18.03.2022 | 20:00

Айылҕаны кытары ситим быстыбат

Айылҕаны кытары ситим быстыбат
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ийэ айылҕабыт бэйэтэ анаан үүннэрэр эмтээх отун-маһын көдьүүстээхтик туһаныы билиҥҥи кэмҥэ ордук суолталанна. Эмп-томп тиийбэт, сыаната күн аайы үрдүү турар кэмигэр бэйэбит ис кыахпытын туһанарбыт ордук. Үөскээбит үрэхпитигэр, төрөөбүт алааспытыгар үүнэр эмтээх үүнээйини билии, сатаан эми-тому оҥоруу, таба туһаныы курдук уустук боппуруостар үөскээн тахсаллар. Эмтээх үүнээйини мээнэ хомуйуу, харайыы, оҥоруу, туттуу уонна эмтэнии туһалыырынааҕар буортулуон сөп. Онон анаан үөрэтии, сөпкө туһанары билии наада.

Үүнээйиттэн эми оҥоруу

Эми оҥорорго үүнээйи ханнык баҕарар чааһын туһаналлар. Оҥоһуллар эмп көрүҥнэрэ: сибиэһэйдии туттуу, көөнньөһүнньүк (настой), бороһуок, от уута (отвар), маас, настойка.

1. Тас бааска (кутургуйаҕа, төллүгэҥҥэ, ириҥэлээх бааска, биилээххэ өлөрүүгэ) үүнээйи сэбирдэхтэрин үргээн аҕалан, тэнитэн, хас да хос уурталаан саба баайан эмтэниллэр.

2. Хатарыллыбыт үүнээйи сэбирдэҕин, сибэккитин үлтүрүтэн бороһуок буолуор диэри мэлийиллэр. Тирии бааһын сорох көрүҥүн уонна айах бааһын эмтэниллэр.

3. Көөнньөрүүгэ эмтээх үүнээйилэри маннык туһаныллар: хатарыллыбыт сырьену үлтүрүтүллэр, онтон улахан ньуосканан биир ыстакаан (200 мл) оргуйбут итии ууга кутуллар, булкуйуллар. Итиэннэ хаппахтаан баран, сылаас сиргэ (оһох аттыгар, батарея үрдүгэр) сойуор диэри ууруллар. Сойбутун кэннэ сиидэлэнэр. Көөнньөһүк бэлэм. Маннык оҥоһуллубут эми биир күн иһиллэр.

4. Арыый күүстээх дьайыылаах эми ылар туһугар оту оргутуллар. Үксүн силиһин кырбаан туттуллар. Ыстакаан ууга биир улахан ньуоска кырбаммыт силиһи мөлтөх уокка 20 мүнүүтэ оргутуллар. Уута уоллаҕына, оргуйбут уунан толорон бэриллэр. Сойбутун кэннэ сиидэлэниллэр. От уутунан биир-икки күн эмтэниэххэ сөп.

5. Мааһы оҥорууга сибиинньэ ис сыатын, ынах сибиэһэй арыытын туттуохха сөп. Онуоха бастаан үүнээйини бороһуок гына мэлийиллэр уонна 1:10 тэҥнээн биир маассаны оҥоруллар.

 6. Көөнньөһүк водкаҕа эбэтэр испииргэ оҥоһуллар. Бэлэм сырьену үрүҥ арыгыга (1:5) нэдиэлэ устата көөнньөрүллэр. Эмп кээмэйин эмтэнээччи сааһыттан, доруобуйатын туругуттан, хайдах ылынарыттан көрөн аныыбыт. Көөнньөһүк үксүн ньуосканан, ыстакаанынан кээмэйдэнэр. Холобур, 1-4 саастаах оҕолорго остолобуой ньуоска алта гыммыт биирин – түөрт гыммыт биирин, 4-10 саастаахтарга – остолобуой ньуоска үс гыммыт биирин, 10-14 саастаахтарга – биир остолобуой ньуосканы, 14-18 саастаахтарга – остолобуой ньуоска үс гыммыт иккитин диэн.

Онтон үөһээ саастаахтарга – улахан ньуоска. Кыра оҕолорго кээмэйэ халбаҥныан сөп.

Аан маҥнай эмтэнээччилэр сэрэхтээхтик, сыпсырыйан эрэ көрөн боруобалыахтарын наада.

 

(Клара Токумова, Петр Токумов "Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ" кинигэлэриттэн)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...