Балаҕан ыйын 4 күнүгэр «Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората» хаартыска быыстапката арыллар
Биллэрин курдук, 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы кыргыһыы хонуутугар эрэ уһаарыллыбатаҕа. Сэрии толоонугар дойду бүттүүнэ кубулуйбута. Сэбиэскэй норуот кыралыын-улаханныын килбиэннээх үлэтинэн кыайыыны уһансыбыта.
2022 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Дьокуускай куоракка Арассыыйа бэрэсидиьэнин ыйааҕынан дойду атын тоҕус куоратын кэккэтигэр килбиэннээх үлэ куоратын аата иҥэриллибитэ. Саха сирин Улуу Кыайыыга кылаата итинник сыаналаммыта.
Буолаары турар быыстапкаҕа Дьокуускай куорат сэрии кэмигэр оҥорбут хорсун холобурун көрдөрөр сэдэх хаартыскалар, докумуоннар туруохтара. Ол иһигэр аан бастаан оччотооҕу горисполком (мэрия) мунньахтарын боротокуоллара, 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт үлэһиттэр тус карточкалара, килбиэннээх үлэ иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыттар испииһэктэрэ, 1943 сыллааҕы халаан о.д.а. туһунан экспонаттар туруохтара.
Быыстапка балаҕан ыйын 4 күнүгэр Олохтоох дьаһалта дьиэтин иккис этээһигэр күнүс 15:00 ч. арыллар: Дьокуускай, Ленин проспега, 15.