, ситэриллибэккэ, оҥоһуллубакка хаалары олох сөбүлээбэппин. Ылсыбыт дьыалабын тиһэҕэр тиэрдэргэ, түмүгү көрөргө дьулуһабын.
Киһи организма сүрдээх уустук оҥоһуулаах. Ханнык баҕарар тренер киһини үөрэтэн көрөн эрэ баран дьарыктыахтаах. Баҕалаах барыта спортка барар дииллэрэ сыыһа. Ыллыҥ да күүскэ дьарыктанан бардаххына доруобуйаҕын эчэтиэххин сөп.
- Кроссфит кутталлаах көрүҥ дииллэр...
- Киһи кроссфиты икки гына араарыан наада: күрэхтэһээччилэр дьарыктаныылара уонна баҕа өттүнэн дьарык. Биһиги бэйэбит иккис категорияҕа дьону дьарыктыыбыт, профессиональнай таһымҥа аҕыйах киһи дьарыктанар. Үрдүк таһымҥа дьарык хайдах буолуохтааҕа интернеккэ киирдээх ыйанан турар. Дьон ону көрөр уонна куттанар. Кроссфиттан дьон ыйааһын түһэриэн да сөп. Кроссфит – киһини саамай наадалаах туругар киллэрэр.
- Сөп. Эр дьону, уолаттары кытта тэҥҥэ үлэлиир киһи буоллаҕыҥ. Кистэл буолбатах, кэлиҥҥи бириэмэҕэ дьахтардыы майгылаах уол элбээтэ, манна эн туох санаалааххыный?
- Сайдыы баран иһэр. Аныгы көлүөнэ көрүүтэ атын буолла. Бу дьиҥэр киһи иитиититтэн тутулуктаах буоллаҕа дии. Киһи оҕотун хайдах иитэр, үөрэтэр оннук киһи буолан тахсар. Ордук куорат оҕолоро бэлэмҥэ улаатаннар кыыстыҥы буолаллар. Оҕону улаатар кэмигэр төрөппүт спортка, дьарыкка сыһыарыан наада. Дьарыкка сылдьар, сааһын ситэн эрэр уолга эр киһи тестесторона элбиир. Билиҥҥи ыччат күнү быһа смартфоҥҥа бүк түһэн олороллоро сытыы боппуруос буолла. Бу маннык уолаттар кыыс курдук буолаллара биллэр. Уопсайынан, спорду эрэ буолбакка, чөл олоҕу тутуһуохха наада эбит. Элбэх күрэхтэһиилэри, физичэскэй тэрээһиннэри, спортка сыһыаннаах флеш-мобтары тэрийиэххэ наада. Спортсменнар эдэр оҕолорго бэйэлэрин холобурдарын көрдөрүөхтэрин наада.
- Тэрээһин үлэбит ахсааннах. Аны туран, сорох эр дьону таҥнары традан ылар буоллубут, эр дьон дьахтартан биир төбө намыһах тураллар дииллэр. Дьэ, дьикти олох кэллэ...
- Саха норуота тахсан иһэр дьону үөҕэн, саҥаран түһэримиэн наада. Биир эмэ чулуу саха уола тахсааары гынна, сыыһа тутунна эрэ, үөхпүтүнэн, сиилээбитинэн бараллар. Сахалар сэнээһини, үөҕээһини тохтоттохпутуна бу кыһалҕабыт арыый да, намтыа этэ.
- Итини этэн туран, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түс эрэ.
- Кэргэним үлэ министиэристибэтигэр үлэлиир, билигин оҕотун көрөн олорор. Икки оҕолоохпут, быйыл кэтэһиилээх уол оҕом кэлбитэ. Оҕолорум билигин кыралар, улааттахтарына эт-хаан өттүнэн дьарыктыам, сайыннарыам. Киһи быһыытынан эйэҕэс буоларга үөрэтэ сатыыбыт.
- Саха эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый?
- Бэйэтэ дьиэ кэргэннээх, оҕолоох, дьиэлээх-уоттаах, үлэлээх, ситиһиилээх киһи буолуохтаах. Дьиэ кэргэнин сатаан иитэр-аһатар, оҕолоругар үчүгэй холобур буолуохтаах дии саныыбын.
- Спортан атын туох интэриэстээххин?
- Түүр омуктар култуураларын интэриэһиргиибин, ырыаларын истэбин, историяларын хасыһан үөрэтэбин. Бу биһиги уруулу сытар чугас дьоммут, аймахтарбыт буоллаллар.