02.10.2020 | 11:29

Баһылыктан ыйыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Урут кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт куорат олохтоохторо хара сарсыардаттан дьаһалта дьиэтигэр тоҕуоруһаллара. Бэрт түргэнник да быһаарыллар боппуруостаах эрээри, күнү быһа уһун уочаракка тураллара. Билигин олох уларыйан, анал сайтар, порталлар, социальнай ситимнэр, быһа линия төлөпүөннэрэ баар буоланнар, күннээҕи кыһалҕалары быһаарыы судургу соҕус буолла.

Сорох боппуруос, омуннаабакка эттэххэ, эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр көрүллэр. Балысхан сайдыыны батыһа, олох, үлэ хаамыыта тэтимирдэ. Кырдьык, сорох боппуруос өр көрүллэр, үгүс үбү эрэйэр, онон тута быһаарыллыбат. Ардыгар кыһалҕалаах дьон бэйэлэрэ уһатан-кэҥэтэн, тустаах тэрилтэлэргэ бара сылдьыбакка, кыаллар да кыахтаах кыайтарбат түгэнэ баар суол.

Куорат дьаһалтата олохтоохтору кытта быһаччы үлэлииргэ дьулуһар, хас биирдии боппуруоһу кыраҕытык көрөр, быһаарар суолу тобулар. Онуоха нэһилиэнньэни кытта ыкса сибээһи олохтуур бары ньыманы туһанар.   

Ол курдук, бу сайын хаһыаппытыгар куорат баһылыга Сардана Авксентьева аккаунуттан куорат олохтоохторун көрдөһүүлэрин, ыйытыыларын, этиилэрин онно тустаах тэрилтэлэр хоруйдарын таһаарбыппыт.

Атырдьах ыйыгар Сардана Авксентьева бэйэтин Инстаграмыгар: “Күндү доҕоттор! Эһиги миигиттэн дьаһалта үлэтин араас хайысхаларыгар сыһыаннаах элбэх ыйытыыны биэрэҕит. Үксүн сиһилии, толору хоруйдары истиэххитин баҕараҕыт. Онон биһиги хамаанданан чопчу тиэмэлэринэн быһа эфирдэри ыытарга сүбэлэстибит. Оччоҕуна эһиги толору хоруйу ылар кыахтаныаххыт”, – диэн суруйбута.

Онтон ыла хас да быһа эфир буолан ааста. Куорат баһылыгын солбуйааччылар Евгений Григорьев, Наталья Степанова, Роман Сорокин, Георгий Гаврильев, Үөрэх управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.

Быһа эфир кэмигэр дьон-сэргэ тугунан тыынан олороро, кинилэр туох кыһалҕалаахтара, уопсайынан, норуот куолаһа иһиллэр. Сардана Владимировна этэринии, барытын киһи быһаарар.

Мантан ыла редакция көҕүлээһининэн, ааҕааччылар көрдөһүүлэринэн, дьаһалта өйөбүлүнэн, биһиги хаһыаппытыгар куорат баһылыгын колонката тахсар буолуоҕа. Онно эһиги ыйытыыларгытын, баһылык хоруйун бэчээттиэхпит.

Күндү ааҕааччылар!

Суруктаргытын kiin-kuorat99@mail.ru электроннай почтаҕа,

Инстаграмҥа @kiinkuorat.ru диреккэ,

+7 914 270-64-04 бассаапка күүтэбит. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...