08.02.2024 | 16:30

Баһылык энергетиктэр иннилэригэр отчуоттаата

Баһылык энергетиктэр иннилэригэр отчуоттаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат ааспыт 2023 сыллааҕы социальнай-экономическай көрдөрүүлэрин түмүгүнэн отчуоту Евгений Григорьев «Якутскэнергосбыт» ДЭК кэлэктиибигэр билиһиннэрдэ.
Баһылык киин куорат 2023 сыллааҕы сүрүн ситиһиитинэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри сайдыытын маастар-былаанын өйөөн, Арассыыйа бырабыыталыстыбатынан бигэргэтиллибитин ааттаата. 
Евгений Григорьев итини сэргэ үүммүт сылга үөрэх, суол тутуутун, тырааныспар, олорор дьиэнэн хааччыйыы, хомунаалынай хаһаайыстыба, спорт, физическэй кулуура, тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэрин иннигэр турар соруктары кэпсээтэ.


Отчуот кэнниттэн энергетиктэр салайар хампаанньалар өҥөнөн туһаныыга иэстэрин, муниципалитет салайар хампаанньалары талыыга уонна анааһыҥҥа кыттыыны ылыахтааҕын туһунан санааларын эттилэр, маны сэргэ Можайскай уул., 19 уонна Кыайыы пааркатыгар уулусса уотун тардар наадатын ыйдылар, куорат уопсастыбаннай тырааныспарын саҥа ситимин, маршрутнай оптуобустар схемаларын, Ефимов уулуссатын өрөмүөнүн уонна 17-с кыбаартал олохтоохторун көһөрүү болдьохторун интэриэһиргээтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...