22.05.2021 | 08:53

Айылҕабыт дьикти күүстээх

(Норуот эмчитэ Эбээ Өлөөнө сүбэтэ)
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сандал сааспыт сылаас салгынынан сайа тыынан сатыылаата. Ийэ айылҕабыт унньуктаах уhун утуйар уутуттан уhуктан, тыыллан-хабыллан чэлгийэн эрэр. Сотору оттуун-мастыын силигилии ситэн, күөх дуйга куустарыа турдаҕа. Сааскы кэм саха барахсаҥҥа олус да күүтүүлээх күндү буолаахтаатаҕа. Мин саллар сааhым тухары оту-маhы туhанан эмтээн кэллим. Ол былаhын тухары айылҕа сүдү күүhүн сөҕөрүм сөҕүрүйбэт. Биhиги Сахабыт сирин айылҕата олус дьикти кэрэ уонна эмтээх. Мин отоhуттаан эмтиир киhи санаан көрдөхпүнэ, биhиги бэйэбит айылҕабытыттан, тулалыыр эйгэбититтэн, оппутуттан-маспытыттан, бэйэбитигэр үүнэр эмтээх отторбутуттан-мастарбытыттан, таастарбытыттан, үөннэрбититтэн-көйүүрбүтүттэн тэйдибит, аанньа ахтыбат буоллубут дии саныыбын. Ол аата биhиги бэйэбит киэнин ситэ сыаналаабаппыт. Ол кэриэтин биhиги араас тас дойдулартан хото тиэллэн кэлэн маҕаhыыннарга ыарахан сыанаҕа атыыланар отторун-мастарын төhөнү баҕарар сүгэн-көтөҕөн, төhө баҕарар сыанаҕа атыылаhыахпытын сөп. 
Дьиҥинэн, онтон ылар эмпит-томпут биhиэхэ бэйэбитигэр тулабытыгар барыта баар. Хас биирдии саха ыалын тиэргэнигэр киhи доруобуйатыгар солбуллубат туhалаах от толору. Аҕыйах холобуру аҕаллахха, ол – чыычаах ото, үөрэ, хатыылаах отторбут. Мин биирдэ санаан көрдөхпүнэ маннык. Тулабытыгар үүнэр араас эмтээх отторбут-мастарбыт ордук күүстээхтэр. Тоҕо оннугуй диэтэххэ, биhиги сэттэ-аҕыс ыйдаах тымныыбытыгар от-мас утуйан, сынньанан күүс-уох ылар. Ол мастарбыт, үүнээйилэрбит саас буолла даҕаны тыллыбытынан бараллар. Аны лабыктаны былыр сут-кураан дьыллар саҕана, аҕабыт биhигинэн үргэтэрэ уонна хаппытын кэннэ үлтү мэлийэн баран, бурдукка аҥаардыыны булкуйан лэппиэскэ, баахыла оҥорон сиирбит. Сүрдээх минньигэс буолара. Өссө үөрэ ото бутукайынан утахтанан, күнү быhа киэhэ хойукка диэри аччыктаабакка сылдьар буоларбыт. Лабыктаны сылытан баран, искэҥҥэ баайан хоно сырыттахха искэн суох буолар. Оччоҕо үтүөрэргэ бараҕын. Ааспат сөтөлгө үүккэ көөнньөрөн хаста эмэ истэххэ сөтөл олох ааhар. 
