Өбүгэ үгэһигэр сүгүрүйэн, төрүт ииһи өрө тутан
Үһүс этээс көрүдүөрүнэн ааһан иһэн көрдөхпүнэ, кини кэбиниэтин аана мэлдьи аһаҕас турар. Оҕолор уу чуумпутук олорон иистэнэллэр. Учуутала суох туох ааттаах көрсүөтүк олороллоруй диэн сөҕө саныыбын. Онтон өйдөөн көрбүтүм, учууталлара баар буолар. Оҕолору кытта оҕо буолан, бэйэтэ оҕо курдук, ол эрэн оргууй наллаан тугу эрэ ботугураан сэмэйдик быһаарар. Кэлин билсибитим, Дарья Иннокентьевна Романова эбит.
Идэтийбит маастар
Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар аан бастаан кэлэн баран, үһүс этээс 62 нүөмэрдээх кэбиниэтигэр үлэлээбитим. Дарья Иннокентьевна киэнэ – мин утары. Бастаан утаа дьону улаханнык билбэт буолан, кэбиниэппиттэн мээнэ тахсыбат этим. Биирдэ Дарья Иннокентьевна: “Хайа, һыллыый, үлэҥ хайдаҕый?” – диэбитинэн ыалдьыттыы киирэ сылдьыбыта. Онтон ыла миигин куруук “һыллыый” диэн ыҥырар. Итинник аа-дьуо киирэн кэпсэтэн-ипсэтэн, туоһулаһан-сураһан тахсар, сэһэргэһэр буолбуппут.
Арай оннук биир сырыытыгар альбом тутан киирдэ. Көрбүтүм, «Төрөөбүт дойдубар тапталым» айар үлэтин альбома эбит. Манна бааллар – кырадаһынтан кыынньан көөнньүбүт кымыстаах чорооннор, таҥастан таҥыллан тахсыбыт тыыннаах татыйыктар, матырыйаалтан айыллан үөскээбит аар айылҕабыт, оһуортан оҥоһуллан чочуллубут омуннаах олоҥхобут. Манна көстөр Дарья Иннокентьевна кырадаһын тойугун ис сүрэҕиттэн туойбута, төрүт иис илимигэр арахсыбаттыы иҥнибитэ. Өбүгэтин үгэһигэр сүгүрүйэр күүһэ, норуотун култууратыгар ытыктабыллаах сыһыана, төрөөбүт дойдутугар, төрүт буоругар уҕараабат таптала. Бу мин Дарья Иннокентьевналыын идэтийбит маастар быһыытынан аан бастаан билсиим этэ.
Уопуттаах уһуйааччы
Дарья Иннокентьевна Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар 1979 сыллаахтан үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
“Кырадаһын тойуга” устуудьуйа оҕоҕо кэрэ эйгэни билиһиннэрэр, иискэ билиини, сатабылы иҥэрэр, кырадаһынтан тигиллибит араас моһуоннаах, ойуулаах-дьарҕаалаах, тупсаҕай көстүүлээх оҥоһуктары саҥа технологиянан тигэргэ үөрэтэр аналлаах. Дарья Иннокентьевна оҕону иискэ уһуйарыгар араас интэриэһинэй көрүҥү, ньыманы тутуһан дьарыктыыр. Ол курдук, интегрированнай дьарыктар, музейга, быыстапкаларга, экскурсияларга сылдьыы, сатабылы чиҥэтэр араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттыы, биирдиилээн уонна кэлэктиибинэн сонун бырайыактары оҥорон таһаарыы, научнай-практическай конференцияларга кыттыы, реферат суруйуу. Бу барыта уһуйааччы дьаныардаах үлэтинэн, сатабылынан салайтаран оҕоҕо сөптөөх гына тэриллэр. Дарья Иннокентьевна норуот маастардарын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын палаататын, худуоһунньуктары, модельердары, музейдары кытары ыкса ситимнээх.
Дарья Романова – кыыс оҕоҕо аналлаах, өбүгэ үгэһин иҥэрэр «Наших предков светлое дыхание» сонун бырайыак ааптара. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара” анал бэлиэ хаһаайына буолан туран, кырадаһынтан иискэ туспа ураты ньымалардаах, бэйэтэ көрүүлээх уопуттаах уһуйааччы. Кини үөрэнээччилэрэ – Москва, Санкт-Петербург, Иваново куораттарга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах «Лоскутный стиль» быыстапкалар кыттыылаахтара.
