«Азия оҕолорун» Оонньуулара — ил-эйэ, доҕордоһуу түһүлгэтэ
Бу күннэргэ киһи аймах бүттүүнүн болҕомтото Дьокуускайга буола турар “Азия оҕолорун” VIII-с Спортивнай оонньууларыгар уонна “Дыгын оонньууларыгар” туһаайылынна. Ону аан дойду биэс континеныгар олорор биир дойдулаахтарбыт аныгы сибээс ситиминэн үллэстэллэрин көрөр-истэр. Дьэ, киһи сөҕөр баһырхай сайдыыта! Үөрэбит, киэн туттабыт!
Ыалдьыттарбыт сөҕөллөр!
Оонньуулар саҕаланыахтарын иннинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Николаев, Ил Түмэн дьокутаата, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Георгий Балакшин, өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын спортсмен оҕолорун кытта көрсөннөр, ситиһиилээхтик кытталларыгар баҕа санааларын, алгыстарын эттилэр. Оҕолор ааттарыттан көҥүл тустууга Арассыыйа призера Айхаан Кривошапкин үчүгэйдик кыттарга мэктиэлээтэ.
“Оҕолор Олимпиадаларынан” сүрэхтэммит Оонньууларга 24 Азия дойдутуттан уонна Арасссыыйа 5 регионуттан 3000 кэриҥэ кыттааччы түмсэн, спорт 24 көрүҥэр күрэхтэһэ сылдьаллар. Бэс ыйын 26 күнүгэр “Азия оҕолоро” НИСО Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа үөрүүлээхтик аһылынна. Киэҥ Сахабыт сирин улуустарын, оройуоннарын бүттүүннэрин хабан кэлбит Оонньуулар уоттарын Пекиннээҕи Олимпийскай оонньуулар боксаҕа боруонса призера Георгий Балакшин уматта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Николаев, Арассыыйа спорка миниистирэ Михаил Дегтярев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыыппыт эҕэрдэтин ааҕан иһитиннэрдэ, Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков, “Азия оҕолоро” НИСО Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов эҕэрдэлэрэ дуораһыйда. Арассыыйа сайдыытын историятын арыйан көрдөрөр киэҥ, баай ис хоһоонноох, маассабай, култуурунай бырагыраама көрдөрүлүннэ.
Дойду спорка миниистирэ Михаил Дегтярев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Николаевы кытта көрүстүлэр, 2030 сылга диэри Саха сиригэр физкултуура уонна спорт сайдыытын, ГТО нуормаларын хото туттарыылар ыытыллалларын, дьарыктаныы маассабаһын 70 % тиэрдэргэ үлэ көхтөөхтүк барарын уонна “Азия оҕолорун” тэрээһинин кэпсэттилэр. Спортсмен оҕолор кырдьыктаах, сэргэх киирсиилэри көрдөрөллөрүгэр, спорт саҥа сулустара тахсалларыгар эрэллэрин, баҕа санааларын биллэрдилэр. Салгыы дойду спорка миниистирэ, Чурапчы спорка институтун ректора Иннокентий Готовцевы кытта көрсөннөр, институт материальнай базатын бөҕөргөтүүнү кэпсэттэ, Сайсары оройуонугар Ильменскэй уулуссаҕа саҥа тутуллубут “Чыпчаал” спорт комплексыгар спортсмен оҕолору кытта көрүстэ, волейболга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын эрчиллиилэрин, “Модун” спорткомплекска спорт сахалыы көрүҥнэрин кытта билистэ, атах оонньооччулар, мас тардыһааччылар, хапсаҕайдьыттар, “тутум эргийээччилэр” эрчиллиилэрин сэҥээрэн көрдө-иһиттэ, биһириирин биллэрдэ, ох саанан ытан холонно.
Дьокуускай куорат уулуссаларынан хаамтахха, араас омук дойдуларын хамаандаларын спортсмен оҕолорун көрсөҕүн. Хантан сылдьалларын көрдөрөр суруктаах-бичиктээх, ойуулаах-мандардаах спортивнай формалаахтар, үрүсээктээхтэр. Тренердэрэ салайан илдьэ сылдьаллар. Сахабыт сирин волонтер оҕолоро арыаллыыллар. Курбуу курдук уһун, икки миэтэрэни чугаһатар баскетболунан дьарыктанар Роберт Лыткин волонтердар сыалларын-соруктарын билиһиннэрдэ. “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһын тохтобулугар Узбекистан чэпчэки атлетикаҕа хамаандатын оҕолоро оптуобустарын кэтэһэ турдахтарына көрсөн кэпсэттибит. Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадионугар эрчиллэн иһэллэр. Ким кэпсэтиэн баҕарарый диэн ыйыталаспыппытыгар, тренердэрэ этэн, Ташкент оскуолатыгар тохсус кылааһы бүтэрбит Матвей диэн үрдүк уҥуохтаах, хатыҥыр уол мичээрдии-мичээрдии утары хааман кэлэн, симик соҕустук да буоллар, ыйытыыларбытыгар хоруйдаата, Сахабыт сириттэн, спорт объектарыттан астыммытын биллэрдэ. Тренердэрэ да, астыммытын биллэрэн, “Саха сирин кэрэспэдьиэнэ кэпсэттэ, араадьыйаҕа, “Азия оҕолорун” дневнигэр сырдатыллар буоллубут» дии хаалла. Омук дойдуларын оҕолоругар ситиһии тосхойдун! Ыалдьыт спортсмен оҕолор бары да үөрэ-көтө сылдьалларыттан киһи дуоһуйууну ылар.
