Баай-талым сандалы, маанылаах түһүлгэ
Быйылгы Туймаада ыһыаҕа дьон-норуот өйүгэр-санаатыгар үөрүүлээх аһыллыыга толоруллубут биэс араас оһуохайынан, улуустар кулубалара толору симэхтээх атынан хаамтаран киириилэринэн, ол иһигэр «Маанылаах түһүлгэ» диэн биир дойдулаахтар түмсүүлэрин уонна улуустар ортолоругар ыытыллыбыт ураты күрэҕинэн өйдөнөн хаалара саарбаҕа суох.
«Маанылаах түһүлгэ» күрэх төһө даҕаны аан бастаан ыытылыннар, 20 улуус кыттыыны ылбыта күрэх номнуо олохтоммут үгэскэ, суруллубатах сокуоҥҥа кубулуйбутун туоһута.
Ол курдук, Горнай, Амма, Аллайыаха, Бүлүү, Дьааҥы, Усуйаана, Сунтаар, Нам, Орто Халыма, Өймөкөөн, Ньурба, Булуҥ, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Томпо, Хаҥалас, Ленскэй, Уус Майа, Анаабыр оройуоннара өрөспүүбүлүкэ хоту, соҕуруу өттүгэр сыталларыттан тутулуга суох ох курдук оҥостон кэлбиттэрин хайҕыахха тыл тиийбэт!
Кыттааччылары СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын Олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар департаменын салайааччытын солбуйааччы Афанасий Старостин бэрэссэдээтэллээх, СӨ Муниципальнай тэриллиилэрин сэбиэтин ситэриилээх дириэктэрэ Владимир Птицын, Дьокуускай куорат баһылыгын иһинэн биир дойдулаахтар түмсүүлэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Неустроев, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарыыга уонна уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта үлэҕэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сардана Протодьяконова уонна «Киин куорат» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Галина Спиридонова састааптаах дьүүллүүр сүбэ үс хайысханан сыаналаата: түһүлгэҕэ ыытыллыбыт тутуу ис тыына, истиилэ, баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһуу, саҥаны, сонуну киллэриилэр.
Биллэрин курдук, Үс Хатыҥ сиригэр-уотугар ыһыах ыһыллыаҕыттан улуустар бары анал түһүлгэлээхтэр. Сорох улуустар онтуларын сыллата күрэхтэһэр да курдук тупсаран, киэргэтиилэрин байытан иһэллэрин иһин ыһыах дьоно, уран тарбахтаах маастардар күрүөнү-хаһааны, сэргэни, ураһаны о.д.а. тутууну ыытыыга мындыр толкуйдарын кэрэхсии, билсиһэ, уопут ыла, анаан-минээн кэрийэн көрөр, сэргиир үгэстэннилэр. Уурбут-туппут курдук тып-тап тутуулаах түһүлгэҕэ ыалдьыт да үгүс буолар, ыһыах да уоттаах-күөстээх ааһара чахчы. Онуоха быйыл тэриллибит «Маанылаах түһүлгэ» күрэх эбии көҕүлээбитэ харахха быраҕыллар. Хас даҕаны оройуон тутуутун саҥардыбыт, эппит. Эбиитин күрэх ирдэбилинэн сонуну киллэрии быһыытынан фотозона оҥорбуттар, намнар саламанан оройуон гербэтин аттаран таһаарбыттар. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сыла ыытылла турарынан үгүс түһүлгэлэр бэйэлэрин дьоруойдарын, туруу үлэһит дьоннорун, үбүлүөйдээх биир дойдулаахтарын чиэстиир истиэндэлэри оҥорбуттара кэрэхсэбиллээх.
Ханнык ыһыах саамал кымыһа, үтэһэлээх этэ суох ааһыаҕай! Саха санаабатаҕа дьэ манна баар: буспут, ыыһаммыт, тууһаммыт, бэл диэтэр, тоҥнуу кыһыллыбыт кыыл, көтөр этэ, балык арааһа, үрүҥ ас үтүмэнэ, морошкатыгар тиийэ отон-дьэдьэн эгэлгэтэ! Хоту Булуҥ, Анаабыр, Өлөөн улуустара Туймаада ыһыаҕар биир дойдулаахтарын күндүлүүр астарын кыһын сир тоҥугар тиэйэн аҕалан булууска хаһааналлара, үгүс улуустар дьоннорун ыһыахха оптуобуһунан босхо киллэрэн ыалдьыттаталлара холобур буолуон наада. Алаас-алааһынан абына-табына тарҕанан үөскээбит аҕыйах ахсааннаах норуоттар түмсүүлээх, биир сомоҕо буоларга дьулуурбут – өбүгэ дьоммут кэс тыла.
Сыралҕан куйаас быыһынан 20 улуус түһүлгэтин көрүү, презентациятын истии түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ үс үрдүк үрдэл уонна сэттэ анал аат кыайыылаахтарын быһаарда. Ол курдук, «Байылыат түһүлгэ» аатын Сунтаар улууһа ылла, “Сылаас тыыннаах түһүлгэ” – Амма улууһа, «Кэскиллээх түһүлгэ” – Нам, “Төлкөлөөх түһүлгэ” – Хаҥалас, “Дьоллоох түһүлгэ” – Орто Халыма, “Айыы сандаар түһүлгэ” – Горнай, “Чэлгийэр түһүлгэ” – Уус Алдан. Анал аатынан бэлиэтэммит улуустар хас биирдиилэрэ 10 000 солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Итиэннэ, биллэн турар, сүрүн кыайыылаахтар: I миэстэни Булуҥ улууһа ылан, 50 000 солк. суумалаах сертификаты тутта, II-с миэстэҕэ Анаабыр улууһа тиксэн, 40 000 суумалаах сертификатынан бэлиэтэннэ, III-с бириистээх үрдэл хаһаайынынан Томпо улууһа ааттанан, 30 000 солк. сертификатынан наҕараадаланна.
Ити курдук, ыалдьыттарынан, тутууларынан, астарынан-үөллэринэн да чахчы маанылаах, тымныыга ириэрэр, куйааска сөрүүкэтэр түһүлгэлэр күрэхтэрин тэрийээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, режиссер Евдокия Ефимовна Семенова иһитиннэрбитинэн, “Маанылаах түһүлгэ” эһиилгиттэн үтүө үгэскэ кубулуйуоҕа.