Манна диэн эттэххэ, киhи диэн хабахха кутуллубут хаан курдук. Хаана ыраас буоллаҕына, киhи ыарыыга, дьаҥҥа-дьаhахха ылларбат. Оҕо эрдэхтэн оту, үүнээйини иhэ сырыттахха, киhи үйэтин быдан уhатыан сөп. Ол курдук оппут-маспыт биhиэнэ күүстээх. Холобур, хатыҥ бүөрэ хайдахтаах да кыhыҥҥы томороон тымныыга көрдөххө, күп-күөх турар буолар. Олох тоҥмот, кыhын көрөөрүҥ эрэ. Ол аата биhиги айылҕабыт бэйэтэ дьиктилээх, күүстээх. Ол иhин биhиги бэйэбит киэнэ, бэйэбитигэр сүрдээх көмөлөөх уонна күүстээх диэн өйдөбүллээхпин. Холобур, ити соҕуруу дойдуларга үүнэр оттор-мастар бэйэлэрин сытыйбыт почваларыттан уоҕурдунан төгүрүк сылы супту үүнэ тураллар. Мин ону наhаа үчүгэй дии санаабаппын. Кини оннук мэлдьи үүнэн туран эмтиир дьоҕура мөлтөх соҕус буолуохтаах, бука. Тоҕо диэтэххэ, кини биhиэнин курдук, бу үлүгэр тыбыс-тымныы тоҥ буору тобулу үүнэн силигилээн тахсыбат. Ити ньургуhуну көр эрэ, хаар уулунна да, быкпытынан барар. Ол аата кини олус күүстээх. Ол иhин ньургуhун биhиги доруобуйабытыгар олус туhалаах, ону ааhан кинини көрөн даҕаны энергия, күүс-уох ылаҕын. Кинилэр киэннэрэ мөлтөх буолуо диэн сэрэйэрим туохтан төрүөттээҕий диэтэххэ, соҕуруу дойдуларга бырамыысыланнастара олус сайдыбыт, күүстээх. Айылҕаны төhөлөөх алдьатан-кээhэтэн турара буолуой? Аны туран, массыыналара сири аннынан, үрдүнэн айанныыллар. Үөhэнэн эмиэ көтөллөр – ааллар. Ити үүнэн турар окка-маска төhөлөөх буортуну аҕалара буолуой. Ол иhин биhиги, бэйэбит бэйэбитин ытыктаhарбыт курдук, оппутугар-маспытыгар бүүс-бүтүннүүтүгэр ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыhыаннаhыахтаахпыт. Уопсайынан, киhи сааhыттан тутулуга суох, бэйэбитигэр үүнэр оттору-мастары туhаныахтаах. Остуолга наар турар буолуохтаах. Ол-бу полуфабрикаттарынан үлүhүйүө суохтаахпыт. Тулабытыгар үүнэр от-мас олус күүстээх. Холобур, кытайдар биhиэхэ кып-кыра иhит сыыhыгар аҕалан эми атыылыыллар. Кинилэр ону, сирдэрэ суох буолан, дьааhыктарга хас эмэ хаттыгастаан дьаарыстаан үүннэрэллэр. Ол төhө үчүгэй буолуоҕай. Оттон биhиэнэ хочобутугар — айылҕаҕа төhө баҕарар үүнэр. Аҕыйах сыллааҕыта биир кытай киhитэ Саха сиригэр ыалдьыттыы сылдьан сыhыыга, сиргэ тахсан баран: «Тыый, бу эмтээх отторгутун тэпсэ сылдьар эбиккит буолбаат!», – диэн сөҕөн саҥа аллайбыттаах. Көр эрэ, бу, кэлии дьон хайдах курдук оннооҕор биhиги айылҕабытын сыаналыырын. Оттон биhиги? Бэйэбит айылҕабытын баардыылаабаппыт, эгэ, эмкэ-томко туhаныахпыт дуо? Ити курдук холустук, тоҥуйдук сыhыаннаhарбыт тохтууругар уолдьаста. Кэнники кэмҥэ кытайдар Арассыыйа сирин-уотун уhун сылга түүлэhэн ылан, маhы хото таhалларын туhунан сурахтар иhиллэллэр. Бу былыргы улуу кытай омуга оҕуруктаах өйүкэтин ньии! Ити курдук, маҥнай, кыралаан кыраныысса сирдэригэр быстах-остох сирдэри түүлэhэн ылан, иhирдьэ өтөн киирэр кутталлаахтар. Онтон ордук хомоторо диэн, биhиги айылҕабыт отун-маhын, үүнээйитин эмп-том оҥорон бэйэбитигэр ыарахан сыанаҕа атыылыахтара турдаҕа. Кытай омуга тугу сатаабатаҕа баарай!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....