Илин-кэлин түсүһүүлэр, кытаанах киирсиилэр
Оонньуулар саҕаламмыттара нэдиэлэ кэриҥэ кэм ааста. Куйаас, бэртээхэй күн-дьыл турар, ардыгар ардахтаан, сөрүүкэтэн ылар. Күннэтэ хартыына уларыйа турар. Узбекистан, Сибиир, Беларусь, Москва, Урал, Уһук Илин хамаандалара инники күөҥҥэ сылдьаллар. Сахабыт сирин икки хамаандаларын мэтээллэрин ахсаана хонон турдах аайы эбиллэн иһэр. Хамаандалар көрдөрүүлэрэ кыһыл көмүс мэтээл ахсаанынан сыаналанар. Маҥнайгы күннэртэн кыайыы-хотторуу хомолтото, үөрүүтэ спорт сүрүн аргыстарын быһыытынан батыһа сылдьаллар. Онтон туора турбаккын.
“Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһыгар “Саха” хамаандалара мини-футболга бастакы оонньууларыгар Кыргызстан хамаандатын 9:3, Узбекистаны 4:1 кыайталааннар, үчүгэйдик иһэллэр. Хомсомуол болуоссатыгар “3х3” баскетболга кыргыттарбыт Сибиири 11:10, Узбекистаны 11:8, Уһук Илини 13:9 хотуталааннар, “ыалдьааччыларын” үөртүлэр эрээри, Казахстан хамаандатыгар 7:11, Белоруссияҕа 7:21, Уралларга 2:4 баһыйтартаатылар. Кыргыттарбыт хамаандалара Казахстаны кытта үһүс бириистээх миэстэни былдьаһыахтара. Баскетболист уолаттарбыт Казахстаны 20:19 баһыйан баран, Таиланд хамаандатыгар 11:21, Сибииргэ 4:15, Уһук Илиҥҥэ 12:15 сабырыйтардылар. “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаска түмүктэммит дзюдоҕа боруонса мэтээллэри 52 кг Лейла Неупокоева уонна Евгения Чебезиева ылаттаатылар. КФЕН-ҥа буола турар саахымакка Альберт Постниковпыт кыайыыларынан саҕалаабыта. “Сулус” спорткомплекска буола турар остуол тенниһигэр Чурапчыттан Изот Кривошапкиммыт, Москваҕа Олимпийскай эрэл училищетыгар үөрэнэр буолан, Москва хамаандатыттан кыттар эрээри, син биир бэйэбит уолбутунан ааҕабыт. Күрэхтэһиини үчүгэйдик саҕалаабыта. Иккиэ буолан пааранан оонньооһуҥҥа Павел Романовскайдыын бастаатылар. Чэпчэки атлетикаҕа ыалдьыттарбыт үчүгэй бэлэмнээхтэрэ көһүннэ. Буулдьанан ытыыга Виктория Ераскумова үрүҥ көмүс мэтээллэннэ.
Маҥнайгы кыһыл көмүс мэтээллэр!
Тхэквондо Сахабыт сирин хамаандатыгар үөрүүнү аҕалла. Уолаттарга Мииринэйтэн Максим Габрышев 73 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга уонна кыргыттарга 73 кг үөһэ Наталья Лазарева боруонса мэтээллэннилэр. Кыргыттар 44 кг финалларыгар Дьокуускайтан Виктория Татаринцева Уһук Илинтэн утарсааччытын Виктория Беляеваны кытаанах киирсиигэ элбэхтик табыталаан баһыйа тутта уонна кыһыл көмүс мэтээли ылла!
Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа сахалыы атах оонньуутугар 14-15 саастаах оҕолор күрэхтэһиилэрэ түмүктэннэ. Мэҥэ Хаҥалас Майатын спорт оскуолатын иитиллээччитэ Максим Семенов кылыыга 41 м 40 см түһэн бастаата уонна “Азия оҕолорун” рекордун олохтоото, ыстаҥаҕа иккис үчүгэй көрдөрүүлэннэ, куобахха 33 м 27 см көрдөрүүлээх бастаата уонна үс көрүҥ түмүгүнэн абсолютнай чөмпүйүөн буолары ситистэ: “Азия оҕолорун” рекордун олохтоон, атах оонньууларыгар үс кыһыл көмүс мэтээллэри аҕалла! Өлүөхүмэттэн Марк Никитин – иккис, Ньурбаттан Арылхан Андреев үһүс үчүгэй көрдөрүүлэннилэр. Кыргыттарга үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэри Өлүөхүмэттэн Дарья Громова, Чурапчыттан Маргарита Тумакова аҕалтаатылар. Москва хамаандатыттан Анна Андреева үс көрүҥҥэ үһүөннэригэр эрэллээхтик бастаата уонна абсолютнай чөмпүйүөн буоларын ааһан, «Азия оҕолорун» Оонньууларын рекортарын олохтоото.
Чэпчэки атлетика үстэ төхтөрүйэн ойуу көрүҥэр (тройнойга) Альберт Винокуров 13 м 98 см түһэн, Оонньуу чөмпүйүөнэ буолары ситистэ.
Мас тардыһыытыгар уолаттарбыт эрэлбитин түһэн биэрбэтилэр. 50 кг Тимир Луковцев, 60 кг Александр Захаров, 80 кг Роман Тарабукин, 80 кг үөһэ Харысхан Габышев чөмпүйүөн үрдүк ааттарын ылаттаатылар.
“Азия оҕолорун” Оонньуулара салҕанар.
Дьулустаан Ноговицын «Дыгын оонньууларын» кыайыылааҕа!
Дьокуускайга буола турар “Азия оҕолоро” Оонньуулары даҕаспытынан Улуу Туймаада сайыны көрсөр уйгу тунах ыһыаҕар “Дыгын оонньууларын” дьолуо түһүлгэтэ түмүктэннэ.
Сылы тиргиччи, ус кыһын устата сүүмэрдэнэн, икки күннээх эт-тирии элэйэр, сыра-сылба баранар 12 талыы боотур ньиргиэрдээх киирсиилэригэр Сунтаартан Алексей Соколов (“тутум эргииргэ” 2 м) – уон иккис, Тимофей Большаков – уон биирис, Үөһээ Бүлүүттэн Владимир Шологонов – онус, Кэбээйиттэн Алексей Уваровскай (“3х3” 3м) – тохсус, Орто Халыматтан Алексей Созонов (400 м 1м) – ахсыс, Ньурбаттан Николай Обоев (“3х3” 2м) – сэттис, Чурапчыттан Павел Друзьянов (мас тардыһыытыгар 3м) – алтыс, Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Ботуев (“тутумҥа” 3м) – бэһис, Кэбээйиттэн Яков Дмитриев (“3х3” 1м, хапсаҕайга 3м) төрдүс миэстэлэннилэр.
Биирдиилээн көрүҥнэринэн бастаабыттар – Яков Дмитриев (Кэбээйи), Дьулустаан Ноговицын (Горнай), Артем Дьяконов (Кэбээйи), Алексей Созонов (Орто Халыма), “таас көтөҕүүгэ” Дьулустаан Ноговицын (Горнай) “Альфа-миэбэл” олохтообут 50-нуу, миэстэлэспиттэр 20-лии тыһ. солк. биһирэннилэр.
Алта көрүҥ түмүгүнэн “тутум эргииргэ”, хапсаҕайга бастаталаабыт, оҕунан ытыыга үһүс буолуталаабыт Кэбээйи 20 саастаах уолана Артем Дьяконов 24 очколаах эрэллээхтик бастаан испитэ.
Абсолютнай кыайыылааҕы “Таас көтөҕүү” быһаарда. 132 кг сымара тааһы 150 м саамай ыраахха көтөҕөн илдьэн, Горнайтан “Дыгын оонньууларыгар” онус төгүлүн кыттыбыт саамай аҕам саастаах боотур Дьулустаан Ноговицын абсолютнай чөмпүйүөн буолары ситистэ уонна 1 000 000 солк. сүрүн бириис сертификатын “Прогресс” тутуу тэрилтэ гендириэктэрэ Алексей Пинигин илиититтэн тутта. Амматтан Борис Сдвижков иккис миэстэлэнэн, 600 тыһ. солк. сыаналаах пилораманан, Кэбээйиттэн 20 саастаах Артем Дьяконов үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэн, 350 тыһ.солк. кээмэйдээх бирииһинэн, өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, кубоктарынан наҕараадаланнылар.
Сыра-сылба баранар киирсиилэрэ илистиилээхтэр. Боотурдар кыайыыга дьулуһуулара сөхтөрөр. Боотурдар өтөрүнэн умнуллубат сэргэх түгэннэри бэлэхтээтилэр, эҕэрдэлиибит!