19.03.2022 | 14:00

Барыта киинэ саундтрегыттан саҕаламмыта

Барыта киинэ саундтрегыттан саҕаламмыта
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Сунтаар улууһун Туойдаах нэһилиэгэр олорор Дмитрий Попов социальнай ситимҥэ чуһуурбалаах уолунан биллэр. Кини уран матыыптара истээччи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр. Чуһуурба диэн тугуй? Сорохтор бу тылы саҥа истэллэр.  Нууччалыыта – флейта.

Аҕыйах хонуктааҕыта талааннаах ыччат СӨ Национальнай библиотекатын “Үйэ уонна музыка” бырайыагын чэрчитинэн ааҕааччылары кытта онлайн көрүстэ. Чуһуурбалаах уол сэргэх сэһэнин сэҥээрэ истибиппин сурукка тистим. Төрөөбүт дойдутун, тыа сирин ыччатын, саундтрек туһунан ыйыталастым. 

– Мин уруккуттан киинэ саундтректарын, чуолаан оркестровай музыканы сөбүлээн истэр этим. Онтон улам өйгө-санааҕа хатанар дириҥ, ураты тыаһы-ууһу, онно сөптөөх үнүстүрүмүөнү көрдүүр буолбутум. М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа биир сыл үөрэнэ сылдьыбытым. Хомойуох иһин, бүтэрбэтэҕим. Ол саҕана “Самоучитель” көмөтүнэн блокфлейтаҕа оонньуурга үөрэммитим. Кэлин акценын истэр буолан хаалбытым. Блокфлейта пластик буолан, тыаһа хатан. Маһын чиҥэ араас-араас, онон уратылаһар. Холобур, обертоновай тыаһа элбэх буолуон сөп. Туспа майгылаах, куоластаах тыаһы-ууһу көрдүүрбүн тохтоппотоҕум.

 

– Биирдэ интэриниэттэн бамбуктан оҥоһуллубут флейтаны сакаастаан ылбытым. Тыаһа үчүгэй эрээри, оонньуурга ыарахан соҕус. Икки нуота отой сыыһа сылдьара, ону настройкалыахха наада этэ. Уопсайынан, үрүллэн оонньонор үнүстүрүмүөннэргэ нуотатын табарга кыратык ханна эрэ сыыһар буоллаҕына, бэйэҥ истэн, үрэриҥ күүһүнэн настройкалыаххын сөп.

Бастакы чуһуурбабын 2015 сыллаахха оҥорбутум. Биир күн дьиэм таһыттан хаппыт маһы булан киллэрбиппин өйдүүбүн. Ол саҕана туох да быраабыланы билбэт этим. Ыллым даҕаны, оонньонор дьөлөҕөстөрүн харахпынан көрөн оҥорбутум. Онтум тыаһыыра, ол эрээри үс дуу, түөрт дуу нуотаны эрэ ылара, гамманы таппат этэ. Манна бэйэбит фольклорнай кэлэктииппит нүөмэрдэригэр улахан мелодията суох музыкаларга тыас таһаарарга, холобур, чыычаах саҥатын киллэрэргэ туттар буолбуппут. Онтон төрүт да умнан кэбиспитим. Ол чуһуурбам кулуупка таах сыппыта, киирэр-тахсар киһи бары тутан-хабан көрөрө.

 

Биирдэ табаарыһым: “Бачча оҥоро сорунан баран, тоҕо ситэри сайыннарбаккыный?” – диэбитэ. “Чахчы даҕаны” дии санаабытым. Ол күн дьиэбэр кэлэн, маспын кыһан барбытым. Оччолорго интэриниэт нэһилиэк дьаһалтатыгар уонна оскуолаҕа эрэ баара. Төлөбүрэ ыарахан буолан, ким да улаханнык холбоппото. Ол иһин информация көрдүүргэ ыарахан соҕус этэ. Сунтаарга хааччаҕа суох интэриниэт киирбит кэмэ буолан, онно дьоммор киирэн, куйаар ситимин хаһарым. Онтон иккис чуһуурбабын оҥорбутум, тыаһын таһаарбытым, ол эрээри хайдах настройкалыырбын билбэт этим. Сыыһа дьөллөхпүнэ, бачча оҥорбуппун алдьатан кэбиһиэм дии санаабытым. Дьиҥэр, ол туһунан барыта куйаар ситимигэр баар буоллаҕа. Бу санаатахпына, сатаан көрдөөбөт быһыылаахпын. Хата, “ВКонтакте” социальнай ситимҥэ “Изготовление флейт” диэн бөлөҕү түбэһэ көрөн  киирбитим уонна сүбэ көрдөөбүтүм. Онно дойду араас муннугуттан элбэх маастар олороро. Бөлөхпүт билигин да баар. Дьэ, сурукпар тута хардарбыттара, наадалаах кинигэлэри булан ыыппыттара. Араас норуоттар флейталарын туһунан элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Оҥорбут чуһуурбабын үөрэ-көтө минорнай гаммаҕа настройкалаабытым, олус үчүгэйдик табыллыбыта. Онтон ыла сатыыр буолбутум. Билигин манан дьөлүөхтээхпин диэн быһа холоон харахпынан көрөн билэбин. 

 

– Ити эрдэ эппитим курдук, кассета баар эрдэҕиттэн киинэ саундтректарын сэргиибин. “Энигма” бөлөх кассеталарын сөбүлээн истэрим, Лео Рохас диэн индеец оонньуурун ордорорум.