Дарья Иннокентьевна хас биирдии үөрэнээччитигэр эбэлии эйэҕэс мичээрин, ийэлии иһирэх, сымнаҕас сыһыанын бары бэлиэтиибит, биһирии, кэрэхсии көрөбүт. Бу барыта кини оҕоҕо муҥура суох тапталын туоһулуур. Ол курдук, Коротких Инна, Николаева Таня, Саввинова Вика, Федотова Яна «Радуга севера», «Вышитая картина» уруһуй уонна уус-уран оҥоһуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларыгар кыттан, мэлдьи бириистээх миэстэҕэ тиксэллэрин киэн тутта кэпсиэххэ сөп.
“Кырадаһынтан иис” биир интэриэстээх оҕолору айар үлэҕэ түмэр, кэрэни кэрэхсии, үтүөнү өйдөөн көрөр дьоҕуру, фантазияны сайыннарар, өбүгэттэн кэлбит уус-уран оҥоһуктар историяларын билиһиннэрэр. Кустук сэттэ өҥүнүү дьэрэкээн кырааска олоҕор сиэтэн киллэрэр, өҥү-дьүһүнү дьүөрэлээн, кырадаһын тойугун туойдарар. Бэйэ-бэйэлэригэр барсар таҥас арааһын арааран, наардаан таларга уонна ону сатаан тэҥ гына быһарга үөрэтэр. Маныаха оҕо матырыйаал састаабын, оһуор арааһын билэргэ дьулуһар. Бу барыта сыралаах үлэттэн тахсар буолан, оҕо үлэни сыаналыы үөрэнэр. Ииһин түмүгэ, оһуора-мандара өбүгэтин үгэһин, норуотун култууратын илдьэ сылдьар буолан, харыстабыллаахтык сыһыаннаһа, ытыктыы улаатар.
Дарья Иннокентьевна тэрийбит «Память павшим» көрсүһүүлэрэ, аһаҕас дьарыктара, төрөппүттэри кытта бииргэ ыыппыт араас быыстапкалара, үөрэтэр оҕолорун норуот историятын ытыктыырга, кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммутун сыаналыырга, патриотическай тыыҥҥа иитэр. Үгүс ахсааннаах тыыл, сэрии бэтэрээннэрэ уһуйааччы үөрэнээччилэрин имигэс илиилэринэн тигиллибит оһуордаах оҥоһуктарын, бэлэх аккырыыккаларын тутан долгуйбут харахтара, истиҥ мичээрдэрэ төһөлөөх элбэх оҕо чараас сүрэҕин үөрүүнэн толорбута буолуой?
Ситим быстыбат, утум салҕанар
– Быыстапкаҕа кыттыы киһи эйгэтин кэҥэтэр. Бу – ураты эйгэ. Дьон үлэтин көрөҕүн, дьоннуун кэпсэтэҕин, сүбэлэтэҕин, ардыгар бэйэҥ да сүбэлиигин. Итинник быыстапкаларга сылдьан киһи ис кыаҕа арыллар, айар талаана уһуктар эбит.
Саха – талааннаах омук. Кэрэни кэрэхсиирэ, уранынан умсугуйара, үчүгэйгэ тардыһара хааныгар баар. Кырадаһынтан аттаран тигии дьулууру, тулууру эрэйэр, сыралаах үлэ түмүгэр айыллар, айымньылаах өйтөн-санааттан үөскүүр аналлаах. Иистэнньэҥ хас биирдии үлэтигэр сүрэҕин сылааһын иҥэрэн, ис кутун сыһыаран, оһуор-мандар түһэрэн оҥорон таһаарар буоллаҕа. Ол да иһин хас биирдии үлэ хатыламмат уратылаах, эриэккэс дьиктилээх, абылыыр, сөхтөрөр күүстээх. Ити курдук саха төрүт ииһин ситимэ быстыбат, утума салҕанар, – диэн санаалаах Оҕо айымньытын дыбарыаһын киэн туттар ытык киһитэ Дарья Иннокентьевна Романова.