23.02.2021 | 11:18
Балыксыттар мууска сэрэхтээх буолуҥ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
Дьокуускайдааҕы Гражданскай оборона уонна нэһилиэнньэни ыксаллаах быһыыттан-майгыттан харыстыыр Управление муус аннынан балыктааччылары сэрэхтэх буоларга ыҥырар:
- Мууһунан сылдьарга анаммыт туоруур сирдэринэн эрэ сылдьыҥ. Сэрэхтээх, халыҥ хаардаах, билбэт сирдэргитин тумна хаамыҥ. Ордук уу түһэр, муус ылыллар сирдэриттэн ыраах сылдьыҥ. 7 см халыҥнаах, көҕөрүмтүйэн көстөр муус эрэ киһини уйар кыахтаах. Хас да буолан сылдьарга бэйэ-бэйэҕититтэн 5-6 м. тэйиччи хаамыҥ, ким эрэ муус анныгар барар түгэнигэр көмөлөһөргө бэлэм буолуҥ. Муус үрдүнэн хайыһарынан сылдьаргытыгар урукку суолларынан айаннааҥ, саҥа суолу тэлэр буоллаххытына хайыһаргыт маһын быатын илиигитигэр иилимэҥ, хайыһаргыт хатааһынын атаххытыттан босхолооҥ. Бастакы баран иһэр хайыһардьыт мууһу маһынан охсон көрөн бэрэбиэркэлиэхтээх. Балыктыыргытыгар элбэх ойбону чугас-чугас алларымаҥ.
- Хас биирдии балыксыт 12-15 м уһуннаах быалаах буолуохтаах. Быатын биир өттүгэр 400-500 гр ыйааһыннаах, биир өттүгэр биэтилэлээх буолуохтаах.
- Балыктыы барыаххыт иннинэ хайаан да күн-дьыл туругун үөрэтиҥ.
- Балыктыыр сиргитин таларгытыгар манныкка болҕомто ууруҥ: эрдэ мууһурар, бастаан тоҥор сирдэри талыҥ. Үрэх эргииригэр, сүүрүктээх, таастаах сиргэ муус чараас буоларын умнумаҥ.
- Уу ортотун диэки балыктыыр сэрэхтээх.
Сонуннар
27.03.2025 | 18:27
Баһаар барыытыгар буруйдааҕы буларга көмөлөспүккэ – харчынан төлөбүр
27.03.2025 | 18:00
Сааскы каникул: сынньалаҥ эрэ буолбатах, эппиэтинэстээх кэм
27.03.2025 | 16:54
Оптуобус сыаната: саҥа тарыыптар
27.03.2025 | 14:00
Гаас хочуолун тэхиньиичэскэй хааччыйыы
27.03.2025 | 12:00
Дьокуускайдааҕы прокуратура иһитиннэрэр
26.03.2025 | 18:08
Уопсастыбаннай сэбиэт мунньаҕа буолла
26.03.2025 | 14:04
Куонкурус кыайыылаахтарыгар эҕэрдэ!
26.03.2025 | 11:12
Бырайыактаах ыччат грант ылыан сөп
25.03.2025 | 19:43
Саҥа оскуоланы көрдүлэр
25.03.2025 | 16:39
Ол кэми ахтан, санаан...
25.03.2025 | 16:24
Кыайыы 80 сылыгар аналлаах открытканы оҥорууга куонкурус биллэрилиннэ
25.03.2025 | 13:37
Сайсары күөлү хомус отуттан ыраастыыллар
25.03.2025 | 13:36
Кыайыы 80 сылын көрсөргө бэлэмнэнии үлэтэ барар
24.03.2025 | 18:17
Үлэнэн хааччыйааччыларга: туһааннаах араҥаҕа киирэр гражданнары наймылаһыыны субсидиялааһын туһунан
24.03.2025 | 16:31
Оптуобустарга айан төлөбүрэ үрдүө
24.03.2025 | 13:26
Оптуобус тохтобулларын сууйуохтара
24.03.2025 | 12:47
Саҥа тирэх баҕаналары туруораллар
24.03.2025 | 12:25
Суһал лииньийэ саҥа үлэ эрэсиимигэр киириэ
24.03.2025 | 11:26
Маҕаҥҥа байыаннай-спортивнай турнирга күрэхтэстилэр
23.03.2025 | 14:00
Аҕа дойду Улуу сэриитин хаамыыта
Ордук ааҕаллар

Сонуннар | 21.03.2025 | 16:00
Олох салҕанар...
Бу тула суруйуохпун баҕарбытым ыраатта. Хайдах эрэ уустук, суруйарга ыарахан тиэмэ.
Билигин олохпут чэпчэкитэ суох, анал байыаннай дьайыы салҕанан бара турар, сүтүк элбэх, хас биирдии дьиэ кэргэни, ыалы таарыйан айманыы, кэтэһии, эрэнии тохтообот.
Элбэх статуһу көрөбүн, элбэх киһини кытта алтыһабын. СВО саҕаланыаҕыттан бу тиэмэҕэ суруйар буолан, онно сыһыаннаах үгүс киһини...

Дьон | 20.03.2025 | 10:00
Артемий Афанасьев: «Оччолорго сампаан үс арааһа атыыланара»
Бүгүҥҥү ыалдьытым – Реас Кулаковскайга үөрэммит, Саха сиригэр бастакынан «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» бачыымы тэрийсибит, хоту дойдуга аһаҕас халлаан анныгар бассейн оҥотторбут, бороболуохата суох төлөпүөн сибээһин олохтоспут, Совмиҥҥа киирэн «уотунан барар подвесной тимир суол» бырайыагын көрдөрөн, «улуу фантазер эбиккин» дэттэрбит – Артемий Викторович Афанасьев.
Ыалдьыппар тылы биэриэх иннинэ, ааҕааччыларбар кини туһунан кылгастык...

Дьон | 15.03.2025 | 12:00
Дойдубут туһугар
Ийэлэр оҕолорун, кэргэттэрин туһунан кэпсиэхтэрин, санааларын этэн чэпчиэхтэрин баҕаралларын биһиги хаһан баҕарар ылынан, истэн, ааҕааччыларга тиэрдэбит. Бүгүн кэпсэппит ийэм Елена Егоровна Бережнова – кэргэнин уонна уолун анал байыаннай дьайыыга атаарбыт, биэс оҕолоох бэйэтэ туһунан дьоруой.
– Елена Егоровна, үтүө күнүнэн! Байыас ийэтэ уонна кэргэнэ буолар хайдаҕый?
– Биллэн турар, олус...

Сонуннар | 14.03.2025 | 12:22
Кыайыы Знамята Хатас нэһилиэгин устун айанныыр
Сүгүрүйүөхпүт сүүс да сыл буолан баран
Үтүөкэн дьоннорбут ааттарын чиэһигэр...
Улуу Кыайыы солбуллубат бэлиэтэ буолбут Кыайыы Знамята нэһилиэкпит устун айанныыр. Бу тэрээһин Е.П. Пермяков салайааччылаах Хатас нэһилиэгин дьаһалтата уонна В.А. Чепалов дириэктэрдээх Хатастааҕы “Тускул” КК көҕүлээһининэн ыытыллар.
Знамяны Улуу Кыайыы 70 сылыгар төлөннөөх хомсомуол сааһыттан дойду туһа диэн үлэлээбит-хамсаабыт Василий...