23.07.2024 | 16:02

Балыыһаларга анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын көрөр күн баар буолла

Балыыһаларга анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын көрөр күн баар буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол туһунан от ыйын 22 күнүгэр Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов нэдиэлэтээҕи брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Георгий Степанов бэлиэтээбитинэн, 2024 сыл бүтүөр диэри бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ – анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – диспансеризацияны уонна медосмотру олорор сирдэринэн диспансеризация бырагырааматыгар кыттар бары эмп тэрилтэлэригэр, ол иһигэр судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэргэ эмиэ, түбүгэ суох ааһар кыахтаннылар. Ол эбэтэр сыл бүтүөр диэри поликлиникалар хас субуота ахсын анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар олорор сирдэринэн медосмотр, диспансеризация ыытар буолуохтара. 
Маны таһынан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр аадырыстаах көмөнү оҥоруу салҕанар. 

Ол курдук, Георгий Степанов иһитиннэрбитинэн, 113 ыал гаас киллэртэрэригэр аадырыстаах көмө оҥоһуллубут, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 358 төрөппүтэ санаторийга сынньаммыт, 308 киһи байыас эмтэнэр сиригэр баран кэлиигэ материальнай көмөнү ылбыт, 749 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэннэриттэн 1 195 киһи реабилитацияны ааспыт, 233 киһи дьиэҕэ уонна стационарга социальнай көмөнөн туһаммыт. 
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр 526 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ үлэ уонна идэ ылыы боппуруоһунан кэлэн барбыт, ол иһигэр 118 киһи үөрэххэ ыҥырыллыбыт, 310 киһи үлэ миэстэтин булбут, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...