Симфоническай оркестр оонньуурун кэрэхсиибин. “Храброе сердце”, “Титаник”, “Тринадцатый воин”, “Троя” саундтректарын сөбүлээн истэбин. Ханц Зиммер, Патрик Дойл үлэлэрин биһириибин.   Билиҥҥи көмпүүтэр оонньууларын саундтректара эмиэ үчүгэйдэр.

 

– Биир чуһуурбаны күнүнэн оҥорон бүтэриэххэ сөп. Ол эрээри килиэйэ үчүгэйдик кууруон наада. Онтон хайаан да ис өттүттэн лаахтыыгын. Үрдэххинэ сиигирэр, ол иһин маһын иһиттэн үчүгэйдик лааҕынан сотоҕун. Настройкалаан баран эмиэ лаахтыыгын, онтон эмиэ хос бэрэбиэркэлиигин. Оонньуу түһэн баран настройкаҕын көрөҕүн. Оччоҕуна биирдэ нуотатын үчүгэйдик тутар буолар.  

Дьиҥэр, ханнык баҕарар мастан оҥоһуллар. Мин тэтиҥи, хатыҥы, үөтү ордоробун. Улахан саастаах мас чиҥэ суох буолан, тыаһа мөлтөх буолуон сөп. Матырыйаалбын эрдэ бэлэмниибин. Хас да сыл куура сытар мастар кытта бааллар.

Оттуур сирбитигэр талах, үөт хойуутук үүнэр, ходуһаны киртитэр. Сылгыһыттар кыбыы күрүөҕэ туттаары кэрдэллэр. Ону ылабын. Ойуурга куруҥ мас элбэх, онтон үчүгэй чуһуурба тахсар. Бэрдийбит маһы ылан лаахтаатахха, эмэҕирбитэ, түүнүгүрбүтэ оһуор курдук иҥэн хаалар. Оннук көстүүтэ үчүгэй. Дьон ордук сэҥээрэллэр.

 

– Бу дьарыкпын олус сөбүлүүбүн. Бүтэрдэхпинэ, бастакы тыаһын таһаардахпына ордук астынабын. Үлэспит дьоммор видеоҕа уһулан ыытаарыҥ диибин. Оонньуулларын көрдөхпүнэ, санаам өссө көтөҕүллэр. Тутталлар, долбуурга таах сыппат эбит диэн үөрэбин. 

Үлэм барыта атыыга барар. Бэйэбэр хаалбат да курдук. Биир чуһуурба сыаната – 2500 солк. Икки куоластаахтары утары ылан иһэллэр. Кырыымпаны эмиэ оҥоробун. Сыаната – 7000 солк. Ютубка “Чуһуурба оҥорууга маастар-кылаас” диэн булуоххутун сөп.

– Култуура колледжын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим, звукооператор идэлээхпин. Бу иннинэ нэһилиэк кулуубугар үлэлии сылдьыбытым. Онтон чуһуурба оҥорорунан дьарыктаныахпыттан хас да аҥыы хайдар соччото суох дии санаабытым. Кулууп үлэһитэ уһанар солото суох. Айар үлэ тохтуур.

Фольклорнай кэлэктииптээхпит, онно оонньуубун. Хомуурунньук таһаарар баҕа санаалаахпыт.  Кэргэним – хореограф, култуура киинин салайааччыта. Үҥкүү музыкатын миэхэ оҥорторор.

 

Туойдаах – 170-ча киһилээх кыра нэһилиэк. Сунтаартан 14 км тэйиччи турар. Тоҕус кылаастаах оскуолалаахпыт. Култуура киинэ, оҕо уһуйаана баар.    

Тыа сиригэр үксүн бүддьүөт үлэһиттэрэ кэлэллэр. Биһиги Туойдаахпытыгар ыччат сөбүлээн олохсуйар. Нэһилиэнньэ сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Тыа сирин дьонун түбүгэ үгүс. Сайын аайы от үлэтэ, оҕуруот олордуута, сир аһа.

Мин куоракка олоро сылдьыбытым, Табаҕаҕа “Кедр” култуура киинигэр уус-уран салайааччынан үлэлээбитим. Билиҥҥитэ куоракка көһүөхпүн баҕарбаппын.

Аҕам Сунтаар Туойдааҕыттан, ийэм Өлүөхүмэттэн төрүттээхтэр. Аҕам аҕатын өттүнэн дьоно Өлүөхүмэ Кыыллааҕыттан кэлбиттэр эбит. Эбэм өттүнэн олохтоох сунтаардар. Төрөппүттэрим ырыаны олус сөбүлүүллэр. Балтым кыратыттан ыллыыр, туойар, оһуохайдыыр. Эһэбит оһуохай тылын этэрэ.

***

Дмитрий чуһуурба араас көрүҥэр оонньоон иһитиннэрдэ, бу киэһэ бары музыка алыбар куустардыбыт. Кырыымпаҕа, гитараҕа, укулелеҕа, фортепианоҕа кыратык оонньуур эбит. Үрүллэр үнүстүрүмүөннэргэ түргэнник үөрэниэхпин сөп диэтэ. 

Библиотека эрэллээх ааҕааччылара талааннаах ыччат кэпсээнин кэрэхсии иһиттибит, үгүс ыйытыыны биэрдибит. Сорохтор “Кыл сахалар” кэнсиэртэригэр, “Туймаада ыһыаҕар” көрүөхтэрин баҕаралларын биллэрдилэр. Чуһуурбалаах уолга ситиһиилэри, тус олоҕор дьолу-соргуну баҕара хааллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....