05.09.2023 | 13:07 | Просмотров: 490

Бүддьүөт уонна кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэри куонкуруска ыҥыраллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат уонна социальнай коммуникациялар дьыалаларыгар Министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2023 сыл от ыйын 24 күнүттэн балаҕан ыйын 24 күнүгэр диэри ыытылла турар «Среда возможностей» бырайыактар аһаҕас куонкурустарыгар сайаапкалары хомуйар.

Манна даҕатан эттэххэ, куонкурус Тимченко Пуондатын саҥа стратегиятын чэрчитинэн ыытыллар, кини соруга – дьоҕус территорияларга оҕолор уонна үнүгэс оҕолор олохторун тупсарар, өйүүр уонна сайыннарар эйгэни тэрийии.

Куонкуруска кыттарга бүддьүөт тэрилтэлэрэ – оскуолалар, оҕо уһуйааннара, култуура дьиэлэрэ, музейдар, библиотекалар, ыччат кииннэрэ, дьиэ-кэргэттэри  уонна оҕолору кытта үлэлиир биир кэлим социальнай кииннэр, 50 000 диэри ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннар идэни баһылыырга үөрэтэр, итиэннэ кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэрэ кыттыахтарын сөп.

Кыайыылаахтар бырайыактарын сайыннарыыга уонна кэҥэтиигэ 2024 сыл алтынньы 31 күнүгэр диэри болдьоххо 1 000 000 солкуобай кээмэйдээх тус сыаллаах көмөнү уонна эксперт сүбэтин ылыахтара.

Куонкурус усулуобуйатын уонна сайаапканы хайдах толорор туһунан сайтка билсиэххитин сөп: https://contest.timchenkofoundation.org/sreda-vozmozhnostey.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.